Күөх сайыммыт номнуо бүттэ. Үөрэх дьыла саҕаланара бу кэллэ. Оройуоммут оҕолоро сайын устата сынньанартан ураты дьонноругар көмөлөһөн оттоотулар, сир астаатылар, өрөмүөҥҥэ, дьиэҕэ-уокка көмөлөстүлэр.
Сорох оҕо Дьарыктаах буолуу Киинин иһинэн үлэнэн хааччылыннылар. Ол туһунан Муома оройуонун Дьарыктаах буолуу Киинин кылаабынай исписэлииһэ Елизавета Петровна Ефимова кэпсиир:
— Биһиги тэрилтэбит сыл аайы сайыҥҥы кэмҥэ 14-18 саастаах оҕолору быстах кэмҥэ үлэнэн хааччыйар. Үлэбит бу суолталаах хайысхатыгар улахан болҕомтону уурабыт. Чуолаан эттэххэ, “О занятости населения” диэн РФ Федеральнай сокуонугар олоҕурабыт. 2024 сыл атырдьах ыйын 28 күнүн туругунан, сокуоннай саастарын ситэ илик 14-18 саастаах оҕолору кытта 399 902,50 солкуобай уопсай сууммаҕа 7 дуогабар оҥоһулунна. Оройуон үрдүнэн 30 оҕо икки хайысханан үлэлээтэ, ол курдук, волонтерунан: МО УЧНН – 5 оҕо, МО ТНН — 3, МО МНН – 7, оҕуруотчутунан (овощевод): МБОУ ИСОШ — 10, МБОУ ССОШ — 3, МБОУ ОДСОШ –2 оҕо. Кинилэргэ туһааннаах тэрилтэлэр муниципальнай целевой бырагырааманан хамнас төлөөтүлэр, оттон Дьарыктаах буолуу Киинэ региональнай бюджеттан хас биирдии үлэһит оҕоҕо 6276,75 солкуобай материальнай көмө оҥордо. Үлэнэн хааччыллыбыттар истэригэр 23 — элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнтэн, 11 – кыра дохуоттаах ыалтан, 7 –толорута суох, 2 – опекуннаах дьиэ кэргэннэртэн, 2 –инвалид оҕо бааллар.Бэлиэтээн эттэххэ, КДН, ПДН, СОП учуотугар турар оҕолор төрөппүттэрин уоппускаларын кэмигэр атын сиргэ барбыттарынан быйыл суохтар. Эһиилги сылтан маннык түбэлтэҕэ төрөппүт аккаастанар буоллаҕына, суругунан аккаас киллэриэхтээх диэн иһитиннэрэбит.
Быйыл бэс ыйын 7 күнүгэр Хонуу нэһилиэгин администрациятын дьиэтигэр оҕолор уонна төрөппүттэр кыттыылаах “Мое трудовое лето” диэн кыра дьаарбаҥка тэрийбиппит. Сайын устата оҕолор үлэлэрин түмүгүнэн үчүгэй көрдөрүүлээхтэри нэһилиэк дьаһалтатын кытта наҕараадалаабыппыт. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар оҕолору үлэнэн хааччыйыыга ылсыбыт бары нэһилиэк дьаһалталарыгар уонна оскуолаларга Дьарыктаах буолуу Киинин аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит.
Арктика оҕолорун таба иитиитигэр сыһыарар хайысхалаах үлэни эмиэ тутуһабыт. Ол курдук, атырдьах ыйын 13 күнүн туругунан, таба иитиитинэн дьарыгырар хаһаайыстыбалары кытта уопсайа 244 903,27 солкуобай сууммаҕа 15 оҕону үлэнэн хааччыйыы туһунан 4 сөбүлэҥи түһэрсибиппит. Иннэ гынан, С.Г.Слепцов аатынан общинаҕа – 3, Н.В.Худи-Харючи аатынан общинаҕа – 5, “Магир” ыстаадаҕа–4, “Эрикиккэ” – 3 оҕолор табаһыттарга көмө буола сылдьаллар.Кинилэр атырдьах ыйын 31 күнүгэр дылы үлэлиэхтэрэ. Бары таба иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга истиҥник махтанабыт. Ханнык баҕарар үлэ биһиги оҕолорбутун сыаллаах буоларга, үлэни таптыырга үөрэтэр уонна инники идэлэрин быһаарыналларыгар төһүү күүс буолар.
2024 сыл атырдьах ыйын 5 күнүгэр Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Саха сиринээҕи Госкомитета “О проведении конкурса среди муниципальных образований Республики Саха (Якутия) под названием “Трудовое лето 2024” диэн ОД-211 нүөмэрдээх бирикээһэ тахсыбыта. Бу бирикээскэ олоҕуран биһиги оройуоммут куонкуруска кыттыыны ылыаҕа. Куонкуруска сайыҥҥы кэмҥэ үлэлээбит оҕолор кытталлар, кыайыылаахтар “Сосновый бор” санаторийга путевканан наҕараадаланыахтара. Ситиһиини баҕарыахха!
Дьарыктаах буолуу Киинин хайысхатынан үлэлээбит оҕолортон ураты,14-18 саастаах сорох оҕо сайыҥҥы кэмҥэ араас тэрилтэҕэ тус бэйэлэрэ наймылаһан үлэлээтилэр. Кинилэр сынньалаҥ кэмҥэ таах сыппакка, сонун сиргэ бэйэлэрин боруобаланан көрөөрү уонна дьонноругар көмө буолан хамнас аахсаары үлэҕэ киирбиппит дииллэр. Үлэһит оҕолор санааларын үллэстэллэр:
Константин Архипов: — “Мин маҥнай пааркаҕа ыһыах түһүлгэтин оҥорорго көмөлөспүтүм. Дима Гореевтыын бииргэ сылдьыбыппыт. Онно хаптаһыннары кыстыыр, дьаама хаһар этибит. Онтон дьоммор оттуу барбытым. Ол кэннэ “Хлебнай” маҕаһыыҥҥа пекарь көмөлөһөөччүтүнэн кылгастык үлэлээбитим. Үлэлээх буолар үчүгэй буоллаҕа”.
Айгуль Кузнецова: —“Илгэ” маҕаһыыҥҥа атыыһыт көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитим. Бородуукталары наардыыр, миэстэлэригэр уурталыыр этим. Бииргэ үлэлээбит дьонум бэйэ-бэйэлэригэр олус доҕордуу сыһыаннаахтар. Үлэлиирбин олус сөбүлээтим”.
Алина Дягилева: — “Мин электростанцияҕа уборщицанан үлэлээбитим. Тэрилтэ ыраас буоларыгар кыһаллыбытым. Сайын үлэлээбиппин олус сөбүлээтим, тоҕо диэтэр күммүн-
дьылбын мээнэ атаарбатым, тус бэйэм кыахпынан хамнас ыллым уонна наадабар дьонум харчытын буолбакка, бэйэм үлэлээн ылбыт үппүн тутуннум”.
Андрей Никулин: —“Билэр дьоммор сайын устата көмөлөстүм. Араас үлэни оҥорбутум, мал-сал таһыытыгар, муоста оҥоруутугар, күрүө тутуутугар о.д.а. үлэҕэ күүс-көмө буолбутум. Үлэлиир үчүгэйэ диэн тус бэйэҥ харчылаах буолаҕын, ол эрээри сылаалаах”.
Эрсан Слепцов, Тимур Слепцов, Саша Капитонов: — “Биһиги оскуолаҕа оробуочайынан 4 чаас үлэлээбиппит, ис-тас үлэҕэ,өрөмүөҥҥэ көмөлөстүбүт. Оскуола таһын бөҕүн-сыыһын хомуйдубут. Кумах Сыһыыга куукунаны көтүрдүбүт. Үлэлиир үчүгэй. Бэйэҥ хамнастаах буолаҕын. Ол эрээри сарсыарда аайы эрдэ турар ыарахан этэ. Биһиги бэйэбитин улахан дьон курдук сананныбыт”.
Үйэ тухары үлэ киһини иитэр, үлэлээн үтүө дьон буолабыт. Кэнчээри ыччаппыт үлэ үгүһүн кыайан, сайыҥҥы күннэрин туһалаахтык атаардахтара. “Үлэ киһини киэргэтэр” диэн өс хоһоонунан норуот этиитин курдук, оҕолорбут үлэттэн дьоллоноллоро үөрүүлээх суол.
Татьяна Данилова