Ыраас уу — доруобуйа төрдө.

Биһиги билигин өбүгэлэрбит саҕаттан илдьэ кэлбит үгэспитинэн өрүс тоҥнор эрэ, муус ылан Эбэбит ыраас уутун иһэн олоробут.

Бу күннэргэ Муоматааҕы баһаарынай чаас байыастара (начальник Серафим Мараказов) кырдьаҕастарга уонна доруобуйаларынан хааччахтаммыт дьоҥҥо муус түһэрдилэр.

Дьэп-дьэҥкир Эбэ ыраас уутун иһэр буолбуттарыттан үөрбүт кырдьаҕастар эрэттэргэ бэйэлэрин махталларын тиэртилэр.
Өрүү бу курдук кырдьаҕаска, кыаммакка көмөлөсүһүү, бэйэ бэйэҕэ болҕомтолоох буолуу, кыһамньы баар буоллун.
Үтүө санаа үксүү турдун!