маннык ааттаах бырайыагы Соболоохтооҕу сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Саха сирин ийэлэрин күнүн көрсө ыыппыттара. Бырайыакка түөрт далбар кыттыбыта: Алена Березкина, Любовь Игнатьева, Валерия Местникова, Наталья Павлова. Кинилэр түөрт күн бииртэн биир хаһаайкаҕа ыҥырыылаах ыалдьыт буолан сүрдээх интэриэһинэй киэһэлэргэ сырыттылар. Ол курдук, эдэр хаһаайка Валерия Саха сирин былааҕын уонна саха киһитэ кыстыкка киирэр күннэригэр сөп түбэһиннэрэн сахалыы астаах сандалы бэлэмнээбит. Кини ыалдьыттарын саха сиэринэн дэйбииринэн ыраастаан, хомус дьүрүһүйэр тыаһынан доҕуһуоллаан көрүстэ. Наталья уоттаах-күөстээх оонньуулардаах Италия кухнятын бэлэмнээбит: остуолугар бииртэн биир сонун бүлүүдэлэр субуллан олордулар. Алена «Восток — дело тонкое» диэн девизтээх олус сиэдэрэй турецкай киэһэни бэлэхтээтэ. Остуолугар араас турецкай бүлүүдэлэр рахат лукумтан саҕалаан женский пупок, лахмаджун, пахлава онтон да атын минньигэстэргэ тиийэ остуол хотойорунан тардыллыбыттар. Хаһаайка ыалдьыттарыгар турецкай таҥас таҥыннартаан, илиҥҥи үҥкүүлэри үҥкүүлэтэн, оонньотон чахчы да туроктар аптаах киэһэлэрин санатта. Любовь дьүөгэлэрин ураты сиэдэрэй остуоллаах көрүстэ: «Лебединый пух» салааттаах, «Мясо по Степановски» тус бүлүүдэлээх, от чэйдээх. Оонньуута барыта бириистээх. Олус истиҥ киэһэни тэрийдэ.
Бырайыак ыытыллар кэмигэр хаһаайкалар тустаах телеверсия чэрчитинэн бэйэ бэйэлэригэр 5 баалынан сыана туруордулар. Ол түмүгүнэн Алена Березкина саамай үрдүк баалы ылан кыайыылааҕынан таҕыста.
Сонун бырайыак видеонан уһуллуута нэһилиэнньэҕэ Ийэ күнүгэр аналлаах сынньалаҥ киэһэҕэ көрдөрүлүннэ. Бу киэһэ бырайыак кыттааччыларыгар харчынан бириистэр туттарылыннылар. Ити курдук, Татьяна Степанова салайааччылаах Соболоохтооҕу сынньалаҥ киинэ айымньылаахтык үлэлиир. Кинилэр нэһилиэккэ дьахталлары түмэр сүрүн күүс буолаллар. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар көмөлөһөр аһымал акциялары эмиэ кинилэр сүрүннүүллэр.