Кулун тутар 27 күнүгэр Саха сиригэр аатырбыт чөмпүйүөн ыанньыксыт Анна Иннокентьевна Старкова туһунан оҕолоро бэлэмнээн бэчээттэппит “Үтүө аатын үлэнэн үйэтиппит” кинигэтэ сүрэхтэниитин тэрээһинэ төбүлэхтэртэн кэһии сүөгэй үүттээх сылаас чэйдээх остуол тула истиҥ кэпсэтии эйгэтигэр ыытылынна.
40 экземплярынан тахсыбыт дьоһун кинигэни урууларыгар-аймахтарыгар, биир дойдулаахтарыгар, ытык
кырдьаҕастарыгар, библиотекаларга, редакцияҕа бэлэх ууннулар. Тэрээһини Анна Иннокентьевна кыыһа, төрөөбүт
Төбүлэҕин нэһилиэгэр баһылыгынан өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбит Марианна Соркомова иилээн-саҕалаан ыытта. Кинигэни кини бэйэтэ, тыл үөрэхтээх кийииттэрэ Нина Соркомова, сиэннэрэ Людмила Седалищева дьонтон ахтыы хомуйан, оройуон хаһыатын матырыйаалларын туһанан, хаартыскаларынан ситэрэн, таҥан оҥорбуттар.
Марианна Егоровна киирии тылыгар кинигэ биэс түһүмэхтэн турарын сиһилии кэпсээтэ. Ол курдук, бастакы түһүмэххэ Анна Иннокентьевна төрдүн-ууһун, олоҕун туһунан киирбит. Кини 10 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт, 14 сааһыттан “Киров”, кэлин “Правда” холхуостарга үлэлээбит. Онтон 1961 сылтан “Муома” сопхуос тэриллиэҕиттэн, Төбүлэх отделениетыгар өр сыллах таһаарыылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта. Ону Анна Иннокентьевна “Норуоттар доҕордоһуулара”, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьаннара, элбэх мэтээллэрэ, үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин бэлиэлэрэ, үгүс грамота, махтал суруктара туоһулууллар. 2012 сыллаахха Муома оройуонун бочуоттаах олохтооҕо Анна Иннокентьевна Старкова аата “Лучшие люди: Большая международная энциклопедия” кинигэҕэ аата үйэтитиллибитэ. Анна Иннокентьевна Старкова хоту сир тыйыс услуобуйатыгар илии күүһүнэн уустук үлэҕэ биир ынахтан 3914 кг, онтон 4000 кирбиини аһаран Муомаҕа биир бастакынан үрдүк наҕараадалардаах, уордьаннардаах чөмпүйүөн ыанньыксыт этэ.
Марианна Егоровна ахтыытыгар, ийэлэрин ситиһиилээх үлэтин, уҕараабыт эрчимин, бүгүрү майгытын кэпсээтэ: “Ийэбит үлэнэн эрэ олорбута диэтэхпинэ сыыспаппын. Хара сарсыардаттан, алта чаастан бастакы ыамыгар тахсара, күн устата түөрт төгүллээн ынахтарын “раздойдаан” ыыра, киэһэ хойут 12 чааска диэри. Аны төрүөх кэмигэр түүннэри дьуһуурустубатын эбэн кэбис. Ол иһин бары ийэбитигэр көмөлөһөн, хара үлэҕэ эриллэн улааппыппыт”.
Кинигэ иккис түһүмэҕэр оройуону салайар Дмитрий Аммосов, араас кэмнэргэ салайбыт Петр Черемкин, Люлия
Григорьева, ол саҕана сопхуоска үлэлээбит Анатолий Добрянцев, Петр Стручков, Петр Исаков, Иннокентий Слепцов,
Евдокия Березкина ахтыылара киирбиттэр. Үһүс чааһыгар оройуон хаһыатыгар оччотооҕу кэмҥэ тахсыбыт ыстатыйалар, бэл “Кыым” хаһыаттан суруйуулар киирбиттэрэ кинигэ дьоруойун уобараһын ситэрэн биэрбит. Кинигэ төрдүс чааһыгар Анна Иннокентьевнаны кытта бииргэ алтыспыт, үлэлэспит дьоннорун истиҥ ахтыылара киирбит. Түмүк чааһыгар Анна Иннокентьевна дьиэ кэргэнин туһунан, оҕолорун, сиэннэрин, аймах билэ дьоннорун ахтыылара киирбит. Анна Иннокентьевна кэргэнинээн Егор Иванович Соркомовы кытта алта оҕону иитэн, үксүлэрин ыал оҥорон, сыбаайбалаан, сүөһүлээн-астаан, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбиттэрэ. Ол туһунан манна ааҕабыт. Аҕалара Егор Иванович удьуор көнө сүрүннээҕэ, дьону кытта эйэлээҕэ, үлэһитэ, дьиэ кэргэнигэр олус көмөлөөҕө ахтыллыбыт. Оччолорго сүөһүттэн-үлэттэн орпот, бүппэт түбүктээх кэргэннгэр өйөбүл буолбута саарбахтаммат. Кинилэр үлэни өрө тутан, үлэҕэ холобурунан оҕолорун иитиигэ сабыдыаллара сөҕүмэр. Оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн дьоннорун батыһа сылдьан үлэҕэ иитиллэн бары дьон майгыта бастыҥа, үлэһит киэнэ кэрэмэһэ буолан үүнэн тахсыбыттара, төрөөбүт бөһүөлэктэрин, оройуоннарын сайдыытыгар киллэрбит кылааттара сүҥкэн. Улахан кыыстара Светлана Егоровна Егорова тыа хаһаайыстыбатыгар, эргиэҥҥэ, үөрэх эйгэтигэр үлэлээн-хамсаан билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, кэргэнин Николай Петровичтыын үс оҕону төрөтөн,
элбэх сиэн эбээтэ-эһээтэ дэттэрэн, сүөһү-сылгы ииттэн төрөөбүт Төбүлэҕэр олороллор. Орто кыыс Марианна Егоровна биолог үөрэхтээх, эмиэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, үс оҕолоох, сиэннэрдээх. Соркомовтар улахан уоллара Серафим Егорович олохтон барыар диэри тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбитэ, икки оҕо, сиэннэрэ олоҕун салгыыллар. Орто уол Ньургустаан Егорович сибээс үөрэҕин баһылаан идэтинэн, онтон тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбитэ. Икки боотур уолаттара үрдүк үөрэхтэнэн, дьиэ кэргэнинэн Москубанан, куоратынан олороллор. Кыра уол Иннокентий Егорович үс уоллаах, сиэннэрдээх, төрөөбүт түөлбэтигэр кэргэнин кытта үөрэх эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Кыра кыыстара Татьяна Егоровна бэтэринээр идэтигэр үрдүк үөрэҕи баһылаабыта. Кини кыыһа Ирина Васильевна үрдүк үөрэхтээх инженер, билигин оройуоҥҥа биир биллэр урбаанньыт. Ити курдук, оҕолор, ыччаттар дьоннорун дьоһун олохторун сиэрдээхтик салгыыллар, төрөөбүт түөлбэлэригэр, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэ үөһүгэр айа-тута сылдьаллар.
Мустубут дьонтон Анна Иннокентьевна бииргэ төрөөбүт кыра балта Варвара Иннокентьевна, племянницата Галина
Гаврильевна эдьиийдэрэ олус үлэһитин, олус бэриниилээҕин, эппиэтинэстээҕин, түргэн ыраас туттуулааҕын сөҕө-махтайа, куруук күлэ-үөрэ сылдьар үтүө майгылааҕын ахталлар. Салгыы Нина Архиповна Анна Иннокентьевна салайар ферматын коллективыгар үлэлээбитин кэпсээтэ. Аймахтара Юлия Сюльская, Людмила Старкова, Саргылана Винокурова, Галина Чугунова, о.д.а Төбүлэх бөһүөлэгин дьонун-сэргэтин, үлэҕэ көхтөөхтүк кыттыбыттарын, күлүүлээх түгэннэри аҕыннылар. Түмүк тылга Марианна Егоровна оройуон киинигэр баар түмэлгэ урукку кэмнэргэ үлэнэн аатырбыт дьоммут туһунан кэпсиир муннук суоҕун сонньуйа эппитэ оруннаах. Кырдьыга, билигин оскуола оҕолоро урукку сопхуос саҕанааҕы кэмҥэ производственнай үлэ үрдүк кирбиилэрин куоһарбыт бастыҥ үлэлээх дьоммут туһунан билиилэрэ тутах. Ону билинэр наада. Ити ханнык да эйгэҕэ сыһыаннаах. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылынан биллэриллибитэ, араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллыбыттара. Быйыл ол бачыымы салгыыр наадалааҕынан ааҕыллыбыта. Онон урут үлэлээн-хамнаан ааспыт үтүө дьоммутун үйэтитэр, Үлэ киһитигэр аналлаах аллея дуу, кинилэри сырдатар ис хоһоонноох өйдөбүнньүгү тэрийэр кэм уолдьаста. Маны оройуон салалтата болҕомтоҕо ылыаҕа диэн эрэнэбит. Маннык туруу үлэһит дьоммут ааттара кэлэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолуохтун!
Суруйуубун Нина Васильевна Анна Иннокентьевнаҕа анабыл хоһоонуттан быһа тардыынан түмүктүүбүн.
Оҕо саастан үлэни
Аргыс, кынат оҥостон,
Үйэҥ-сааһыҥ тухары
Арахпатыҥ хотонтон.
Ылбытыҥ үрүҥ илгэни тэнитэн
Икки уордьаннаах ыанньыксыт,
Хоту сири аатырдан,
Түөрт тыһыынча кирбиини
Уһун күнү үлэҕэр
Атаардаргын даҕаны,
Алта оҕо эн дьиэҕэр
Үксэппитэ саханы.
Муома чулуу кыыһыттан
Силис тардан, тэнийэн,
Уонтан тахса сиэн, хос сиэн
Бүгүн ахтар-саныыр эйигин.
Мира Старкова