Бу күннэргэ биһиги оройуоммутугар ХИФУ иһинэн үлэлиир психологическай көмө Киинин специалистара кэлэн үлэлээн бардылар. Биһиги бөлөх салайааччыта Евгения Ивановаттан интервью ыллыбыт:
– Билиһиннэрэн этэр буоллахха, биһиги Кииммит «Пространство PsiPro:душевные диалоги» тустаах бырайыага Саха Республикатын Ил Дарханын Гранын конкурсугар кыайыылааҕынан тахсыбыта. Бырайыакпыт сүрүн соругунан Муома уонна Хаҥалас оройуоннарыгар олорор анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр психологическай өйөбүл оҥоруу буолар.Бу үлэбитигэр бэйэ ис туругун сатаан салайарга, кэпсэтии кэмигэр көхтөөх истии-кыттыы сатабылыгар тустаах трениннэри ыытабыт. Маны таһынан чинчийэр дьоммутугар хаартысканан, туойунан, кумаҕынан оҥоһуктары айдаран ис туруктарын чэбдигирдэбит. Тустаах дьону кытта наллаан кэпсэтэн ыар баттык оҥостубут санааларын сайгыыбыт. Бу үлэбит барыта дьону стресстэн таһаарыыга туһаайыллар.
– Муома оройуонугар 4 психолог кэлэн үлэлээтибит. Бары тус туспа хайысханан үлэбитин тэрийдибит. Бөлөх иһигэр уопуттаах психологтар Злата Лотова, Мария Ним, Ксения Саввинова үлэлээтилэр. Бастатан туран биһиги тустаах дьоҥҥо тест толотторон психологическай диагностика ыыттыбыт. Ол эбэтэр чинчийэр дьоммут ис туруктарын биллибит. Кинилэр ыарахан балаһыанньаҕа киирэн баран хайдах бэйэлэрин туруктарын туттуналларын, ыгым санааларын аһарыналларын, стресстэн хайдах тахсалларын чинчийдибит. Үлэбит иккис көрүҥэ психологическай трениннэри ыытыы буолар. Манна үлэбит үксүн кэпсэтии тула барар. Биһиги түөрт нэһилиэги хабан туран үлэлээтибит. Муомаҕа кэлбит күммүтүгэр Чыбааҕылаах национальнай нэһилиэгэр тахсан үлэбитин саҕалаабыппыт, салгыы Соболоох, Индигир нэһилиэктэригэр сырыттыбыт. Уонна сүрүн үлэбит оройуон киинигэр ыытылынна. Бырайыак быһыытынан биһиги Муомаҕа 95 киһини чинчийиэхтээх этибит, ол эрээри үлэбит түмүгүнэн 144 киһини кытта үлэ ыыттыбыт. Кэтээн көрүү быһыытынан ордук нэһилиэктэргэ дьон биирдиилээн кэпсэтиигэ (личностнай консультацияҕа) наадыйар эбиттэр. Ыар баттык оҥостубут санааларын үллэстэн чэпчээн тахсаллар. Тус кэпсэтиилэри таһынан фото-арт-терапия, глинотерапия, пласстерапия трениннэрии ыыттыбыт. Чинчийии кэмигэр үлэлэспит дьоммут ааттара-суоллара ханна да тарҕаммат, барыта конфеденциальнай буолар. Биһиги Муомаҕа ыыппыт чинчийиилэрбитин Хаҥалас оройуонугар ыытыллыбыт үлэбит түмүгүн кытта тэҥнээн көрөбүт, сөптөөх түмүктэри оҥоробут.
– Бу бырайыакпытыгар уруккуттан үлэлэһэр Хаҥалас оройуонун тэҥэ Муоманы талбыппыт диэн быһаарыыта судургу. Ол курдук Муома оройуона хоту оройуоннартан сырыыта-айана арыый чэпчэки уонна бырайыак суруйар кэммитигэр мантан элбэх психологическай көмөнү көрдүүр суруктар киирбиттэр этэ. Биһиги Муома оройуонун дьаһалтатыгар сибээскэ тахсан бырайыакпытын билиһиннэрбиппит. Муомалар тута өйөөбүттэрэ, үлэлииргэ усулуобуйа тэрийэрг сөбүлэспиттэрэ. Түгэнинэн туһанан, биһиги бырайыакпытын саҕаланыаҕыттан өйөөбүт Муома оройуонун баһылыгын солбуйааччыта Акулина Владимировна Кульбертиноваҕа улахан махталбытын тиэрдиэ этибит. Ыалдьытымсах Муома дьонугар чөл туругу, ситиһиилэри баҕарабыт.