Үлэни өрө тутар лааҕырдар

Индигир орто оскуолата сыл аайы хортуоппуйу, хаппыыстаны өлгөмнүк олордон үгүс үүнүүнү ылан тэрилтэни уонна нэһилиэнньэни хааччыйар. Теплицаҕа оҕолор, үлэһиттэр үүннэрбит оҕурсуулара, помидордара хайы-сах ситэн эрэллэриттэн киһи сүргэтэ көтөҕүллэр.

Оскуолабытыгар самаан сайыммыт устата 5 лааҕыр үлэлиир. Ол курдук алын сүһүөх үөрэнээччилэрин барыларын хабан туран, «Улыбка» ( үҥкүү, уруһуй хайысхалаах), «Эдельвейс» (3 сезон)- оҕуруоччуттар,» Быйаҥ»- отчуттар.

Оҕо олоххо бэлэм буоларыгар араас сатабыллар иҥэриллиэхтээхтэр, ону үөрэххэ, үлэҕэ үөрэниититтэн саҕалаатаҕына сайдыыта үрдүүр.
Саха омук оҕотун «туһа киһитэ» буолла диэн хайҕыыр, биһириир үгэстээх, онон  билиҥҥи төрөппүттэр, оскуола  оҕону кыра эрдэҕиттэн туһаны аҕалар өйдөбүлгэ иитэргэ дьулуһуохтаахпыт.
Оҕолорбут барахсаттар, сайыҥҥы сынньалаҥы туһалаахтык атаарыҥ, улаатыҥ, чэгиэн буолуҥ!

Светлана СЭНД