Үйэ аҥаара оҕо иитиитигэр

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн Иитээччи күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1863 cыллаахха Санкт-Петербург куоракка Аделаида Симонович диэн нуучча педагога аан бастакы оҕо саадын аһан үлэлэппит. Бэлиэ түгэҥҥэ сыһыаран Иитээччи анал күнэ дойдуга 2004 сыллаахха олохтоммута. Онтон ыла 20 сыл ааһа оҕуста. Аналлаах күн уһуйаан үлэһиттэрэ кырачаан иитиллээччилэриттэн, төрөппүттэртэн, биир идэлээхтэриттэн эйэҕэс эҕэрдэ, барҕа баҕа санаа туталлар.
Биһиги оройуоммутугар бу сыл үбүлүөйдээх сааһын туолбут уонна 50 сыл устата оҕо уһуйааныгар үлэлээбит ытыктыыр биир дойдулаахпыт Вера Васильевна Арбыкина билигин да үлэлии-хамсыы сылдьар. Муома дьоно-сэргэтэ үгүстэрэ оҕо саастарыгар Вера Васильевна ийэлии истиҥ сыһыанын, сылаас илиитин билэ улааттахтара. 70-ус сыллардааҕы кырачаан оҕолортон саҕалаан аныгы үйэ кэнчээри ыччатын иитэр педагог“Теремок” уһуйааҥҥа саҥа тылланан эрэр ньуу-ньаа дьону кытта күнү быһа бодьуустаһар, араас ньыманы туттан сатабыллаахтык дьарыктыыр.
Өр сыллаах уһулуччулаах үлэтэ сыаналанан В.В.Арбыкина “Муома оройуонун сайдыытыгар үтүөлэрин иһин” мэтээлинэн 2016 сыллаахха наҕараадаламмыта. Ону таһынан кини Саха сирин үөрэхтээһинин систиэмэтин туйгуна, “Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин”өрөспүүбүлүкэ анал бэлиэтин хаһаайына.
Бу күн биһиги үбүлүөйдээх ытыктыыр иитээччибитигэр аһаҕас кэпсэтии ананар. Вера Васильевна иитии урукку систиэмэтин, оҕо уратытын ахтан-санаан ылар.

Уруккуну санаан ылыахха…
“Кэнчээри” деткомбинат.
—Мин 1974 сыллаахха күһүн сиэстэрэ-баспытааталынан «Кэнчээри» оҕо кэмбинээтигэр аан бастаан үлэлии киирбитим. Онно Августина Ивановна Шкулева сэбиэдиссэйдиирэ. Кэлэктиип үксэ саастаах, уопуттаах дьон этэ. “Кэнчээригэ” сааһын үйэтин тухары үлэлээбит сиэстэрэ-баспытаатал Екатерина Ильинична Соркомова баара. Мин саастыы дьон кинини өйдүүрэ буолуо, Муома олохтоохторун үгүстэрин ииппит-улаатыннарбыт киһи. Биһиги кинини таптаан тетя Катя диирбит. Куруук баартыктаах буолааччы, икки сиэбигэр маарыла былааттары укта сылдьара. Кини миигин наар үөрэтэрэ, оҕолору хайдах көрөрү сүбэлиирэ. Үлэтигэр олус эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх этэ.
Дьыссаакка маһынан оҥоһуллубут улахан манеж баара, онно кыра оҕолор сыылла сылдьаллара. Бары мас кырабаакка сытар этилэр, ону утуйуохтарыгар дылы хачайдыырбыт. Аны оҕолору горшокка олордо үөрэтэбит, онно наһаа күүскэ ытаһаллар этэ. Үлэм бастакы сылыгар кырачааттарым ытыылларын тохтото сатаан тэҥҥэ ытыыр этим. Тетя Катя киирэн кэлэн этэрэ:“Оо, баспытааталбыт эмиэ ытыы олорор эбит дуу”, — диэн уонна оҕолорун, таарыйа миигин маарыла былаатынан сотон ааһара (ааптар бэл.: В.В. күлэр). Үлэбит кэннэ хаалларан Екатерина Ильинична күн аайы кырабааттары мыыланан сууйтарар этэ, сүүрбэччэ оҕо утуйбут таҥаһын таһырдьа таһааран тэбиир этибит. Истиэнэлэри барытын, муостаны сыылла сылдьан сууйар этибит. Тетя Катя кухняҕа оҕолор передниктэрин күн аайы оргутар этэ. Төрөппүттэр үлэлии бараары ыксыыллар, ынах үүттээх улахан өстүөкүлэ бытыылкаларын аҕалаллара, ону кыраларга иһэрдэн баран барытын сууйар этибит. Екатерина Ильинична кырачааннар астарын анаан бэрэбиэркэлиирэ, оҕолор тотуохтарыгар дылы тэҥҥэ олорсон аһатар этибит. Оччолорго мин сүүрбэбин да туола илик эдэр кыысчаан этим.

“Теремок” оҕо саада.
80-90-ус сыллар…
“Кэнчээри” кэннэ 1981 сыллаахтан “Теремок” оҕо саадыгар харыс да халбарыйбакка үлэлии сылдьабын. Оччолорго Любовь Дмитриевна Корякина сүрдээх кыһамньылаах, ирдэбиллээх сэбиэдиссэй этэ. Бары иитээччини кытта биирдиилээн кэпсэтэрэ, сүбэлээн, үөрэтэн биэрэрэ. Кини оҕо этигэр-сиинигэр күн аайы ууну куттарара (обливание), уу температуратын бэйэтэ бэрэбиэркэлиирэ, саас кулун тутарга оҕолор таһырдьа тахсар этилэр, онон оҕо ыалдьара аҕыйаҕа. Хас биирдии оҕо сыл саҥата хас тылы саҥаран кэлбитэ, онтон сыл бүтүүтэ төһө тылы эбиммитэ барыта ааҕыллара, ясельнайтан подготовкаҕа дылы төһө сайдыбытын көрөрө. Оҕо туһугар үлэтигэр олус бэриниилээҕэ, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара. Биһигиттэн үлэҕэ оннук сыһыаны ирдиирэ.
Оҕо саадын хас группатын аайы хамсыыр-харамай иитиллэрэ, аквариум турара. Мин группабар попугай, көннөрү балык, көмүс балык, черепаха, икки хомяк, кролик баара. Кроликпыт наһаа өйдөөҕө. Сарсыардааҥҥы аһылыкка кролик бэйэтин иһитин аҕалан остуол анныгар ууран кэбиһэрэ. Оҕолор дьуһуурустубанан попугай килиэккэтин, кроликтарын ыраастыыллара. Сынньалаҥнарга дьиэлэригэр илдьэ бараллара, онно ким ханнык кыылы илдьэрин былдьаһаллара.Билигин кыыллары тутары көҥүллээбэттэрэ куһаҕан.
Аны отучча оҕону соҕотоҕун бөһүөлэк бэлиэ сирдэрин көрдөрө илдьэр этим. Куттамматым бэрт эбит. Билигин барыта бобуу дии. Подготовительнай группа оҕолорун кытта бэтэринээр учаастагар коза көрдөрө, Суон Тииккэ дылы, Ю-хайаҕа тиийэ сылдьарбыт. Хайаҕа бээтинсэ күн анаан астаах барарбыт. Ол сайын буолара. Сороҕор өрүскэ тиийэрбит. Билигин олох илдьиэм суоҕа этэ. Куттала, сэрэҕэ бэрт. Бэйэм хайыһар спордун сөбүлүүр буолан, оҕолорбун кытта хайыһардыыр этим.
Оҕо саадын таһыгар саас-күһүн көҕөрдүү үлэтэ буолара, мас, сибэкки олордорбут. Теплица оҥорбуппут. Төрөппүттэргэ оччолорго эттиҥ да кэлэн оҥороллоро, мас олордон, оҥоһуу былаһаакка, оҕо оонньуур сирэ, аҕалар көмөлөрө улахан этэ.
Урукку оҕолор остуоруйаны олус сөбүлээн истэллэрэ, диафильм көрөллөрө. Саалабыт иһэ уу-чуумпу буолара. Оҕолору кытта сибэкки олордорбут, уу куталлара. Үүнээйи аатын, хантан кэлбитин барытын билэллэрин курдук үөрэтэрбит.

Аныгы оҕо урукку оҕоттон уратыта.
Билигин мин “младенческая группа” диэҥҥэ иитээччибин, онно биир-үс саастаах кырачаан дьон сылдьар. Биирдэрин туола илик оҕолор кытта бааллар. Кэлин наар памперс оҕолоро кэлэллэр, ол үөрүйэхтэриттэн тэйитэбит, наадаларын этэргэ үөрэтэбит. Ньуосканы сатаан туппат, чааскыттан испэт, суосканан эбэтэр поилканан иһэ үөрэммит оҕолор элбэхтэр. Оннук оҕолору сыыйа-баайы үөрэтэбит. Аныгы оҕолорго бэлэм оонньуу, туттар мал барыта баар, ол иһин өр толкуйдаан оҥоруу кинилэргэ ыарахан, болҕомтолоро түргэнник атынтан атыҥҥа көһөр. Кэпсээни ситэри истибэккэ ыһыллан хаалаллар. Ол оннугар төлөпүөнү үчүгэйдик сатыыллар.
Урукку оҕолор киэргэллэри, оонньуурдарын барытын илиинэн оҥороллоро. Анаан олорон пластилинынан сыалай дыбарыастары оҥорон таһаараллара.Өйгө оҥорон көрүүлэрэ олус баай буолара. Биир миэстэҕэ болҕойон быдан өр олорор этилэр.
Билигин оҕолор олоро үөрэнниннэр диэн остуоруйа кэпсиибин, тэҥҥэ олорсон оонньуубун. Кыра саастаах оҕолорго “Математикаҕа маҥнайгы хардыылар”, “Оҕо саҥатын сайыннарыы”, тулалыыр эйгэни билии, физкультура уо.д.а. дьарыктары ыытабыт. Харандаас туттара үөрэтэбит, пластилиннатабыт. Уонна сыл түмүгэр төһө эбиммиттэрин кэтээн көрөбүт.

Төрөппүттэргэ сүбэ.
Оҕолору кытта төрүөхтэриттэн элбэхтэ дьарыктана сылдьыахха наада. Тэбис-тэҥҥэ оонньоон, кэпсэтэн, кинигэни көрдөрөн, салгыҥҥа күүлэйдэтэн, айылҕа көстүүлэрин быһааран илдьэ сырыттахха, оҕо тыла сайдар, тулалыыр эйгэни интэриэһиргиир, толкуйдуур киһи буола улаатар. Тарбаҕы сайыннарар элбэх оонньуулары оонньотор ордук, холобур, пластилин, уруһуй. Куруук кэпсэтэ сылдьыахха, ыйытыытыгар хардаран иһэр ордук. Оччоҕо саҥата сайдар.
Группа оҕолорун мин сахалыы үөрэтиэхпин баҕарабын. Оҕо маҥнай биир тылынан, төрөөбүт тылынан саҥара үөрэниэхтээх. Икки тылга оҕо үс сааһыттан үөрэниэн сөп. Билигин саха оҕолоро нууччалыы саҥаран эрэллэр. Төрүөхтэриттэн нууччалыы мультик, телефоҥҥа ютуб о.д.а биэриилэри көрө улааталлар, ол сабыдыала күүстээх. Төрөппүттэр оҕолорун батыһан, сахалыы быһаара барбакка нууччалыы кэпсэтэллэр. Бу биһиэхэ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн турар кыһалҕа. Дьиҥэ, оҕону кытта дьиэ кэргэнигэр ханнык тылынан кэпсэтэллэрэ улахан оруолу оонньуур. Биир холобуру сырдатыам, куоракка олорор билэр ыалым уоллара оҕо саадыгар нуучча группатыгар сылдьыбыта, оскуолаҕа эмиэ нууччалыы эрэ оҕолорун кытта кэпсэппитэ. Ол эрээри билигин кини икки тылынан холкутук ыраастык саҥарар. Тоҕо диэтэр, төрүөҕүттэн дьиэтигэр уу сахалыы кэпсэтэллэр, ол иһин дьонугар кэллэ да бу оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар гына иитиллибит. Ол оҕо нуучча оҕолорун кытта улааппыт да буоллар, төрөөбүт тылын эмиэ билэр. Онон ыччаттарбытын икки тылынан холкутук саҥарар гына иитиэххэ диибин.

Кэрэни кэрэхсиир Вера Васильевна.
Тулам кэрэ көстүүлээх буоларын сөбүлүүбүн. Группабын биир идэлээҕим Галина Петровнаны кытта оҕо көрөрүгэр-сайдарыгар анаан дьэрэкээн өҥнөөбүппүт, араас үөрэтэр-көрдөрөр оҥоһуктары оҥорбуппут. Дьиэни киэргэтэрбин, сибэкки үүннэрэрбин таптыыбын. Сынньалаҥ кэммэр минньигэс сонун аһы астыырбын сөбүлүүбүн. Дьон кэрэни кэрэхсиир буоларыгар баҕарабын.
Биһиги кэлэктииппит урут уруккуттан сүрдээх иллээх, барытын бииргэ түмсэн сүбэлэһэбит, быһаарсабыт. Ииппит оҕолорум билигин миигин кытта тэҥҥэ үлэлииллэр. Тэрилтэм үлэһиттэрин олус сөбүлүүбүн, уһуйааммынан киэн туттабын. Оройуон иитээччилэрин барыларын идэлээх күммүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин. Үрдүк ситиһиилэри, дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны баҕарабын.

Биир идэлээхтэрин санаалара.
Г. П. Щепина:
— Вера Васильевналыын биһиги 1983 сылтан ыла билсэбит. “Теремок” уһуйаан саҥардыы арыллыаҕыттан 41 сыл устата бииргэ үлэлиибит. Вера Васильевна үлэтигэр олус бэриниилээх, эппиэтинэстээх. Кини номнуо үһүс көлүөнэ оҕолорун иитэр. Төрөппүттэри кытта истиҥ сыһыаннаах. Бииргэ үлэлиир дьонугар куруук көмөлөһөр, эйэҕэс сыһыаннаах. Мин В.В.Арбыкинаны кытта бииргэ үлэлиирбинэн киэн туттабын.

И.М. Новгородова:
— Мин Вера Васильевнаны кытта кырачааннар группаларыгар биир сыл үлэлээбитим. Кини мин идэҕэ уһуйааччым (наставник) буолар. Бастакы үлэм хардыыларын ааһарбар олус улахан көмөнү оҥорбута, өйөөбүтэ, үөрэппитэ. Кини үлэтигэр улахан болҕомтону уурар, кыһаллар. Хас биирдии үлэһиккэ сүрэҕинэн ыалдьар. Саҥа кэлбит оҕо уһуйааҥҥа үөрэнэригэр сылаас сыһыанынан көмөлөһөр, уопута улахан буолан тута оҕону кытта уопсай тыл була охсор. Хас биирдии оҕоҕо бэйэтэ туспа методикалаах, ону биһиэхэ эдэрдэргэ үөрэтэр. Дидактическай туттар малларын бэйэтэ ураты кэрэтик оҥорор, группатын иһэ киһи дууһата сынньанар кэрэ көстүүлээх буолар.

Нь.Н.Корякина, “Теремок” уһуйаан сэбиэдиссэйэ:
Оройуоммут уһуйааннарын бары үлэһиттэрин идэлээх күммүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит. “Теремок” кэлэктиибин аатыттан Вера Васильевна үбүлүөйдээх 50 сыллаах педагогическай ыстааһынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Кытаанах доруобуйаны, табыллыыны, ситиһиини баҕарабыт. Кэнчээри ыччаты иитиигэ туохха да сыаналаммат үтүөнү оҥорбуккун биһиги үрдүктүк сыаналыыбыт уонна ытык-мааны киһибитинэн киэн туттабыт.
Үйэ аҥаара кэм устата кырачаан оҕолорго олоҕун анаабыт, сүрэҕин сылааһын, истиҥ тапталын иҥэрбит Вера Васильевна биһигини барыбытын тус холобурунан, олоҕу көрүүтүнэн Кэрэ эйгэтигэр сыһыарар, сырдыкка, үтүөҕэ кынаттыыр ураты айылгылаах.
Ытык-мааны биир дойдулаахпытыгар чөл туруккунан, баай дууһаҕынан өр сылларга сырдыгынан сыдьаайа, дьону-сэргэни үөрдэ сырыт диэн баҕа санаа бастыҥын аныыбыт.

Читайте дальше