ХОНУУГА ХАРЫЙА УОТА УМАЙДА

Бүгүн Хонуу сэлиэнньэтигэр Кыайыы болуоссатыгар күүтүүлээх Саҥа Дьылбыт кэрэ бэлиэтэ — күөх харыйа араас дьэрэкээн уотунан дьиримнии умайда.

Халлаан «сылаас» туран быйылгы бырааһынньыкка оҕо-аймах тоҕуоруһа мустубут. Уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, бэл, көтөххө да сылдьар кырачааннар Тымныы Моруос оҕонньору Хаарчаананы көрсө кэлбиттэр.

Бырааһынньык арыллыытыгар, үгэс быһыытынан, Муома национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Иван Дягилев мустубут дьону, оҕолору кэлэн иһэр саргылаах Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээтэ.
Тэрээһин аралдьытар программатын «Осикат» этно-култуурунай Киин үлэһиттэрэ (дириэктэр Алексей Варламов) араас персонаж буолан кыайа-хото туттулар, оонньууну-көрү көҕүлүттэн туттулар.
Кырачааннар хоһоон ааҕан Тымныы Моруос оҕонньортон минньигэс кэмпиэт тутан үөрдүлэр-көттүлэр.
Манна даҕатан эттэххэ, быйылгы бырааһынньыкка кэмпиэт-сакалаат элбэҕэ оҕолорго үгүс үөрүүнү аҕалла.

Хоту дойду кырачаан олохтоохторугар аптаах-алыптаах кэм саҕаланна.

Үөрүүлээх тэрээһин дьоҥҥо-сэргэҕэ саҥа дьыллааҕы настарыанньаны олохтообутугар тэрийээччилэргэ барыларыгар махтал.