От ыйын саҥатыгар Саха национальнай Бэчээт күнүн чэрчитинэн бу эйгэ үлэһиттэригэр саҥа үлэ таһымыгар сыһыаннаах семинар-үөрэх ыытылынна. Тустаах министиэристибэ, тэрилтэбит тэрийиилэринэн Москубаттан МГУ суруналыыстыкаҕа уһуйааччылар, куйаар ситимин баһылаабыт эрэдээктэрдэр лекцияларын иһиттибит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын А. С. Николаевы кытта атах тэпсэн олорон өрөспүүбүлүкэбит инникитин ырытыстыбыт. Ону сэргэ суруналыыстары кытта анаан-минээн дойдуга буола турар балаһыанньаны кырдьыктааҕынан тиэрдэр сыаллаах саҥа Арассыыйа регионун, Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сүбэһитэ Игорь Кимаковскай көрүстэ.
Игорь Кимаковскай биһиги улахан дойдубут регионнарынан сылдьан дьиҥнээхтик туох буола турар байыаннай дьайыыга объективнай сыанабылы биэрэргэ дьулуһар аан дойдуга биллэр суруналыыс. Бэйэтэ Макеевкаттан төрүттээх, Одессаҕа улааппыт, Санкт-Петербургтааҕы государственнай университет информационнай технологияларга Киин директорынан үлэлии сылдьан 2014 сыллаахха доброволец уонна волонтер быһыытынан кыра дойдутугар төннүбүт. Иккитэ ыараханнык бааһырбыт, Дебальцевоны чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөспүт. 2015 сыллаахха Украина сулууспатынан тутуллан түөрт дьулаан сылга хаайыллыбыт, сэттэ ый соҕотоҕун камераҕа сыппыт, быраабын көмүскүүр туһугар 54 күн аччыктааһыны ааспыт. Игорь Владимирович улахан информационнай сэрии бара турарын, байыаннай дьайыы саҕаланыахтааҕын өтө сэрэйэр этибит диэн кэпсиир: “Арассыыйаҕа араас омуктар түөлбэлээн олорон, эйэлээх олоҕу уһансаллар. Ол эрээри, хомойуох иһин, Украинаттан тэйиэс сытар регионнарга дойдубут анал байыаннай дьайыыга туох сыһыаннааҕый диир дьон аҕыйаҕа суохтар. Оччотугар история быыһын сэгэтиэххэ. Украина туспа дойду буолбакка, 1914 сыллаахха Арассыыйа империятын састаабыгар этэ. Богдан Хмельницкэй саҕаттан 1654 с. Малороссия хаҥас биэрэгэ, Полтава, Чернигов куораттара бэриллэн Украина уобалаһа тэриллэр. Отучча сылынан онно Киев куората киирэр. 1795 с. Малороссия уҥа биэрэгэ, Ровно, Житомир, Винница куораттара киирэллэр. Онтон сэбиэскэй тутул кэмигэр 1918 с. В.И. Ленин “дэлэй, дьэллэй” илиитинэн Одесса, Херсон, Запорожье, Харьков, Сумы, Луганскай, Донецкай уобаластарын Украина састаабыгар бэрдэрэр. Аҕа дойду сэриитин эрэ иннинэ 1940 с. Арҕаа Украина, Львов, Черновцы уобаластара эбиллэллэр. Сэрии кэнниттэн 1946 с. Закарпатье киирэр. Онтон 1954 с. Никита Хрущев дойдуну салайа олорон Крымы бэлэхтиир. Онон санаан көрүҥ, Украина дойдута кэҥээн, онно олорор нуучча норуотугар күүс өттүнэн украиналыы өй-санаа соҥнонор. 90-нус сылларга Сэбиэскэй Сойуус үрэллэрин саҕана, Украина 90 % олохтооҕо нууччалыы саҥарар этэ. Улахан куораттарга украиналыы саҥарбаттар этэ. Бэл аан дойдутааҕы ЮНЕСКО украинныы тылы 75 %-на нууччалыыттан киирбит диэн, ураты, сэдэх тылынан билиммэтэҕэ. Украина кэнники 30-ча сыл устата тастан салаллан, арҕааҥы культураҕа баһыйтаран олорбута. 19-ус үйэҕэ олорбут Германия бастакы канцлера Отто Бисмарк “Сэриини учууталлар уонна пастордар кыайаллар” диэн этэн турар. Ол бэргэн этиини үөрэх тэрилтэлэригэр историяны токурутан үөрэтии түмүгэр, билигин букатын атын, арҕааҥы дойдулуу өйдөөх-санаалаах көлүөнэлэр иитиллэн тахсыбыттарыгар көрөбүт. “Защитник Отечества” 11 кылаас учебнигар байыаннай училищелар куурустарын үөрэтэллэр, өстөөҕү кытта кыргыһарга анал инструкциялардаах. Ол эбэтэр оҕолортон саҕалаан хайдах Арассыыйа дьонун кыдыйарга эрдэттэн бэлэмнээбиттэр. Украинаҕа А.В. Ющенко салайан олордоҕуна, арҕааҥы дойдулар сабыдыаллара күүһүрбүтэ. Онтон 2014 сыллааҕы быһылааннар саҕаланаллар. Донецкай, Луганскай регионнар күүс өттүнэн кэлбит былаас нуучча норуотун бары өттүнэн күөмчүлүүрүн утараннар, туспа баралларын туһунан биллэрэллэр, референдум тэрийэллэр. Украина ону билиммэккэ, куораттары буомбалыыр, олохтоох нэһилиэнньэни утары 8 сылы быһа араас сидьиҥ дьайыылары оҥорор, атаҕастыыр, өлөрө-өһөрөр. Украинаҕа 850 тыһыынча Арассыыйа гражданнара бырааптара суох олорбуттара. Минскэйдэр кэпсэтиилэригэр үс сыл устата кыттыбытым, сүбэлэһэр саалаттан Украина бэрэстэбиитэллэрэ хас уон биэс мүнүүтэнэн тахсан, арҕааҥы «сүбэһиттэри» кытта сүбэлэһэллэрэ, биир да бэйэлэрин быһаарыныыларын ылбатахтарын көрбүтүм! Ол сымыйа Сөбүлэһии буоларын онно кыттыспыт дойдулар салайааччылара сааппакка билиммиттэрэ. Аҕыс
сыл устата Украинаны сэриигэ күүстээхтик бэлэмнээбиттэрэ, сэрии сэбинэн хааччыйбыттара. Мариупольга баар аэропорт аатырар “библиотекатыгар” Украина эрэсиимин кытта сөпсөспөт тыһыынчанан киһи суорума суолламмыта. Арҕааҥы дойдулар “Арассыыйа нуучча норуотун сатаан көмүскүүр кыаҕа суох” диэн өйдөбүллээх политиканы ыыппыта. Сэрии диэн бар норуот алдьархайа буолар. Хомойуох иһин, Украинаҕа быһыы- майгы эйэлээх суолунан быһаарыллыбата. Уопсайынан, Арҕааҥылар Украинаны Арассыыйаҕа утары туруорар политикалара поляк төрүттээх Америка политолога Збигнев Бжезинскай идеологиятыгар тирэҕирэр. Украинанан нөҥүө Арассыыйаны мөлтөтөр, самнарар, дойдубутун бытарытар сыаллаахтар. Онон биһиги онно “рак искэнин” утары охсуһабыт. Кыайыыбытыгар саарбахтыыр сатаммат. Арассыыйа састаабыгар киирэргэ референдум куоластааһынын күнүгэр кладбищеҕа, табаарыстарым көмүс уҥуохтарыгар этим. Кинилэр бары Арассыыйа састаабыгар олорор туһугар олохторун толук ууран куоластаабыттарынан ааҕабын. Баһылык сүбэһитэ да буолларбын, кабинекка олорор чунуобунньук буолбатахпын, фронт линиятын кыйа батыһа массыынанан айанныыбын, элбэх киһини кытта бодоруһабын, доброволецтары кытта алтыһабын. Саҥа регионнарга ученайдар, быраастар, учууталлар о д.а. курдук үрдүк кылаастаах интеллектуальнай специалистар аҕыйахтар. Билигин буола турар байыаннай дьайыыга Саха сирэ улахан биллэр-көстөр көмөнү, өйөбүлү оҥорор. Региоҥҥа снайпердар, беспилотниктар идэлэрин баһылаабыт баһылаабыт специалистар үөрэхтэрин тэрийэллэр. Быраастар биригээдэлэрэ тиийэн үлэлээн, атын регионнарга үтүө холобуру көрдөрөллөр. Украина туспа барыаҕыттан харахтарын эмтэтэр кыахтара суох тыһыынчанан дьон эпэрээссийэлэри аастылар, эмтэттилэр. Кэлэ сылдьан Донецкай Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын Махталын Ил Дархаҥҥа туттарбытым. Саҥа регионнар нэһилиэнньэлэрэ Саха сиригэр сиргэ тиийэ бокулуоннууллар, үтүө бачыымнарыгар сүгүрүйэллэр, махтаналлар. Саха сиригэр алгыстаах сайдыыны баҕарабыт!” Ити курдук, 4 сыл билиэҥҥэ сытан суруналыыстыка эйгэтигэр киирбит биир идэлээхпитин кытта үс күн устата долгуйа сэһэргэстибит. Игорь Кимаковскай суруйууларын бэл өстөөҕө билиммитин, убаастабылы ылбытын сөҕө иһиттибит… Игорь Кимаковскай суруйууларын сэргэ документальнай киинэлэри бэлэмнээн таһаарар.
М. Старкова