«Байанай» күрэҕэр

Чыыстайга үгэс курдук сааскы уу куһугар хас да киһи буолан кыттыһан, биригээдэ тэринэн күөл эттэринэн
олорон кустууллар. Кусчуттар Улахан күөл, Орто күөл, Чэйдээх, Боруохал, Арыылаах, Булгунньахтаах, Сыал
ыһардаах, Суон оһоҕос, Быйыттаах, Соболоох, Куолума, Дьөрбөлөөх, Тирэптээх, Үөһээ Кыҥырайдаах уонна да
атын күөллэргэ баран киэҥ күөл күөх ньуурун тула дурда-хахха оҥостон, мончууктарын түһэрэн, сааскы куска
олорон баай Байанай бэлэҕин-кыптыый кынаттааҕын бултууллар. Отуу чэйин иһэн кыһыҥҥы сылааларын
таһааран, айылҕалыын алтыһан ирэ-хоро кэпсэтэллэр, дуоһуйа сынньаналлар. Сиэркилэ курдук уу ньууругар
тыыларын киллэрэн, аа-дьуо илимнэрин бэрийэллэр, күөл сиэнигэр спиннинг быраҕан көмүс хатырыктааҕы
Күөх боллох бэристэҕинэ, бултаан үөрэллэр-көтөллөр. Муома үрэххэ мотуорунан сүүрдэ сылдьан «пираттаан»
ытар кусчуттар эмиэ бааллар, манна сатабыллаах моторист, кыраҕы харахтаах ытааччы буолуохха наада. Дьэ,
ити курдук кыһыҥҥыттан сааларын-саадахтарын бэрийэн, ботуруон, бензин, бородуукта ылынан сааскы кус
кэлэрин кэтэспит элбэх буолуохтаах.

Улахан Чыыстайга оройуоҥҥа Аҕа сыла биллэриллибитинэн нэһилиэк аҕаларын түмэр араас тэрээһиннэр
ыытыллаллар. Маны быйыл Аҕалар сэбиэттэрин салайааччытынан талыллыбыт элбэх оҕолоох аҕа Старков
Николай Михайлович сүрүннээн тэрийэр. Биир көхтөөх тэрээһининэн «Байанай» диэн кусчуттар күрэхтэрэ ыам
ыйын 15 күнүгэр Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүгэр ыытылынна. Аан тылы нэһилиэк аҕа баһылыга Павел
Мараказов эттэ, аҕалар Сэбиэттэрэ урукку да өттүгэр көхтөөхтүк араас үлэни ыытарын тоҕоһолоото, бастаан
«Байанай» күрэҕи Слепцов Егор Егорович аҕалар Сэбиэттэрин салайар кэмигэр ыытыллыбытын кэпсээтэ. Онтон мустубут дьону ылбаҕай ырыатынан Иннокентий Слепцов эҕэрдэлээтэ. Үстүү киһилээх биэс кусчуттар
биригээдэлэрэ 5 түһүмэхтээх күрэххэ илин-кэлин түһүстүлэр. Ол курдук «Боруохал», «Дьөрбөлөөх»,
«Кыҥырайдаах – 1», «Кыҥырайдаах – 2» уонна Улахан, Орто күөллэр холбоһуктаах «Байанай» биригээдэлэрэ
кытта кэлбиттэр.

Бастаан биир дойдулаахпыт Дьячков Христофор Николаевич айан оҥорбут сэттэ муннуктаах балааккатын
тардыыга күрэхтэстилэр. Бу ураһа курдук төгүрүк быһыылаах, иһэ киэҥ-куоҥ, ардах-хаар, тыал хоппот
балаакката. Чыыстайдартан көрөн бу балаакканы атын сирдэргэ сөбүлээн олохтоох иистэнньэҥнэргэ
сакаастыыр буолбуттар диэн күрэх комментатора Кирик Черемкин кэпсии олордо. Бу түһүмэххэ «Байанай»
биригээдэтэ 5 мүнүүтэ 06 сөкүүндэнэн балаакканы тардан бастаатылар, иккис 5 мүнүүтэ 69 сөкүүндэнэн «Кыҥырайдаах-1» биригээдэтэ, үһүс «Боруохал» биригээдэтэ 6 мүнүүтэнэ балаакканы тартылар.
Иккис көрүҥҥэ МЦ доруоп сааны бириэмэҕэ таҥыы буолла. Манна «Байанай» биригээдэтин кусчута Кирик
Черемкин 1 мүнүүтэ 14 сөкүүндэнэн хомуйан бастакы, иккис «Дьөрбөлөөх» биригээдэ булчута Дьулустаан
Софронов 1 мүнүүтэ 42 сөкүүндэнэн, үһүс «Кыҥырайдаах-1» биригээдэ кусчута Дмитрий Тарабукин 2 мүнүүтэ 31
сөкүүндэнэн хомуйдулар.

Үһүс түһүмэх — комбинированнай эстафета. Бастакы киһи булчут рюкзагын хомуйан баран боруонньаларын
тардынан сүүрэн тиийэн 20 ботуруоннаах батарантааһын, рюкзагын иккис киһиэхэ биэрэр. Иккис киһи 300
миэтэрэ кэриҥэ сүүрэн тиийэн «мышеловка» диэн мэһэйи туоруур. Дьэ бу бэрт эрэйдээх моһол буолан биэрдэ,
саатар тыаллаах буолан капюшоннарын тыал үрэн таһааран үөһээҥҥи планканы таарыйан түһэрэн хаттаан
төннөөһүннээх тыҥааһыннаах түгэннэр буоллулар. Үһүс киһи эмиэ батарантааһы, рюкзагы ылан сүүрэн тиийэн
воздушканан балайда ыраах ууруллубут тимир бааҥкалары ытар. Бу долгутуулаах түһүмэххэ «Байанай» биригээдэ 4 мүнүүтэ 30 сөкүүндэнэн кэлэн бастаата, иккис «Кыҥырайдаах – 1» биригээдэ 4 мүнүүтэ 38 сөкүүндэнэн, үһүс «Дьөрбөлөөх» биригээдэтэ 4 мүнүүтэ 55 сөкүүндэнэн кэллилэр.

Төрдүс түһүмэххэ Муома, Чыыстай историятыттан, булт-алт туһунан боппуруостарга эппиэттээтилэр. Манна
«Дьөрбөлөөх» биригээдэтэ бастакы, «Кыҥырайдаах-2» иккис, «Боруохал» үһүс буоллулар.

Түмүктүүр бэһис түһүмэххэ мас хайытан, кулуһун оттуу, биэстээх биэдэрэҕэ уу оргутуу. «Боруохаллар» биэдэрэлэрэ бастакынан уута будулуйан тахсан бастаатылар, иккис — «Кыҥырайдаах – 1», үһүс — «Кыҥырайдаах – 2». Уопсай түмүккэ «Байанай» биригээдэтэ бастаан үс блок ботуруонунан, иккис «Кыҥырайдах – 1» икки блок ботуруонунан, үһүс «Дьөрбөлөөх» биригээдэтэ биир блок ботуруонунан наҕараадаланнылар.

Кусчуттарга ботуруон күндү бэлэх буоллаҕа. Булчут Слепцов Иннокентий Егорович оҕолоро туруорбут анал бириистэрин сатабыллаах туттуулаах Слепцов Иннокентий Владимировичка туттардылар. Биир да сыыһата суох сыалы ыппыт Кирик Черемкин куһу күөрэтэн ытарынан Чыыстайга биллибит кусчут Атласов Христофор Дмитриевич оҕолорун бирииһин хаһаайына буолла.

Тэрээһиҥҥэ дьиэ кэргэнинэн оҕолуун-уруулуун кэлэн «ыалдьан», дьоннорун кыайыыларыттан үөрэн сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар. Нэһилиэк аҕа баһылыгын солбуйааччытынан саҥа үлэлээн эрэр эдэр кэскиллээх ыччаппыт Слепцов Илья Николаевич үлэтин общественнай хамсааһыннар үлэлэрин сөргүтэн саҥалыы тыыннаан үлэлэтэн эрэрэ хайҕаллаах. Чыыстайым дьоно-сэргэтэ үлэҕэ-үөрэххэ, көххө-нарга инники күөҥҥэ сылдьыҥ, дьоллоох, ситиһиилээх буолуҥ!

Анна Саввина