Кииннэммит бухгалтерия дириэктэринэн Айаал Тарабукин үлэлиир. Айаал Петрович оройуоҥҥа тарбахха баттанар биир бастыҥ финансист быһыытынан биллэр. Аан маҥнай үлэтин Төбүлэх нэһилиэгин дьаһалтатыгар бухгалтерынан саҕалаабыта. Кэлин 22 сыл оройуон дьаһалтатыгар үлэлээбитэ. Статистикаҕа, ФЭУ-га үлэлээбит уопуттаах универсал-бухгалтер буолар.
Тэрилтэ үлэтин-хамнаһын туһунан Айаал Петрович бу курдук кэпсиир:
— Кииннэммит бухгалтерия туспа тэрилтэ быһыытынан 2006 сыллаахха тэриллибитэ. Биһиги оройуон 36 тэрилтэтин — үөрэҕирии, култуура, нэһилиэктэр бюджеттарын, үптэрин-харчыларын, хамнастарын ааҕабыт-суоттуубут.
Барыта 23 үлэһиттээхпит. Өскөтүн былырыын үлэһит илии тиийбэт эбит буоллаҕына, билигин үлэһиттэринэн толору хааччыллан олоробут. Быйыл күһүн олохтоох эдэр специалистар үөрэхтэрин бүтэрэн үлэлии кэллилэр.
Мин бу тэрилтэҕэ дириэктэринэн үлэлээбитим биир сыл буолла, бу иннинэ ФЭУ-га үлэлээбитим.
Тустаах үлэбитин толоро олоробут. Үп-харчы улахан харгыһа суох эргийэр. Хамнас ааҕыытыгар иэспит суох.
Арай кыһалҕабыт диэн үлэлии олорор дьиэбит кыараҕас. Түөрт хоһунан олорон үлэлиибит. Докумуоммутун харайар сирбит суох, кумааҕы докумуон сыл аайы эбиллэ турар.
Биһиги үлэбит сүрдээх эппиэтинэстээх. Сотору-сотору бэрэбиэркэлиир органнар кэлэн көрөллөр. Араас запрос кэлэр, ону барытын үлэбитин тохтотон докумуоннары көрдүүргэ элбэх бириэмэ барар.
Сыл түмүктэнэн эрэр буолан бухгалтердарга түбүктээх кэм — сыллааҕы отчуот саҕаланыа.
Тэрилтэ биир уопуттаах бухгалтера Галина Слепцова буолар. Галина Афанасьевна үлэтин «Муома» сопхуостан саҕалаабыта.
— 1991 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн төрөөбүт оройуоммар сопхуоска бухгалтерынан үлэлии киирбитим. Ол кэмҥэ дириэктэринэн Анатолий Добрянцев үлэлиирэ. Мин кураторым уопуттаах бухгалтер Вячеслав Старостин этэ. Аан маҥнай үлэбин саҕалыырбар улахан тэрилтэ уопуттаах буҕаалтырдара Надежда Егоровна, Светлана Иннокентьевна Старковалар сүбэ-ама буолан олус көмөлөспүттэрэ. Аҕа саастаах наставниктарбар билигин улаханнык махтана саныыбын. Эдэр специалист билбэтэ-көрбөтө элбэх, онон ханнык да үлэҕэ наставник баара улахан көмө, тирэх.
Кэлин 2000 сыллаахха култуура салаатыгар кылаабынай бухгалтерынан анаммытым. Бу кииннэммит бухгалтерияҕа ФКУ-тан кэлбитим.
Бухгалтер буолар баҕа санаа кыра эрдэхпиттэн эбитэ дуу. Төрдүс кылааска Сайдыыттан Хонууга үөрэнэ кэлэн аймахтарбар олорорум. Саҥаһым Татьяна Матвеевна быткомбинакка бухгалтердыыра. Онно кини мас суоту тардан лаһырҕатар тыаһын наһаа ымсыырарым. Остуолугар элбээх да элбэх кумааҕыны уурунан тугу эрэ сурунар буолара. Ону көрөн «улааттахпына мин эмиэ итинник үлэлээх буолуом» дии саныырым.
Биһиги үлэбитигэр саамай ыарахана диэн дьону кытта үлэ буолар. Бу үлэлээбит сылларым усталарын тухары үгүс үтүө дьону кытта бииргэ үлэлээтим. Оройуоммут сайдарын туһугар туруулаһан үлэлээбит салайааччыларбын А.А.Добрянцевы, С.А.Сюльскайы, Н.Н.Старкову, С.П.Сукуевы, И.П.Павловы олус иһирэхтик саныыбын.
Урукку уонна аныгы кэм буҕаалтырдарын үлэлэрэ уратылаах бөҕө буоллаҕа. Билигин компьютеризация, программа үйэтэ. Урут киэһэ аайы дьиэбитигэр суумкабыт толору кумааҕы хаалаан барарбыт. Билигин оннук буолбатах, үлэбит барыта компьютерга хаалар. Оҕону-урууну умнан туран үлэлиир буоларбыт. Билигин даҕаны отчуот кэмигэр, ордук Саҥа Дьыл кэнниттэн сыллааҕы отчуот ааҕыытыгар оннук түгэннэр баар буолаллар.
Оттон саамай үөрүүлээҕэ — үлэһиттэр хамнастарын, уоппускаларын харчытын уһаппакка, кэмигэр ааҕан биэрэрбит, үлэһит дьон үлэлээн аахсыбыт хамнастарын ылан үөрбүт-көппүт сирэйдэрин көрөр.
Марфа Элляевна Старкова Муомаҕа 1978 сыллаахха кэлбитэ. Маҥнай быткомбинакка үлэлээбитэ. Кэлин идэтин уларытан бухгалтер идэтин баһылыаҕыттан кини эйгэтэ — үп-харчы, ахсаан-суот.
Марфа Элляевна мас суот саҕаттан билигин компьютер үйэтигэр дылы улахан уопуттаах бухгалтер.
— Урут платёжкалары массыыҥкаҕа бэчээттиирбит.
Биһиги үлэбит болҕомтолоох, эппиэтинэстээх буолары ирдиир. Күнү быһа олорор үлэ буолан бухгалтер усидчивай буолуохтаах. Холку, тиэтэйбэт. Биһиги үлэбитигэр биир да сыыһа, алҕас тахсара сатаммат, — диир бухгалтер идэтигэр олоҕун анаабыт Марфа Элляевна.
Ньургустаана Николаевна Калугина 2000 сыллаахха култуура салаатыгар кылаабынай бухгалтерынан анаммыта уонна күн бүгүнүгэр диэри бу эйгэҕэ бэриниилээхтик үлэлиир.
— Мин ахсааны оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Республикатааҕы физико-математическай оскуоланы (билигин РЛИ диэн аатынан биллэр И.И.Шамаев салайар оскуолата) бүтэрэн Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ сылдьан, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэхпин көһөттөрөн «экономист по бухучёту» диэн дипломнаах бүтэрбитим.
Үлэбин 1998 сыллаахха үөрэҕирии управлениетыгар саҕалаабытым. Онтон 2000 сыллаахтан култуура салаатыгар кылаабынай бухгалтерынан күн бүгүнүгэр диэри үлэлиибин.
Идэбин таба тайаммыппын дии саныыбын.
Оҕо эрдэхпиттэн ахсааны, суоту олус сөбүлүүбүн. Бииргэ төрөөбүт убайым эмиэ ахсааны олус сөбүлүүр этэ, билигин Покровскай куоракка доруобуйа харыстабылыгар кылаабынай бухгалтерынан үлэлиир. Кэргэним эмиэ финансист идэлээх. Кэргэммин кытта биир факультекка, биир группаҕа, биир паартаҕа олорон үөрэммиппит. Улахан кыыспыт ФЭИ-ны бүтэрбитэ. Онон биһиги дьиэ кэргэн сыыппаралары, ахсааны-суоту олус сөбүлүүбүт.
Биһиги үлэбитигэр түргэнник ааҕар-суоттуур ирдэнэр, ону таһынан дьону кытта эмиэ үлэлэһэбит. Күннэтэ кэриэтэ үлэһиттэр да, салайааччылар да араас ыйытыылаах киирэллэр. Үлэһиттэр хамнастарын аахтараллар, тэрилтэ салайааччылара бюджеттарын ыйыталлар, быһаартараллар. Бюджетнай тэрилтэ буоларбыт быһыытынан барыта ыстатыйаларынан. Ханнык ыстатыйаҕа ханнык ороскуот тиксэрин салайааччыларга барытын быһааран биэрэбит. Юридическэй өттүнэн билиилээх буоларбыт ирдэнэр. Ону таһынан сокуоҥҥа араас уларыйыылар киирэллэрин эмиэ барытын билиэхтээхпит.
Ирдэбил быһыытынан буҕаалтырдар үс сылга биирдэ идэни үрдэтинэр куурустарга үөрэнэбит.
25 сыл номнуо ааһа охсон, билигин бэйэм эдэрдэргэ наставник курдук уопуппуттан үллэстэбин, сүбэлиибин, үөрүүнү кытта көмөлөһөбүн.
Тэрилтэ биир тутаах үлэһитинэн Жанна Ивановна Слепцова үлэлиир.
— Мин бу үп-харчы эйгэтигэр 2004 сыллаахтан үлэлиибин. Үлэбин үөрэҕирии салаатыгар расчётнай кассирынан саҕалаабытым. Онтон улам-улам бу эйгэни сөбүлээн, кэлин үөрэхпин үрдэтинэн билигин бухгалтерияҕа үлэлээбитим номнуо 20 сыл буола охсубут.
Кииннэммит бухгалтерияҕа тэриллиэҕиттэн баарбын. Билигин бухгалтерскай учёт салаатын начальнигынан үлэлиибин. Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Хайдах даҕаны бэйэбин атын идэҕэ көрбөппүн. Сыыппаралары, ахсааны сөбүлүүр буолан буҕаалтыр идэтин таллаҕым. Ааҕан-суоттаан таһаарбытыҥ түмүгэр тиийэн барыта тып курдук сөп түбэһэрэ наһаа үчүгэй буолар.
Кэлэктииппит иллээх, эйэлээх. Нэһилиэккэ ыытыллар бары улахан тэрээһиннэргэ — үлэ кэлэктииптэрин Спартакиадатыгар буоллун, фестивальга буоллун барытыгар көхтөөхтүк кыттабыт. Урукку сылларга бухгалтердар Спартакиадалара олус тэрээһиннээхтик ыытыллара, билигин ону сөргүттэр бэрт сэргэх тэрээһин буолуо эбит.
Эдэрдэр кэнники бухгалтер идэтигэр наһаа таласпат буоллулар дуу дии саныыбын. Бухгалтер үлэтэ эппиэтинэстээх. Бэйэбит ыччаттарбытын бухгалтер үөрэҕэр үөрэниҥ диэхпин баҕарабын. Үөрэххитин бүтэрэн төрөөбүт оройуоҥҥутугар кэлэн үлэлээҥ, биһиэхэ эдэр специалистар наадалар, төһө кыалларынан көмөлөһөбүт, сүбэлиибит.
Түгэнинэн туһанан, биир идэлээхтэрбин ааспыт идэлээх күммүтүнэн эҕэрдэлиибин. Таһаарыылаах үлэни, дьиэ кэргэҥҥитигэр нус-хас олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.