Ыраах учаастактарынан быыбары тэрийиигэ сирдьиттэр көмөлөрө суолталаах

Атырдьах ыйын 28 күнүттэн Муомаҕа ыраах сытар, мөлтөх суоллаах-иистээх учаастактарга, таба ыстаадаларыгар эрдэ куоластааһын хампаанньата саҕаламмыта. Атырдьах ыйын 31 күнүнээҕи туругунан  территориятааҕы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Петр Гермогенов иһитиннэрбитинэн, эрдэ куоластааһыҥҥа 26 быыбардааччы  Төрүт сокуонунан бэрллибит бырааптарын туһаммыттар.

Икки күн устата Индигир, Соболоох, Чыбааҕылаах учаастактааҕы хамыыһыйалар биэс ыстааданан сырыттылар. Быйыл эрдэ куоластааһыҥҥа урукку кэмнэртэн уратыта диэн, Чыбааҕылаах национальнай нэһилиэгин территориятыгар саҥа тэриллибит таба ыстаадатын үлэһиттэрэ быыбарга кыттыыны ыллылар. Бу 30-ча сыллааҕыта эстибит ыстаада сиригэр саҥа ТХПК “Байхал” тэрилтэ таба салаатын сайыннарыытыгар турунна, сааскы ыйдарга Уус-Дьааҥыттан тыһыынча кэриҥэ дьиэ табатын саҥа сиргэ олохсутаары үүрэн аҕалбыттара. Билигин манна Ганза Уваровскай биригэдьиирдээх, биэс үлэһиттээх ыстаада үлэлиир. Ыстаада биригэдьиирэ Ганза Уваровскай эдэр эрдэҕиттэн табаһыкка уһуйуллан үлэлээбит уопуттаах Алексей Черемкиҥҥа тирэҕирэр. Ону сэргэ олохтоох Владислав Черов саҥа тахсан үлэлиир. Эдэрдэр  Александр Андросов, Иннокентий Осипов ыстаада үлэлииллэрэ инникигэ эрэли үөскэтэр, уопутуруохтара турдаҕа. Табаһыттар наадалаах тэриллэринэн, бородууктанан хааччыллыылара үчүгэйин туһунан биригэдьиир астынарын биллэрэр. Суол-иис кытаанах, кыһын буранынан айан суолугар хонон-өрөөн кэлэллэр эбит. Сайыныгар тягаһынан сүүрдэллэр.

Манна быыбар  күн ыстаадаҕа тэрийэр хамыыһыйаны кытта Гаврил Захаров сирдьитинэн ананан, бөртөлүөтү арыаллаата. Кырдьыга, ханнык даҕаны учаастакка көтүүгэ пилоттарга анал каарталаахтар, ыйар-кэрдэр тэриллээхтэр. Ол да буоллар, табаһыттар чуо ханнык ааттаах сиргэ, үрэххэ баалларын сирдьит эрэ билэр. Гаврил Константинович бэйэтин кэмигэр сопхуоска табаһыттаабыт, өр кэмҥэ сылгыһыттаабыт киһи дойдутун сирин-уотун ааҕа билэр, пилоттарга чугаһаан табаһыттар ханна сыталларын чуо ыйан биэрэр. Сирдьит өр кэмҥэ үктэммэтэх табаһыттар тоҕойдоругар түһэн, урукку кэрэ кэмнэрин санаан, үөрэ сэгэйэр: “Сылдьыбатах ыраатта. 30-ча сыл устата иһийэн турбут сирбит сөргүтүллүбүтэ туох да ааттаах. Эдэр дьон сири-уоту иччилээн, таба иитиитигэр ылсан эрэллэрэ олус үчүгэй”.

Быыбар чиэһинэйдик ыытылларын, барыта дьэҥкэ буоларын туһугар быыбар хамыыһыйаларын кытта ыраах учаастактарга баартыйалар өттүлэриттэн уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлээтилэр. Хас биирдии учаастакка хамыыһыйалар чилиэннэрэ ханнык суолталаах быыбардар буолалларын кылгас иһитиннэриилэри оҥороллор, хас бүлүтүөнү толороллорун быһааран биэрэллэр. Ыстаада үлэһиттэрэ быыбардыыр бырааптарын туһаналларыгар кыах биэрбиттэригэр Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа махталларын биллэрэллэр.

Ити курдук, суолталаах тэрээһиҥҥэ эрэллээх сирдьиттэрдээх буолан, быыбар чуолкайдык ааһар. Оттон бу иннинэ ыытыллыбыт Индигир нэһилиэгин территориятыгар баар “Бэркичэх”, “Чыбааҕылаах”, “Кыҥырайдаах” учаастактарыгар сирдьитинэн Егор Атласов анаммыта. Кини  быыбар тэрээһинигэр куруук үлэлэһэр көмөлөөх сирдьит буолар. Бу туһунан территориятааҕы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Петр Гермогенов астына ахтар. Соболоох нэһилиэгин Тихон учаастагар сирдьитинэн олохтоох дьаһалта тыа хаһаайыстыбатыгар специалиһа Анатолий Черов сырытта. Кини “ыраах учаастагынан элбэхтэ сылдьабын, бүгүн саамай түргэнник кэлбит сырыым буолла” диэн күлэр. Анатолий Александрович аҕыйах кэминэн айан суолунан үлэтинэн кэлэр санаалаах.  Хаалбыт күннэргэ быыбар хамыыһыйата салгыы Улахан Чыыстай нэһилиэгэр   “Кытыл”, “Магир”, “Саркычаан”, “Лонкутэ”, “Сугун”, “Мулкан”, “Эрикит”, “Буурдаах”, “Дапкычаан” учаастактарынан миэстэтигэр тиийэн үлэлиэҕэ. Онно сирдьтинэн уопуттаах Егор Турпанов анаммыта. Быыбар салгыы барар.

“Муома оройуона” МТ пресс-киинэ.

Читайте дальше