Үйэлээҕи, кэскиллээҕи хаалларбыта

Балаҕан ыйын 5 күнүгэр Индигир нэһилиэгэр Арассыыйа Бэдэрээссийэтин уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа оскуолаларын үөрэҕириитин айар Академиятын академига, «Учууталлар учууталлара”, “Сыл бастыҥ дириэктэрэ”, «Үйэ дириэктэрэ» Николай Алексеевич Брызгалов төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах «Учуутал, эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит» тэрээһин ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ нэһилиэк олохтоохторо, ыҥырыылаах ыалдьыттар, үөрэнээччилэр, учууталлар, иитээччилэр уонна төрөппүттэр сырыттылар.


Күһүҥҥү күн чаҕылыйан турдаҕына, сарсыардаттан саҕалаан, Н.А.Брызгалов аатынан Индигир орто уопсай үөрэхтээһинин оскуолатыгар элбэх киһи тоҕуоруһа муһунна. Ыҥырыылаах ыалдьыттары учууталлар, үөрэнээччилэр, оскуола үлэһиттэрэ үөрэ-көтө көрүстүлэр. Оскуола иннигэр Николай Алексеевич Брызгалов өйдөбүнньүк бүүһүгэр (бюст) киһи хараҕа хатана түһэр. Тэрээһин Арассыыйа, Саха сирин гимнин доҕуһуолунан үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҕаланна. Николай
Алексеевич Брызгалов өйдөбүнньүк бүүһүгэр оскуола 10 кылааһын бастыҥ үөрэнээччитэ, “Ай-тал” оҕо түмсүүтүн бэрэсидьиэнэ Күннэй Иванова тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууран, тэрээһин саҕаламмытын бигэргэттэ. Оскуола үлэһиттэрэ, учууталлар, иитээччилэр, үөрэнээччилэр уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар киэргэммит оскуола спортивнай саалатыгар киирдилэр. Тэрээһин сүрүн чааһын оскуола киэн туттар учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Антонина Васильевна Слепцова хомоҕой тылынан саҕалаата.
Николай Алексеевич Брызгалов бастакы үөрэппит оҕолорун ааттарыттан кэнчээри ыччаты иитиигэ өр сылларга бэриниилээхтик үлэлиир бэтэрээн иитээччи Евдокия Иннокентьевна Слепцова бэрт интэриэһинэйдик оскуолатааҕы сылларыттан Николай
Алексеевиһы учуутал, дириэктэр быһыытынан иһирэх тылынан ахтар.


Бииргэ үлэлээбит учууталлар ааттарыттан биология, химия, земледелие предметтэрин өр сылларга үөрэппит, үтүө суобастаахтык үлэлээбит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, бэтэрээн учуутал Вера Иннокентьевна Местникова биир идэлээҕин, дириэктэрин туһунан дьон дууһатын таарыйар истиҥ тылларынан ахтан ааста.
Эн-мин дэһэн, эйэ дэмнээхтик ыаллаһан олорбут аймаҕа, биир кэмҥэ үлэҕэ-хамнаска эриллэн алтыспыт киһитин туһунан үлэ бэтэрээнэ Виталий Гаврильевич Слепцов бэрт сонуннук кэпсээтэ.
Николай Алексеевич үөрэнээччитэ, учуутал идэлээх, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара”, билигин үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы Надежда Петровна Слепцова оскуолатааҕы кэмнэриттэн оҕо сааһын биир умнуллубат түгэнин төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр сыаллаах, туристическай похуокка сылдьыбыттарын быһа тардан ахтыы оҥордо.
Бииргэ бултаан-алтаан, хара тыаны кэппит, айылҕаҕа, үлэҕэ бииргэ сылдьан үгүстүк алтыспыт киһитэ, ыал аҕа баһылыга Егор Гаврильевич Черов Николай Алексеевич туһунан бэрт интэриэһинэйи кэпсээтэ.
Николай Алексеевич үлэлиир кэмигэр эдэр учууталларга үтүө сүбэтин, уопутун тиэрдэр наставник этэ. Индигир орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала Элеонора Геннадьевна Слепцова Николай Алексеевичтан кэккэ сылларга бииргэ үлэлээбит кэмигэр элбэх сүбэ-ама ылбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна махтал тылларын тиэртэ.
Николай Алексеевич Брызгалов бэйэтин кэмигэр спортивнай хамсааһын актыбыыһа, сүрүннээччитэ этэ. Кини туйаҕын хатарбыт үөрэнээччитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, билигин оройуоҥҥа эмиэ спортивнай хамсааһыны сырдатааччы, спорт бэтэрээнэ Александр Васильевич Слепцов учууталын туһунан истиҥник ахтан-санаан ааста.
Оҕолор эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, кэрэ эйгэҕэ сыстан үтүө киһи буолалларыгар Николай Алексеевич үгүс сыратын уурбута. Кинини кытта бииргэ үлэлээбит Мария Гаврильевна Корякина “Индигир уолаттара” ансаамбылы 2003-2006 сылларга салайан үлэлэппит, эбээн норуотун култууратын сырдатааччы, тарҕатааччы, олохтоох мелодист дириҥ ис хоһоонноох ахтыы оҥордо. Ол кэмҥэ ансаамбыл “Золотая амфора» международнай куонкуруска лауреат, дипломант үрдүк аатын ылбыттарын бэлиэтээтэ. Ону таһынан оскуола үөрэнээччитэ Вася Слепцов Японияҕа баран кыттар чиэскэ тиксибитэ. Бу манна Николай Алексеевич өҥөтө улахан этэ.
Ырыа-үҥкүү алыптаах, оҕолору кэрэ эйгэтигэр уһуйааччы, култуура үтүөлээх үлэһитэ Анна Митрофановна Федорова Николай Алексеевиһы кытта уһуннук бииргэ алтыһан үлэлээбитин истиҥник үтүө тылларынан аҕынна уонна оскуола бибилэтиэкэтигэр кинигэ бэлэхтээтэ.
Муома үөрэҕириитин управлениетын начальнига Айталина Афанасьевна Крупышева, Муома орто оскуолатын дириэктэрэ Василина Васильевна
Тихонова Индигир оскуолатын кэлэктиибигэр суолталаах тэрээһини ыыппытарын бэлиэтээн, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Николай Алексеевич Брызгаловы кытта бииргэ үлэлээн, билсэн, алтыспыт Антонина Ильинична уонна Алексей Алексеевич Никулиннар ахтыыларын, эҕэрдэ тылларын куйаар ситимин нөҥүө тиэртилэр, дьон сэҥээриитин ыллылар.
Николай Алексеевич кэргэнэ РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, учууталлар учууталлара Александра Иннокентьевна Брызгалова кыттан тэрээһин суолтатын үрдэттэ. Кини кэнчээри ыччаты иитиигэ, үөрэтиигэ 50-ча сылы анаабыта, ол иһигэр Индигир орто оскуолатыгар 43 сыл саха тылын уонна литературатын учууталынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Кэргэнин туһунан истиҥник санаан, үлэлээбит кэмнэрин ахтан, билигин үлэлии сылдьар кэлэктиипкэ махтанан, урукку тэтимнэрин ыһыктыбакка үлэлииллэригэр баҕа санаатын, алгыһын тиэртэ. Оскуола дириэктэрэ Илья Васильевич Никифоров кэлбит ыалдьыттарга махтанан, тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааспытын бэлиэтээтэ.
Салгыы кэлбит ыалдьыттар оскуола түмэлигэр сырыттылар, элбэх интэриэһинэйи көрдүлэр, манна оскуола үөрэнээччилэрэ бэйэлэрэ кэпсээбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Онтон сандалы тула олорон, Николай Алексеевич үгэһин тутуһан, сылаас итии чэйдээх истиҥ кэпсэтии, сэһэргэһии буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт дьон
Николай Алексеевич Брызгалов туһунан элбэҕи истэн, билэн-көрөн бардылар, кини туһунан олус сылаастык, иһирэх тылынан ахтан тарҕастылар. Иккис дойду оҥостубут Муоматыгар Николай Алексеевич
Брызгалов кэскиллээҕи, үйэлээҕи оҥорон хаалларбыта. Ол курдук Индигир орто оскуолатыгар 30 сыл дириэктэринэн үлэлиир кэмигэр хоту дойдуга оҕуруот аһын өлгөмнүк олордуутун, оҕолору үлэҕэ сыһыаран иитии үтүө холобурун киллэрбитэ. Кини үлэтин сүрүн сыалынан оҕо олоххо миэстэтин сөптөөхтүк булан, дойдутугар бэриниилээх буоларын ситиһии этэ. Ол да иһин кини салайбыт оскуолатыгар үөрэппит оҕолоро айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Бу буолар Николай Алексеевич оҕону иитиигэ дьүккүөрдээх үлэтин үтүө түмүгэ.
Хас биирдиибитигэр аҕа көлүөнэттэн холобур ылар, киэн туттар, сүгүрүйэр киһи баар. Оннук киһинэн миэхэ Николай Алексеевич Брызгалов буолар. Тус бэйэм киниэхэ үөрэммит, учуутал идэтин баһылаан баран аан бастаан такайыллыбыт, успуорка уһуйуллубут киһи чахчы да үлэҕэ ис дууһаттан бэриниилээх буолуу холобурун киниэхэ көрбүтүм.
Кини үтүө аатын оҕолоро, сиэннэрэ үрдүктүк тутан, аҕаларын, эһэлэрин кэриэһин толорон, олоҕун салгыыллар, айаллар-туталлар. Оҕолоро үрдүк үөрэхтэрин бүтэрэн, олоххо сөптөөх миэстэлэрин булан, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Эһэтин аатын сүгэ сылдьар сиэнэ Николай Иннокентьевич Брызгалов Казань куоракка үөрэнэн, техническэй наука кандидата буола үүнэн, төрөөбүт Сахатын сиригэр төннөн кэлэн үлэлиир. Атын сиэннэрэ устудьуоннуу, сорохторо оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаллар.
Николай Алексеевич ыччаты үтүө үгэстэргэ иитиигэ, учуутал идэтин үрдүктүк тутууга, бэртээхэй салайааччы быһыытынан оҥорон хаалларбыт үтүөтэ-өҥөтө өлбөт-сүппэт ыйаахтаах, кини үтүө аата үйэлэр тухары ааттана, ахтылла туруоҕа.

Айталина Николаева

Читайте дальше