Оччотооҕу олохпут ыараханыттан, айылҕабыт тымныытыттан, саха киһитэ сатабыллаах, хапсаҕай туттуулаах,
кыайыылаах буолан, оттон-мастан тардыһан, ыарахан кыстыктары туораан, күүтүүлээх күөх сайыммытын көрсө
хапсаҕай хаана оонньоон, үрүҥ тунах ыһыахха тустан, кыайыылаах аатын былдьаһа, күүстэрин-уохтарын биллэрэн,
ыҥырсан тусталлар эбит.
Тыын, көмүскэл, толук быһаарсыылаах киирсиилэргэ, хапсаҕай тустуу хабыр соҕустук ыытыллар буолан охсуһуу
аҥаардаах кэриэтэ, эчи былыргы дьон тыыллан саһаан үрдүктээх, центнер саҕа ыйааһыннаах буолар эбиттэр.
Олох тупсан истэҕин аайы тустууларын быраабылалара иллээх, эйэлээх күрэххэ сыыйа кубулуйан испит.
Дьиҥ саха тустуута-хапсаҕайдааһын тустуу үгүс үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит ытык оонньуулара-айылҕабытыгар
дьүөрэлэһэр омук быһыытынан тыыннаах сылдьарбытыгар олоххо сэрэхтээх, боччумнаах буолууга, олох биирдэ
бэриллэрин сэрэтии курдук, бу олоххо тирэхтээхтик тирэнэн, олоҕун оҥосторугар өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх
буоларыгар боотурдары былыр 3 сааһыттан 18-һыгар диэри уһуйан үөрэтэллэр – онно быһый, сымса, хапсаҕай,
тирэхтээх буоларга анаан үөрэтэн, "хапсаҕай" кылааһын баһылаабыт хоһуун-тоҕус бэлиэлээҕинэн биллэрэ.
Дьиҥ суруктаах-бичиктээх, судьуйалаах хапсаҕайдааһын тустуу 1937 сыллаахха, Туймаада эбэ хотуҥҥа, от ыйыгар
күнүс 4 чаастан саҕаламмыт.
1925 с. сэтинньи 25 күнүгэр Саха сирин ситэриилээх кэмитиэтин бирикээһинэн, эт-сиин култууратын сэбиэтэ
тэриллибитэ быйыл 100 сылын туолуутунан сибээстээн, балаҕан ыйыгар көҥүл тустуу улахан түһүлгэлэрэ
ыытыллыбыттара.
Бу улахан суолталаах аан дойду түһүлгэтин түмүктэриттэн хаһыаттары аахтахха, улахан ырытыы суох курдук.
Баҕар бу бүтүн икки сыл устата, бастыҥ бөҕөстөр аан дойду түһүлгэтигэр кыттыбатахтара, онно эбии олимпиадаҕа
кыттар эбэтэр кыттыбат боппуруостара быһаарыллыбакка турарыттан, ону таһынан МОК – Арассыыйа уонна
Белоруссия спортсменнарыгар кэккэ ирдэбиллээхтэриттэн, ити барыта кыттааччыларга улахан охсуулааҕа биллэр.
– Киһи-аймах, өркөн өйүн сайдыытын чыпчаала буолбут, Олимпийскай оонньууга кыттыбыт Роман Дмитриев уонна
Павел Пинигин мөккүөрэ суох лидердэр буоллахтара.
Оттон бу кэпсиэхпин баҕарар киһим Федосеев Илларион, саха омуктан аан бастаан аан дойду чемпиона буолан, саха
киһитин чиэһигэр улуу дойду ГИМНин оонньоппута. Ити 1969 с. АХШ-ын Боулдер куоратыгар, хаһан да өлбөөдүйбэт
улуу ситиһии өрөгөйүн өрө туппута. Бу ситиһии оччотооҕу саха дьонун төһөлөөх үөрдүбүтэ, дьоллообута, киэн туттуу
дуоһуйуутун аҕалбыта буолуой?!
Кини аата-суола тоҕо умнулунна?
Кэргэним Юрий Михайловиһы Ларев оҕо сааһыттан тустуунан дьарыктанан, кэлин ситэн-хотон, утумнаахтык
дьарыктанан, оройуонун чиэһин (араас таһымнаах күрэхтэргэ) элбэхтэ көмүскээн дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибитэ.
Онон да сибээстээн, мин эмиэ тустуу-ну, күүстээх тустааччылар тустарынан интэриэһиргээн ааҕар, билэ-көрө сатыыр
буолбутум.
Бу Илларион туһунан өрдөөҕүтэ сахалыы тылынан тахсар сурунаалга, Таатта олохтоох биэрии устуутуттан
суруллубуту ааҕан баран олус сөхпүтүм. Кини туһунан билиэхпин баҕаран хаһыаттары, сурунааллары хаһыспытым.
Дьэ, уонна маннык ис хоһоонноох, дьон өйүгэр номох буолан хаалбыт, сылгыһыт Дабыкыс туһунан билбитим.
Революция иннинэ, Тааттаҕа Дохсоҕо уонна Чөркөөх быыһыгар, бүтүн Саха сиригэр аатырбыт Оруоһун диэн улуу
баай киһиэхэ өр сылларга биир ааттаах сылгыһыт үлэлээбит. Бу үлүгэр байарыгар, үөрэ эбиллэригэр, өйүн-санаатын,
дьулуурун анаабытын сыаналаан, биир үтүө күн анаан махтанан, хайҕаан маннык диэбит: "Үтүө суобастаахтык
үлэлээтиҥ, онон бу убаһалартан биир сөбүлээбиккин талан, миинэр миҥэ оҥоһун", – диэбит.
Ону киһитэ хас эмэ сүүс убаһаттан биир намыһах, төбөтүн кыаммат курдук, аллара умса түһэрэ сылдьар убаһаны
сиэлиттэн сиэтэн, тойонугар эппит: "Көҥүллүүр буоллаххына бу" – диэбит. Онуоха баайа: "Баҕайы булан талан, талбыт
ээ", – дии санаабыт, таһыгар таһаарбатах. Сылгыһыт талбыт убаһата атын убаһалардааҕар намыһаҕын да иһин,
таһыччы уһунун тойон өйдөөн көрбөтөх.
Бу сылгыны бэйэтэ эрэ билэринэн көрөн истэн, харайан ааттаах сэлиик сылгыны иитэн таһаарбыт.
Сыарҕаҕа көлүйэн баран күүскэ сиэллэрдэҕинэ, атын сылгыһыттар миинэр аттара сүүрэн да сиппэттэр эбит.
Сылгыһыт аата Дабыкыс диэн. Оннук кэпсээн тарҕанан уос номоҕо буолбутун истэн, тойоно кэлэн, бүтүн үөргэ
атастаһаары кэпсэппитин сылгыһыт аккаастаабыт.
Дабыкыс этэҥҥэ гражданскай сэриини туораан, сэбиэскэй былаас олоҕор тиийбит.
Дьэ, арай республика үрдүнэн бастакы быыбар буолбут. Бүллүтүөн ааҕыытын П.А. Ойуунускай хонтуруоллаабыт.
Чугас эҥээрдэр эбиэт иннинэ бүллүтүөннэрин аҕалтаабыттар. Илин эҥээрдэри кэтэһии буолбут. Дьэ, манна үтүө сылгы
сөҕүмэр кыаҕын, быстыбат тыынын, түргэн айанын көрдөрбүт.
Комиссия саҥа эбиэттээн бүтэн тахсан, кэтэһэ турдахтарына, "Таатталар иһэллэр" диэн иһиллибит. Кэпсээҥҥэ,
номоххо киириэн киирбит айаны, сиэлиини көрдөрөн Дабыкыс сылгыһыт, этэргэ дылы, көтөн буурҕатан, комиссия
олбуоругар атын икки таныыта тыастаахтык тыынан, буруолаабытынан бу ыстаннаран кэлэн, дьааһыктарын туттараат,
атын эргилиннэрэ баттаан күрдьүк хаара үрдүнэн көтүтэн төннөр аакка барбыт.
Ойуунускай олус бэркиһээн, үөрбүт, киэн туттубут. Бу кырдьык буолбут түбэлтэни, кэлин, "Хотугу Сулус "сурунаалга
суруйбуттар. Бу номоҕу Илларион кэпсиир эбит. Кини бэйэтин ситиһиитэ ити ат сырыытыгар тэҥнээх. Бэйэтэ оҕо
эрдээҕиттэн номохтору, үһүйээннэри, ордук остуоруйа чахчыларын, биллиилээх, дьон олохторун туһунан умсугуйан
туран ааҕарын сөбүлүүр, дьарык оҥостор эбит.
1966 с. Саха сирин Спартакиадатыгар оҕолору уонна улахан дьону бииргэ туһуннарбыттар. Күрэхтэһиигэ Тааттаттан
киирбит үс уол бастаабыт. Күрэхтэһии түмүгүнэн, кинини Коркин Дмитрий Петровиһы республика сүүмэрдэммит
хамаандатыгар сборга хаалларбыт. Күһүн Тааттаттан 4 уол буолан Чурапчыга кэлбиттэр. Аан бастаан дьиэттэн тэйбит,
интернат олоҕор үөрэммэтэх оҕолор тулуйбакка, биир күн табаарыһын кытта күрүүргэ санаммыттар. Икки күн субуруччу
автобустара кэлбэккэ, тустуук буолар. Дьылҕалара тардан, хаалан салгыы дьоннорун кытта бодоруһан дьарыктанан
барбыттар.
Тренердэрэ, кинилэр санааларыгар, сүрдээх нүһэр киһи эбит. Хайҕалы биэрэрэ сүрдээх ыарахан буолара "дьэ бу
маны сөпкө гынныгыт" – диэтэҕинэ, толору дьоллоох дьонунан сананарбыт" диэн ахтар. Ону тэҥэ хас биирдии дьарыгын
күрэхтэһии курдук ыытар буолан күүстээх эрчиллиини барбыт. Ити сыл "Ытык Күөлгэ үөрэнэ сылдьан республика
чемпиона буолбут Юрий Цыкынову 6:0 кыайан-хотон, улахан кыайыым диэн, бэйэтин кыаҕын сыаналаан "тустууһукпун"
диэн санаа аан бастаан киирбит. Оҕо сылдьан тустубут утарылаһааччыларын үрдэтэн, сыаналаан кэпсиир идэлээх
эбит.
Коркин курдук күүстээх тириэньиргэ эрчиллибитин олус истиҥник ахтар. Бөтүрүөбүс уратыта диэн кини бэйэтин
кэмигэр урутаан испит киһи, ол урутааһына диэн билигин санаан көрдөххө маннык эбит – тустуу былыр былыргыттан
баар көрүҥ буолан албастар арыллыбаттарын кэриэтэ, кэм кэрдии уларыйдаҕын ахсын тустуу ньыматын эмиэ олбу-
солбу уларытан иһэллэр, ол курдук хаһан эрэ туттулла сылдьыбыт ньымалар саҥа курдук көстөллөрө баар суол,
талааннаах оҕо хайа баҕарар көрүҥҥэ, эйгэҕэ аҕыйах буолар. Саха оҕото төһө да тустууга талааннаах буоллар, буһуу-
хатыы оскуолатын ааспатаҕына, психологическай өттүнэн улахан түһүлгэҕэ бэлэмэ суох диэн бэлиэтээн, куруук этэр
эбит. "Холобур Роман Дмитриев Чурапчыга кэлбэккэ, Эдьигээнигэр сыппыта буоллар хаһан да Олимпийскай чемпион
буолуо суоҕа этэ, Иванов Александр Сунтаарыгар сылдьыбыта буоллар олимпиаданы харахтаабат буоллаҕа" – диэн.
Ол иһин кини кииннээһин тэриллибэтэҕинэ тустуу сайдыа суоҕа диир эбит. Бары түмүллэн, биир сиргэ Бөтүрүөбүс
курдук киһи илиитигэр киирэн дьарыктаналлара буоллар диэн баҕа-санаатын этэн хаалларбыт.
Кини бэйэтэ таптыыр Тааттатыгар олорбут, көрдөххө төһө да кыра-дьарамай көрүҥнээҕин иһин, ис иһиттэн хайдах
эрэ ураты ис күүстээҕэ тута сэрэйиллэр этэ диэн, кинини кытта алтыспыт доҕотторо бары итинник санаалаах ахталлар.
Илларион бу сылгыһыт Дабыкыс сыдьаана эбит.
Эһэтэ Федор Давыдов остуоруйаһыт, аҕата Дарыбыан Давыдов олоҥхоһутунан биллибит киһи.
Аҕыйах сыллааҕыта улахан сиэн кыыспыт Илларион Георгиевич Федосеев аймах дьонугар кийиит буолан киирбитэ.
Бу улуу тустуук туһунан өйдөбүл, өйтөн сүппэт үһүйээн буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсэнэ турдун.
Маргарита Ларева