Үлэ дьонун кэпсиибит

Биһиги күннээҕи кыһарҕаҥҥа үтүрүттэрэн күннэтэ остуолга —сибиэһэй килиэп, кырааҥҥа — ыраас уу,
дьиэбит ититэр ситимҥэ холбонон куруутун сылаас буоларыгар үөрэнэн хаалбычча улаханнык ол туһунан
толкуйдаабаппыт. Ол эрээри бу ким эрэ үлэтин түмүгэ буолар.
Килиэп — сүрүн аспыт. Ону ааһан биһиги килиэппит минньигэһинэн аатыран «Хонуу килиэбэ» диэн бренд буола
сылдьыбыт да кэмнэрдээҕэ. Оччотооҕу бэкээринэ атыыһыта кэпсииринэн, куораттан көтөн кэлбит пилоттар Муома
килиэбин эрдэттэн үлэһэр эбиттэр.
Нэһилиэнньэни өр кэмҥэ Муоматааҕы эргиэн хонтуоратын (директор А.Х.Муталиев) бэкээринэтэ килиэбинэн,
бурдук аһынан хааччыйбыта. Билигин Абукар Хамзатович сиэнэ Абукар Степанов эһэтин дьыалатын салҕыыр
санаалаах бу уустук хайысхаҕа ылсан үлэтин саҕалаата.
Күннэтэ сиир аспытын уопуттаах биэкэр Мария Уваровская буһарар. Мария Афанасьевна үлэтин туһунан бу
курдук кэпсиир:
— Күҥҥэ 300-чэкэ килиэп буһарабын. Нэдиэлэҕэ икки күн — бэнидиэнньиккэ уонна бээтинсэҕэ иккилии олордуу —
600 килиэп атыыга тахсар. Ону таһынан батон, лэппиэскэ, булочка астыыбын.
Биэкэр үлэтэ ыарахан. Улахан ноҕуруускалаах. Үлэбэр сарсыарда биэскэ кэлэбин, тиэстэбин мэһийэн
саҕалыыбын. 300-600 килиэп болдьоммут бириэмэтигэр атыыга тахсарын курдук түргэн-түргэнник хамсаныахха
наада.
Уон биир чааска килиэп буһан, долбуурга толору кыстанан турарын көрөн астынабын. Үлэм түмүгүттэн үөрэбин.
Биллэн турар, биэкэр үлэтэ ыарахан. Күн аайы кууллаах бурдуктары кытта өрө тустар улахан күүһү-кыаҕы
эрэйэр, ону таһынан бурдук быыла, сайыҥҥы куйааска итии оһох суоһа — киһи эрэ дэбигис санаммат ыарахан үлэ.
Биэкэр үлэтин чааһа эмиэ ураты — дьон бары утуйа сыттаҕына, такси да сүүрбэт кэмигэр сарсыарда биэс чааска
үлэтин күнэ саҕаланар. Аны эппиэтинэһэ.
Бу бэкээринэ бүтүн оройуону килиэбинэн хааччыйар диэтэххэ баһан этии буолбатах. Кыһыҥҥы суол турдаҕына,
чугастааҕы үс нэһилиэк — Индигир, Соболоох, Чыбааҕылаах оройуон кииниттэн килиэптэнэн олороллор.
Ол эрэн итии оһох суоһугар сыраллан үлэлиир Мария Афанасьевна ыарахаттартан чаҕыйбат. «Ким эрэ
үлэлиэхтээх буоллаҕа. Килиэп — сүрүн аһылыкпыт. Бары килиэби сөбүлээн сиибит. Күннэтэ нэһилиэнньэ
наадыйыытын толуйан килиэп астыырым — мин үлэм.
Үлэм түмүгэ — ыал аайы остуолга сибиэһэй килиэп өрүү баар буоллун», — диир Мария Афанасьевна.
Үлэҥ үөрүүнү эрэ аҕаллын, үлэ киһитэ!

* * * * *

А вы знаете по имени-фамилии или в лицо тех, кто каждодневно работает ради нашего блага? Операторов
котельных, которые доставляют тепло в наших домах? Пекаря, кстати, единственного в селе, который печёт нам
хлеб? Водителей водовозки? А труд водителей, которые откачивают септики?
Безусловно, мы все ценим их труд. Их труд незаменим. Но как бы незаметен. Они — «бойцы невидимого фронта».
Каждый день они выполняют свою работу.
Знакомьтесь, Евгений Нартович — водитель. Евгений Алексеевич работает в ООО «Сатал» седьмой год.
В данное время Евгений единственный водитель, который откачивает септики по всему посёлку.
Вот что он рассказывает о своей работе:
— Работа у нас тяжёлая. Самое сложное — нехватка кадров. В
прошлом году нас было трое. Сейчас остался один. Ребята уходят, потому что приходится работать без отгулов.
Как говорится, ни на рыбалку сходить, ни на охоту съездить.
Количество работы зависит от сезона. Самая «напряжёнка» начинается с середины ноября до конца июля. Так что в скором времени начнётся аврал. Один я не справлюсь. Нужен второй водитель.
Хотелось бы, чтобы наш посёлок был чистый. Жители частных секторов ещё как-то более-менее следят за
канализацией своих домов, чего не скажешь о жильцах МКД. Часто приходится «брать лишнее». Например, вот в
Советской, 48 за одну неделю 9-10 машин пришлось выкачать.
Также хочу сказать, чтоб жильцы следили за сантехникой в своей квартире, чтоб не засоряли трубы. Порою
даже элементарные влажные салфетки усложняют нашу работу.
Несмотря на сложности, работа моя нравится. В «Сатале» я с самого начала образования предприятия.
Зарплата нормальная.
Приходите к нам водителем. Рабочая профессия — самая нужная профессия.
Вот такие пожелания у водителя Евгения. Давайте уважать чужой труд и то, что делается для нас же
самих, для нашего блага. Давайте содержать в чистоте и порядке не только лестничную площадку,
подъезд и дом, но и наш общий дом — родное село.

Валентина Старостина

Читайте дальше