Табаһыттар удьуордара салҕанар

Зоя Садовникова,
«Эгдьэн Мола» ассосиациятын чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ, Сааһыыр


Улахан Чыыстай нэһилиэгэр табаһыттар түөлбэлээн олороллор, таба иитиитинэн утумнаан дьарыктаналлар. Таба иитиитэ былыр былыргыттан эбээн омугун төрүт дьарыга буолар. Биһиги өбүгэлэрбит – эбээннэр бары да үлэни өрө тутаннар, табаһыт, булчут ыарахан үлэтиттэн чаҕыйбакка, күүстэрин харыстаабакка үлэлээн олорон кэлбиттэрэ. Билигин өбүгэлэрин утумун салҕаан таба иитиитинэн кинилэр ыччаттара: оҕолоро, сиэннэрэ дьарык оҥостон өбүгэлэрин үгэстэрин салгыыллар.

Быйыл биһиги нэһилиэкпитигэр 3 ыстаадаҕа оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын туһалаахтык атаарарыгар үлэ биригээдэлэрэ тэриллэн үлэлээтилэр. “Магир” родовой община (биригэдьиир М.Д.Дьячков) иһинэн тэриллибит “Оралчимҥа” лааҕырга 15 оҕо сайылаан табаһыттарга күүс-көмө буоллулар. Уран тарбахтаах иистэнньэҥ, лааҕыр салайааччыта Екатерина Дьячкова кыргыттары иистэнэргэ, балаакканы абырахтыырга, минньигэс аһы астыырга, ыстаада усулуобуйатыгар лэппиэскэни буһарарга үөрэтэр. Екатерина Егоровна кэргэнин Дмитрий Христофоровиһы лааҕырга сылдьар кыра да улахан да оҕолор сөбүлээн абаҕа Дима диэн ааттыыллар. Абаҕа Дима айылҕаттан айдарыылаах оҕолору уучаҕы, аты көлүйэргэ уонна миинэргэ, тыа киһитэ туттар тэрилин уһанарга, ону сатаан туттарга үөрэтэр. Кэргэнниилэр маны таһынан кэнчээри ыччакка эбээн норуотун абыычайын билиһиннэрэллэр, сиэрин-туомун тутуһуннараллар.

Иккис лааҕыр Н.В. Худи-Харючи аатынан общинаҕа (салайааччы А.В.Громов) тэрилиннэ. Бу ыстаадаҕа Громовтар дьиэ кэргэттэрэ үлэлииллэр. Биригэдьииринэн Ариан Валерьевич убайа Иван Валерьевич үлэлиир. Сайыҥҥы үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырын үлэтин кини кэргэнэ Оксана Громова тэрийдэ. Бу лааҕырга 13 оҕо дуоһуйа сынньанна. Кыһыҥҥы өттүгэр кинилэр ыстаадаларыгар көс оскуола үлэлиир. Уопуттаах учуутал Оксана Семеновна оҕолору эбээн тылыгар, культуратыгар уһуйар.

С. Г. Слепцов аатынан родовой община тэриллиэҕиттэн Григорий Степанович Слепцов салайар. Манна биригэдьииринэн сиэн бырааппыт Алексей Григорьевич дьиэ кэргэнинэн үлэлиир. Ийэлэрэ Вероника Валерьевна өбүгэлэрин утумнарын салҕаан табаһыт мындыр идэтигэр кэнчээри ыччаты уһуйар. Бу саамай киэҥ уонна ыраах маршруттаах, үксэ атынан, табанан көһүүлээх ыстаада буолар. Кинилэр таба биир миэстэҕэ аһылыга бүппэтин, таба ыалдьыбатын туһугар уһаабыта 4-5 хонук буола- буола саҥа сиргэ көһөллөр. Сайылыыр сирдэрин Аартык үрэх түмүктүүр, мантан ыстаада төттөрү төннөр. Атырдьах ыйын саҥатыттан сайылыктарыттан күһүлүүр уонна кыстыыр сирдэригэр Халыма диэки границаҕа 1-2 хонук өрүү-өрүү күн аайы көһөллөр. Көһүүгэ бырааттара Степан Григорьевич күүс-көмө буолар. Кинилэр ыстаадаларыгар сайын аайы «Гарпанҥа» оҕо үлэтин, сынньалаҥын лааҕыра үлэлиир. Лааҕыр салайааччытынан Улахан Чыыстайдааҕы орто оскуола эбээн тылын уонна культуратынучуутала Евдокия Викторовна Соловьева салгыбакка үлэлиир.

Бөһүөлэктэн саамай тэйиэс маршруттаах «Саркычаан» община буолар. Манна Евдокия Спартаковна, Аркадий Прокопьевич Слепцовтар дьиэ кэргэттэрэ үлэлииллэр, кинилэргэ оҕолоро сайын аайы кэлэн күүс-көмө буолаллар, сынньанан бараллар.

«Эрикит» родовой общинаҕа Василий Викторович кэргэнинээн Елена Степановналыын үлэлииллэр. Бу элбэхоҕолоох ыал оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьан тыа усулуобуйатыгар олорорго, табаны таптыырга, тулуурдаах буоларга үөрэтэллэр. Елена Степановна уран тарбахтаах иистэнньэҥ, үлэһиттэрин, дьиэ кэргэнин кыһыҥҥы таҥастарын бэйэтэ тигэр. Сайыҥҥы өттүгэр хаһаайка бииргэ төрөөбүттэрэ дьиэ кэргэнинэн тахсан көмөлөһөллөр.

Ити курдук ыстаадаларга элбэх оҕо тахсан сайылаан табаһыттарга таба манаһан, от-мас бэлэмнэһэн көмөлөстүлэр. Табаһыттар хаһан да, хайдах да күн-дьыл буоллун сынньамматтар. Курулас ардахха, өҥүрүк куйааска түүннэри-күнүстэри табаларын маныыллар. Манна барытыгар оҕолор сайыҥҥы кэмҥэ ыстаадаҕа табаһыттары кытта бииргэ сылдьан, табаһыт көс олоҕун, үлэтин-хамнаһын кытта ыкса билистилэр. Айылҕаҕа сылдьан сүүрэн-көтөн, сибиэһэй аһынан аһаан, ыраас салгынынан дуоһуйа тыынан, эт-хаан өттүнэн доруобуйалара бөҕөргөөтө, санаалара кытаатта. Ааспыт сылга ыстаадаҕа Улахан Чыыстай оҕолоро республикатааҕы, регионнааҕы хабааннаах конкурстарга, спортивнай күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттан бар дьоннорун үөрдүбүттэрэ. Дьэ ити курдук биһиги Чыыстайбытыгар өбүгэ удьуора салҕанар, айылҕа мааны кыылын – табаны көрөллөр, үксэтэллэр. Үлэ сылынан табаһыттарга барыларыгар үлэлэригэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэттэригэр дьолу баҕарабын. Үөрэх дьыла саҕаламмытынан кэнчээри ыччаттарбытыгар туйгун үөрэҕи, спортка ситиһиилэри, кэлин сөбүлүүр идэлэрин талан төрөөбүт нэһилиэктэригэр туһалаах дьон буола улааталларыгар баҕарабын.

Читайте дальше