«Үлэнэн туох бары кэмнэнэр, үлэттэн дьол-соргу тарҕанар»

Чуумпу Кытылга нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо, СР уонна РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үрдүк категориялаах фельдшер, үлэ бэтэрээнэ Анна Петровна 75 сааһын бэлиэтиир «Үлэнэн туох бары кэмнэнэр, үлэттэн дьол-соргу тарҕанар» диэн дьоро киэһэ буолла.

Бу дьоро киэһэни уус-уран хомоҕой тылларынан иилээн-саҕалаан ыытта олохтоох Сынньалаҥ дьиэтин директора Анастасия Никулина.

Анна Петровна Гуляева олоҕун, үлэтин доруобуйа харыстабылыгар анаабыт, дьон-норуот туһугар өйдүүн-санаалыын үлэлээбит Муома улууһун, Төбүлэх нэһилиэгин чаҕылхай кыыһа, саха биир маанылаах Далбар Хотуна.
Анна Петровна доруобуйа харыстабылын салаатыгар 45 сыл тохтоло суох үлэлээтэ, кини 1971 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медицинскэй училищены бүтэрэн, бэйэтин төрөөбүт оройуонугар Муомаҕа кэлэн Буор-Сыһыыга икки сыл үлэлиир, онтон дойдутугар Төбүлэххэ үлэлиир.
Анна Петровна фельдшер идэлээх эрээри, ыраах, кытыы нэһилиэккэ олорор буолан, медицина араас идэтин үксүн толорор, ол курдук кини хирург, тиис бырааһа, акушерка.
Кини күн сирин көрдөрбүт оҕолоро, киниэхэ оҕоломмут ийэлэр бу дьоро киэһэҕэ күндү ыалдьыт буолан олороллор. Ыалдьыт буолан олороллор, аймах-билэ дьоно, дьүөгэлэрэ.
Эҕэрдэ тыллары эттилэр, махтал суруктары, бэлэхтэри туттардылар нэһилиэк баһылыга П.В. Никифоров, нэһилиэк сэбиэтин депутата, А.Ф.Старков аатынан орто оскуола директора В.В. Васильев, аймахтарын аатыттан А.П. Никулина, дьүөгэлэрин аатыттан Т.И.Кириллина.
Эҕэрдэ ырыалары бэлэхтээтилэр Айталина Соркомова, Иван Никулин, Ньургуйаана Гуляева, трио Акулина Хабарова, Любовь Старкова, Светлана Егорова, алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ.

Идэҕэ бэриниилээх буолуу, биир чаҕылхай туоһутунан, удьуору утумнааһын буолар. Анна Петровна бииргэ төрөөбүт балта Мария Петровна, уола Александр, сиэн балта Айыына эмиэ медик идэлээхтэр. Кини идэтин батыһан нэһилиэктэн хас да оҕо эмиэ медик идэтин ыланнар үлэлии-хамныы сылдьаллар.
Ыраах Улахан-Чыыстайтан Анна Петровнаҕа, оҕолоругар күн-сирин көрдөрбүт, элбэх оҕолоох ийэ, эбэ, хос эбэ, үлэ бэтэрээнэ Корякина Мария Гаврильевна эҕэрдэтин видеонан ыытта, үөрүүтүн тэҥҥэ үллэһиннэ.
Анна Петровна 1980 сыллаахха олоҕун аргыһын Александры көрсөн ыал буолаллар. 1981 сыллаахха бастакы оҕолоро Татьяна күн-сирин көрөр, онтон Александр, Анатолий, Индилена утуу-субуу төрүүллэр. Билигин бары үлэһит дьоннор, минньигэс сиэннэри бэлэхтээн, эбэлэрин, эһэлэрин үөрдэллэр.

Анна Петровна үлэтинэн эрэ муҥурдаммат. Кэргэнин кытта оҕуруот арааһын, сибэккилэри үүннэрэн, айылҕаҕа сылдьан сир аһын, эмтээх от хомуйан, балыктаан, бултаан-алтаан аймах-билэ дьонноругар бэлэх ууналлар. Анна Петровна нэһилиэк культурнай олоҕор, уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттааччыта, араас конкурстара, фестивалларга кыттан ырыаһыт, үҥкүүһүт, көрдөөх сценкаларга оонньуур, хомусчут.
Ону таһынан айылҕаттан талааннаах, уус-уран тарбахтаах, иистэнньэҥ. Кырадаһынтан аттаран, оҕуруонан тиһэн, оһуордаан — мандардаан барыны бары тигэр, тиһэр.

Ытыктабыллаах Анна Петровна! Төрөөбүт төрүт түөлбэҥ олоҕо-дьаһаҕа сайдарын туһугар, үтүө суобастаахтык, өйгүн-санааҕын, күүскүн — уоххун, билиигин-көрүүгүн, дьоҥҥо — сэргэҕэ үтүө сыһыаҥҥын бүтүннүүтүн ууран, таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан, нэһилиэк сайдыытыгар киллэрбит кылааккын үрдүктүк сыаналыыбыт.
Аймах-билэ дьонуҥ ытыктабылынан, билэр дьонуҥ биһирэбилинэн, төрөөбүт сириҥ, сылаас тыынынан, санааҥ сандаардыҥ, үйэҥ уһаатын, олоххор дьол-соргу тосхойдуҥ, санааҥ сатаннын, толкуйдаабытыҥ туоллун диэн баҕа санаабытын этэбит диэн дьоро киэһэбит түмүктэннэ.

 

Людмила Стручкова.