Таптал биһигэ- дьиэ кэргэн
Дьол туоната – дьиэ кэргэн
Оҕо мичээрэ – дьиэ кэргэн
Дойду эрэлэ – дьиэ кэргэн
2024 сыл Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сыла, саха итэҕэлинэн, Айыыһыт сыла — дьиэ кэргэн, таптал айыыта. Ыам ыйын
15 күнэ – Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ.
2022 сыллаахха «Дьиэ кэргэн – норуот кэскилэ» диэн ааттаах бырайыак Чыбааҕылаах нэһилиэгэр олорон ааспыт тыа
сирин үлэһит дьонун билиһиннэрэр, төрдүнү-ууһу биллэрэр сыаллаах толкуйдаммыта.
Бырайыак бастакы тэрээһинэ тапталлаах төрөппүттэрбит, ийэбит Екатерина Ивановна Старкова төрөөбүтэ 95 сылыгар, аҕабыт Константин Николаевич Слепцов төрөөбүтэ 105 сылыгар анаммыта. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ сыл устата 3 түһүмэҕинэн араас тэрээһиннэри ыыппыппыт. Бырайыакка барыта 8 дьиэ кэргэн кыттыбыта. Бастакы тэрээһин «Дьиэ кэргэн-олох төрдө» аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн, ыам ыйын 15 күнүгэр ыытыллыбыта. Тэрээһин ый сиэрин-туомун тутуһан, алгыһынан арыллыбыта. Төрөппүттэрбит тустарынан презентация көрдөрөн, кинилэр олорон ааспыт олохторун, сэрии ыар кэмигэр хайдах үлэлээн-хамсаан кыайыыны уһансыбыттарын кэнчээри ыччакка сырдаппыппыт. Төрөппүттэрбит «1941-45 сылларга Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадалламмыттара. Кинилэр үтүө холобурдарын, сүбэлэрин эдэр төрөппүттэргэ тиэрдибиппит. Иккис тэрээһин «Аҕа-дьиэ кэргэн дурдата-хаххата»диэн аҕабыт өттүк харалаах, илии тутуурдаах булчут буолан, Байанай ыйыгар анаммыта. Ый сиэрин-туомун толорон, алгыс оҥоһуллубута. Сүүрүүлээх-көтүүлээх, спортивнай күрэх ыытыллыбыта. Үһүс тэрээһиммит «Ийэ-дьиэ кэргэн тэбэр сүрэҕэ» бэрт интэриэһинэйдик ааспыта. Манна дьиэ кэргэн дьаралыгын билиһиннэрии, саха фольклорун көрүҥнэригэр куонкурус, дьиэ кэргэн дьикти дьарыктарын курдук бэрт сонун түһүмэхтэр буолбуттара. Түмүккэ, кыттыбыт дьиэ кэргэннэригэр анал бириистэри, сертификаттары, махтал суруктары туттарбыппыт уонна «Дьиэ кэргэн – норуот кэскилэ» бырайыак анал бэлиэтин Чыбааҕылаах нэһилиэгэр 12 сыл баһылыгынан үлэлээбит Николай Степанович Слепцов оҕолоругар, сиэннэригэр, аймахтарыгар үөрүүлээх быһыыга- майгыга туттарыллыбыта.
2023 сыллаахха «Дьиэ кэргэн – норуот кэскилэ» бырайыак Николай Степанович Слепцов төрөөбүтэ 85 сыллаах
үбүлүөйүгэр ананан ыытыллыбыта. «Ахтан-санаан ааһыаҕыҥ, үтүө киһибитин» диэн ахтыы киэһэтэ бэрт истиҥник
ааспыта. Нэһилиэк олохтоохторо, бииргэ алтыспыт, үлэлээбит дьонноро ис сүрэхтэн тахсар истиҥ тыллары эппиттэрэ, ахтыы оҥорбуттара.
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Николай Степанович Слепцовка анаммыт «Таптыыбын төрөөбүт
Сайдыыбын» диэн дьиэ кэргэн күрэҕэ сайын ыһыахха ыытыллыбыта. Ол курдук, 5 түһүмэхтээх: Дьиэ кэргэни
билиһиннэрии; Ыал талаана, дьарыга; Булчут күрэҕэ; Үүтээн кэпсээнэ; Ыйытыктар күрэх бэрт интэриэһинэйдик ааспыта.
Оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара дьиэ кэргэн күрэҕин үрдүк таһымнаахтык ыыппыттара. Кыттааччыларга анал бириистэрин туттарбыттара. Кыайыылаахтарга сүрүн бириис Дьокуускай-Санкт-Петербург-Дьокуускай хайысхатынан авиабилиэт сертификатын туттаран, үөрүүнү бэлэхтээбиттэрэ.
Салгыы бырайыак анал бэлиэтэ нэһилиэк киэн туттар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнигэр Евгений Иннокентьевич, Тамара Ивановна Корякиннарга туттарыллыбыта. Кинилэр 2024 сылга алаһа дьиэ тэринэн, бииргэ олорбуттара 50 сылын туолла.
Тамара Ивановна Жатайтан кэлбит эдэр кыыс кийиит буолан, олохсуйан хаалбыта. Кини үрдүк үөрэхтээх библиотекарь, СӨ култууратын туйгуна. Муоманы иккис дойду оҥостон, тапталлаах кэргэн, ийэ, эбэ буолан олорор.
Үлэтин быыһыгар түөлбэ начальнига, чөл олох пропагандиһа, нэһилиэккэ ыытыллар үлэлэргэ кыттан, кэнсиэртэргэ
ыллаан, пьесаҕа оонньоон бириэмэтин туһалаахтык атаарар. Евгений Иннокентьевич төрөөбүт нэһилиэгэ сайдарын
туһугар араастаһымнаах үлэҕэ тахсыылаахтык үлэлээн кэллэ. Ол курдук, рабочай, механизатор, булчут, тутааччы,
нэһилиэк дьаһалтатын аҕа баһылыгын солбуйааччытынан уонна нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбитэ.
Корякиннар икки кыыс, үс уол оҕолоохтор. Билигин оҕолоро улаатан, араас идэни баһылаан, үлэлии-хамсыы
сылдьаллар. Бары тус-туспа ыал буолан, дьоһун ыал ийэлэрэ, аҕалара буоллулар. Тамара Ивановна, Евгений
Иннокентьевич 5 сиэн минньигэс тапталын билэн үөрүүлэрэ үгүс.
Нэһилиэккэ Тамара, Евгений Корякиннар чөл олох хайысхатын тутуһан, үтүө холобуру көрдөрөллөр.Ону таһынан
Тамара Ивановна иккис дойду оҥостубут Орто Дойдутун туһунан хас да кинигэни таһаарсан үйэлээҕи оҥорор.
Ити курдук, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыан, таптал, махтал, эрэл баар буоллаҕына дойдубут бигэ туруктаах буолар. Туох барыта аан бастаан дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын бигэтик өйдүөх тустаахпыт. Ону таһынан төрдүнү-ууһу үөрэтии, билии, аймахтарбытын кытта алтыһа сылдьарбыт, төрүттэрбит олорон ааспыт олохторун билии, үөрэтии,чинчийии – өбүгэлэрбитигэр үрдүк ытыктабыл туоһута.
Алаһа дьиэҕит иһэ оҕо күлүүтүнэн, үөрүүтүнэн толору, дьоллоох оҕо саас, таптал уйата буоллун, сарсыҥҥыга эрэллээх, истиҥ махтал тылларынан, сырдыгы тутуһан сылдьыахха.
Айталина Николаева,
бырайыак ааптара