Ямал элбэх табалаах уонна гаастаах оройуонугар дойду табаһыттара түмсэн сүбэлэстилэр

Дойду үрдүнэн муҥутуур элбэх табалаах Ямал-Ненец автономнай уокуругун Тазовскай оройуонун киинигэр, Тазовскай бөһүөлэккэ, Арассыыйаҕа табаны иитии салаатын сайыннарыыга анаммыт икки күннээх тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн 7 киһилээх бөлөх кыттан кэллэ. Ол туһунан Муома улууһун Улахан Чыыстай национальнай нэһилиэгин баһылыга, Арассыыйа табаһыттарын национальнай сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ Павел Мараказовтыын сэһэргэстибит.

Бастакы күн күнүскү чэйтэн киэһэ “Эрэгийиэннэргэ табаны иитии боппуруостара” диэн төгүрүк остуолга кэпсэтии, иккис күнүгэр Арассыыйа табаһыттарын национальнай сойууһун бырабылыанньатын мунньаҕа ыытыллыбыттар. Олорго холбоон дойду табалаах 14 эрэгийиэниттэн кыттыбыттар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дэлэгээссийэтин иһигэр салааҕа быһаччы үлэлии сылдьар дьон – “Кочевник” көс община дириэктэрэ, СӨ табаһыттарын ассоциациятын бэрэсидьиэнин э.т. Альберт Колесов, “Муостаах” көс община бэрэссэдээтэлэ Игорь Слепцов, “Омолой” көс община дириэктэрэ Александр Барабанскай уонна табаһыт Василий Барабанскай, субъект сокуону оҥорор бэрэстэбиитэллээх уорганыттан – Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, субъект судаарыстыбаннай былааһын уорганыттан – СӨ Аартыканы сайыннарыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистирин солбуйааччыта Михаил Погодаев итиэннэ олохтоох салайыныы уорганыттан Павел Мараказов киирэн сылдьыбыттар.

Маҥнай Тазовскай оройуон тугунан тыынарын билсиэҕиҥ. Ямал үрдүнэн 620 тыһ. табалаах буоллахтарына, 280 тыһыынчатын сыччах бу биир оройуон сиригэр-уотугар иитэллэр. Тэҥнэбилгэ суруйдахха, Саха сирин 20-чэ улууһунан 171,5 тыһ. табалаахпыт. Ямал табатын 60 бырыһыана чааһынай бас билиигэ баар. Тазовскай оройуон сиригэр-уотугар айылҕа гааһын, ньиэби хостуур 77 бырамыысыланнай тэрилтэ үлэлиир. Дойду гааһын 85 бырыһыана Ямалга хостоноруттан 61 бырыһыана бу оройуон өлүүтүгэр тиксэр. Ити эрээри, Павел Маркович бэлиэтииринэн, табаны иитии салаата уонна бырамыысыланнас бэйэ-бэйэлэрин харгыстаспакка, сэргэстэһэ сайдаллар эбит. Ону табаларын ахсаана энчирээбэтэ, бөһүөлэктэр икки ардыларыгар аспаал суоллаахтара, бөһүөлэктэргэ саҥа дьиэлэр дьэндэһэллэрэ туоһулууллар.

Оройуоҥҥа 17 тыһ. киһи олороруттан киин бөһүөлэккэ 8 тыһыынчата баар. Тазовскайдыын төрүт нэһилиэнньэ олорор 5 бөһүөлэктээхтэр уонна сир ахсын хара баһаам вахтовай бөһүөлэктэр түһүүлэммиттэр. Биһиги мөлүйүөннээх өрөспүүбүлүкэбит биэс олохтооҕор биир таба быһаҕаһа тиксэр буоллаҕына, соҕотох оройуон биир киһитигэр хас таба тиксэрин суоттаан көрүҥ. Таба баһыйар өттө чааһынай илиигэ баар диэтибит, 40 бырыһыанын кэпэрээссийэ киэптээх хаһаайыстыбалар көрөллөр. Национальнай сойуус бырабылыанньатын мунньаҕар Саха сиригэр уонна Чукуоккаҕа эрэ таба ахсаанынан бүддьүөттэн көмө үп бэриллэрин уонна сокуонунан харысхаллаахтарын бэлиэтээбиттэр. Атыттар табаһыттарын наһаа тараҥнаппаттар эбит. Холобур, Ханты-Мансига субъект бүддьүөтүттэн 96 мөл. солкуобайы көрөллөр, онон бүтэ турар.

– Ямал табаһыттара өссө биһигини ордук саныыллар, – диир Павел Маркович. – Кинилэргэ төбөҕө буолбакка, харчыны киилэ эккэ биэрэллэр. Соҕотуопкалыыр тэрилтэ таба этин 1 киилэтигэр 450-нуу солкуобайы төлөөн тутар, ити иһигэр 67 солкуобайын соҕотуопсук бэйэтин дохуотуттан биэрэр. Онтон ордубут 383 солкуобайын эрэгийиэн субсидия быһыытынан соҕотуопсукка ыытар. Ити аата Ямал табаһыттара сылга биирдэ идэһэ саҕана үптэнэллэр. Хамнас диэн өйдөбүл суох. Эккэ үлэлииллэр, ааспыт сыл түмүгүнэн уокурук үрдүнэн 2 823 туонна таба этин оҥорон таһаарбыттар. Өссө “көс харчыта” диэн табаһыт дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр 5-тии тыһ. солкуобайы ааҕан биэрэллэр. Чуум атыылаһарга эмиэ көмө көрүллэр. Биир чуумҥа ортотунан 25-30 таба тириитэ туттуллар буолан, сыаналаах.

Павел Мараказов баһылыктыан иннинэ дойдутугар “Маалтаан” производственнай кэпэрэтииби, онтон Муома улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салайбыт буолан, табаны иитии салаата туох кыһалҕалааҕын иһиттэн билэр. Ол иһин бастыҥ көрдөрүүлээх эрэгийиэн уопутуттан тугу туһаныахха, ылыныахха сөбүн ыйыппыппар иҥнигэһэ суох маннык хоруйдаата: “Сири-уоту хаһаайыстыбаларга сыһыаран докумуоннатыыга сүбэлэтиэхпитин сөп эбит. Иккиһинэн, бырамыысыланнай тэрилтэлэри кытта үлэлиир уопуттарын биһирээтибит. Үсүһүнэн, туундара сирдээхтэр эрээри, икки хаһаайыстыбаларыгар тыалаах сир уопутунан табаны күрүөҕэ тутууну киллэрэн эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Биһиэхэ курдук кинилэргэ дьиэ табатын эһэ-бөрө аймаабат, кыыл таба илдьэ барбат. Тоҕо диэтэххэ, суохтар. Элбэх күрүөнү тутар ороскуоттаах. Ол иһин сайын бырдах хойуутук түһэр уонна саас төрүөх, күһүн ииссэр кэмнэригэр эрэ хаайарга суоттаналлар. Тыһыынчанан табаны биир сиргэ туруордахха, мэччирэҥ аһара тэпсиллэрэ биллэр”.

Дьиҥэр, кыһалҕата суох эрэгийиэн диэн суох. Арай, кимиэнэ эрэ ама соҕус, кимиэнэ эрэ – обургу. Павел Маркович дойду табалаах субъектарыттан Забайкалье, Бүрээтийэ, Тыва уонна Иркутскай ордук мөлтөх балаһыанньалаахтарын бэлиэтиир. Ити дойдуларга иитиллэр эбэҥки боруода таба тофалар көрүҥэ эстэр-симэлийэр уһукка тиийэн эрэрин этиммиттэр. Национальнай сойуус бырабылыанньатын аныгыскы мунньахтарын маннык улахан проблемалаах эрэгийиэннэргэ ыытарга быһаарбыттар. Ол иннинэ бастаан эһиил хайаатар даҕаны Москубаҕа түмсүөх буолбуттар. Тоҕо диэтэр, РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһигэр таба салаатынан дьарыктанар биир даҕаны чунуобунньук суох, аҕыйах сыллааҕыта сарбыйан кэбиспиттэрэ. Онон, департамент буолбатаҕына, сатаатар, отдел (салаа) арыйарга туруорсаллар. Бу мунньахха федеральнай министиэристибэттэн бэрэстэбиитэл ыҥырбыттарын биир даҕаны тойон-хотун кэлбэтэх…

Урукку сылларга тыа-тайҕа түбэлээх эрэгийиэннэр табаларыгар адьырҕа кыыллар ордук суоһуур эбит буоллахтарына, кэлиҥҥи кэмҥэ хайа-тыа эҥээрдээхтэр эмиэ бөрө мэнээктээһиниттэн элбэх ороскуоту көрсөр буолбуттар. Дьэ, онон Федерация Сэбиэтин таһымыгар бөрөттөн ураты кыылга-көтөргө хоромньуну оҥорбот дьааты көҥүллүүр гына туруорсаллар. Табалаах эрэгийиэннэр бары табаны иитии салаатын өйөөһүҥҥэ федеральнай сокуон ылыллара уолдьаспытын ыйбыттар. Ону тэҥэ билигин ойуур пуондатынан ааҕыллар сиртэн “таба мэччирэҥэ” диэн өйдөбүлү арааран сокуонунан бигэргэттэрэн, салаа сайдарын түстээһин – дойду бүттүүн табаһыттарын ыра санаалара.

 

Василий Никифоров.

Читайте дальше