Алтынньы 24 күнүгэр Төбүлэх нэһилиэгэр Саха сиригэр физкультура хамсааһынын 100 сылынан, Арассыыйаҕа Аҕа күнүн чэрчитинэн «Чөл олоҕу батыс» диэн нэһилиэк аҕаларын уонна оҕолорун икки ардыларыгар аан бастаан волейболга күрэхтэһии ыытылынна.
Маннык сонун күрэхтэһиини олохтоох Сынньалаҥ дьиэтин үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар. Күрэхтэһии кылаабынай судьуйатынан физрук Гаврил Соркомов үлэлээтэ. Аҕалар оҕолорун кытта сүргэлэрэ көтөҕүллэн, олус үчүгэйдик күрэхтэстилэр.
Бэрт эрийсиилээх , сүүрүүлээх, көтүүлээх күрэхтэһии кэнниттэн «Сарыал» хамаанда (Сарыал аҕата Петр Николаев, Вова аҕата Петр Никифоров, Лия аҕата Семен Корякин) инники түстүлэр, иккис «Чаҕыл»(Ярик аҕата Андрей Корякин, Нарыйа аҕата Владимир Васильев, Алеша аҕата Алексей Стручков), үһүс «Сымса» (Эрчим аҕата Андрей Эверстов, Ариша аҕата Петр Стручков, Сулустаан аҕата Иван Никулин), төрдүс «Кэскил» (Мирик аҕата Вячеслав Ковлеков, Дьулуур аҕата Василийы Седалищев, Дарианна аҕата Евгения Егоров).
Эһиэхэ куруутун ситиһии сиэттиһэ сырыттын, ыытыллар күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттыҥ, кыайыы үксүү турдун диэн оҕолорго, аҕаларга баҕа санаалаах хаалабыт.
Людмила Стручкова.