Бу күннэргэ Муомаҕа тымныы үгэннээн турар. Төбүлэх нэһилиэгэр бүгүн сарсыарда -61* кыраадыс бэлиэтэннэ.
Таһырдьаттан томороон тымныыны, хойуу туманы бүрүнэн киирдэххэ, дьиэбит иһэ «быр» курдук сылаас салгынынан кууһан ылар. Билигин Муомаҕа бары кэриэтэ ититэр ситиминэн оттуллар дьиэлэргэ олоробут. Урукку курдук тоҥ хардаҕаһы кытта тустар киһи суох.
Биһиги сырдык, сылаас, бэлэм уулаах-хаардаах дьиэлэргэ быр-бааччы олорорбут, олохпут уйгута, доруобуйабыт, чөл турукпут, күннээҕи настырыанньабыт коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэриттэн быһаччы тутулуктаах. Кинилэр күннэтэ сылайар-элэйэр диэни умнан туран, тыйыс тымныыга тоҥору-хатары аахсыбакка дьон сылаас дьиэҕэ олорорун туһугар кыһаллан үлэлииллэр.
Уһун кыһын устата хочуолунайдар тигинэччи үлэлии тураллара — бу «коммунальнайдар» туруктаах үлэлэрин түмүгэ.
Төбүлэх — оройуон кииниттэн ыраах сытар дьоҕус нэһилиэк. Өймөкөөн оройуонун кытта атахтаһа сытар буолан, тымныытынан биллэр Өймөкөөн тымныыта кинилэргэ биллэр.
Төбүлэххэ саҥа хочуолунай 2020 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Хаһаайыстыба 13 үлэһиттээх. Манна маастарынан Степан Гуляев үлэлиир.
— Биһиги нэһилиэкпитигэр дьиэлэр 100% ититиигэ холбонон олороллор. Саҥа котельнай үлэҕэ киириэҕиттэн дьиэлэр биллэ сылыйдылар. Ол иннинэ, кырдьыга диэн эттэххэ, кыра саахал тахсар этэ. Котельнай да иһигэр, теплотрассаҕа даҕаны. Билигин этэҥҥэ үлэлии сылдьабыт.
Үс котёлу үлэлэтэбит, уопсай кыамтата 3,42 МВт. Трасса эмиэ өрөмүөннэммитэ. Үлэлииргэ усулуобуйа баар, үчүгэй. Ол эрэн саҥа уу баһар массыыналанарбыт буоллар, олус бэрт буолуо этэ. Билиҥҥи «Водовозпут» эргэрдэ.
Степан коммунальнайга 2001 сылтан үлэлиир. Уус-Ньаратааҕы ПТУ-34 слесарь-электрогазосварщик идэтин бүтэрэн кэлэн, сварщик-сантехник быһыытынан үлэтин саҕалаабыт. Коммунальнай салалта үлэһит, кыайыылаах-хотуулаах эдэр киһини 2014 сыллаахха маастарынан анаабыта.
— Үлэбит сүрдээх эппиэтинэстээх. Ордук кыһын. Ол иһин сайыҥҥы кэмҥэ барытын көрүнэн, өрөмүөн ыытан тымныы кыһыҥҥа эрдэттэн бэлэмнэнэбит. Үлэһиттэрим бары үлэлэригэр бэриниилээх дьон. Саамай аҕа саастаахпыт А.И.Гуляев уонна В.Е.Ковлеков, Ю.Е.Ковлеков, А.С.Кудрин уонна В.В.Седалищев уопуттаах үлэһиттэр. Оператордарым 60-н тахса кыраадыстаах тымныыга итиини биир тэҥ туталлар. Хата түгэн көстүбүччэ, хаһыат нөҥүө үлэһиттэрбэр барыларыгар таһаарыылаах үлэлэрин иһин махтаныам этэ.
Бэйэм төрүт олохтоох Төбүлэхпин. Ол иһин төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгим туһугар, дьон сылааска олордуннар диэн сүрэхпинэн-дууһабынан ыалдьан туран үлэлиибин, — диир Степан Валерьевич.
Маннык өйдөөх-санаалаах үлэһит дьонноохпутуттан киһи эрэ үөрэр. Олохтоох ыччаттарбыт төрөөбүт дойдуларыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллара да үөрдэр. Эппиккэ диэри, «Где родился, там и пригодился».
Даҕатан эттэххэ, 2023 сыл — Үлэ сылын түмүгүнэн Степан Валерьевич үлэтэ сыаналанан, «Сыл бастыҥ үлэһитэ» ааттанан, оройуон баһылыга Дмитрий Аммосов бириэмийэтин ылбыта.
Нэһилиэнньэни сылааһынан хааччыйар тэрилтэ уйанын-хатанын маннык -60* кыраадыс тымныылар тургутан көрөллөр. Үлэһит дьон кинилэр үлэлэриттэн бүтүн нэһилиэнньэ олоҕо, доруобуйатын туруга тутулуктааҕын толору өйдүүллэр.
Биһиги кинилэргэ итии уулаах-хаардаах, толору хааччыллыылаах, сырдык, сылаас дьиэлэргэ олорорбут иһин истиҥник махтанарбытын биллэрэбит.
Валентина Старостина.