Кэрэ аҥаардар Спартакиадалара

Быйыл Төбүлэх нэһилиэгэр 2024 сыл Спорт сылынан биллэриллибитэ, ол чэрчитинэн Аан дойду Дьахталларын күнүнэн нэһилиэккэ кэрэ аҥаардар Спартакиадалара буолан ааста.

Олохтоох спортзал туонатыгар үс хамаанда тоҕуоруһа муһунна. Кэлбит кэрэ аҥаардары сааскы чэмэлкэй бырааһынньыгынан олохтоох Ю.А.Слепцов аатынан Төбүлэхтээҕи норуот айымньытын дьиэтин директора Анастасия Никулина эҕэрдэлээн туран, бары хамаандаларга ситиһиилэри баҕарда. Икки күннээх күрэхтэһиигэ үс хамаанда илин-кэлин түһүстүлэр.

Судьуйалар Гаврил Соркомов, Петр Никифоров, Анастасия Никулина, алта көрүҥнээх күрэх: остуол оонньуулара /хаамыска, хабылык, дуобат/, дартс, ох саанан ытыы, фитнес, волейбол, эстафета. Бэрт эрийсиилээх, киириилээх-тахсыылаах көрүҥнэр кэннилэриттэн «Ньургуһуннар» хамаанда (капитан Анна Нучеканова) инники түстэ, иккис «Ситим» хамаанда (капитан Айталина Соркомова), үһүс » Сарыада» хамаанда (капитан Евгения Герасимова) буоллулар.

Көрүҥнэргэ уһулуччу көрдөрүүлэрин иһин хаамыскаҕа Северина Кудрина («Ньургуһуннар»), хаамыскаҕа Алена Стручкова, Ольга Григорьева («Ситимнэр»), дуобакка Татьяна Кириллина, Зинаида Вензель («Ситимнэр»), дартска «Сатабыллаах быраҕыы» Евгения Герасимова («Сарыада»), «Саамай үрдүк көрдөрүү» Ульяна Старкова, «Уһулуччу быраҕыы» Елена Кириллина (» Ньургуһуннар»), ох сааҕа Светлана Никифорова («Ньургуһуннар») ааттанан сыаналаах бириистэри туттулар. Спартакиада саамай аҕа саастаах кыттааччылара Мария Нучеканова, Анна Гуляева анал бириис ыллыллар. Хамаанда капитаннарыгар Анна Нучекановаҕа, Айталина Соркомоваҕа, Евгения Герасимоваҕа эмиэ анал бириистэр туттарылыннылар .

 Людмила Стручкова.