Бэс ыйа – Үрүҥ Айыы тойон ыйа. Бэс ыйын 21 күнэ – үрүҥ тунах ыһыах күнэ.Саха киһитэ сылы быһа кэтэһэр кэтэһиитэ – ыһыах.
– Юрий Прокопьевич, эйигин алгысчыт, тойуксут, оһуохайдьыт быһыытынан билинэбит. Өссө былырыыҥҥы олоҥхо ыһыаҕар бэйэҥ олоҥхо суруйан кыттыбытыҥ. Эн ыһыаҕы хайдах ылынаҕын?
Ыһыах диэн сахалар былыр — былыргыттан илдьэ кэлбит итэҕэлбит, сиэрбит – туоммут буолар. Бэс ыйын 21 күнүгэр күн муҥутаан күөрэйэр кэмэ. Сырдык баһыйан, айылҕа силигилии ситэн айыыларбыт сиргэ чугаһыыллар. Айыылар аартыктара арыллар. Бу кэмҥэ этиллибит алгыс ордук күүстээх, дьоҥҥо тиийимтиэ. Бэс ыйын 20-21 күннэригэр сыт таһааран, буруолатан, ыраастанан, айылҕаттан сүрү ылыы, сүрү иитии алгыстаах кэмэ. Бу күн бэйэм күнү көрсөр, айыыларбыттан көрдөһөн сиэр – туом оҥорор үгэстээхпин. Хас биирдии саха киһитэ хайаан даҕаны алгыһы иҥэриниэхтээх дии саныыбын.
– Билигин нэһилиэнньэ ыһыах күнүгэр сыһыана хайдаҕый?
Мин бэйэм сэбиэскэй кэмҥэ улааппыт киһибин. Оччолорго ыһыахха күнү көрсүү, алгыска тиксии суолтата умнууга барбыт кэмэ этэ. Билигин ыһыахха үгүс дьон күнү көрсөн, алгыска тиксээри, сахалыы таҥнан-симэнэн кэлэллэрэ хайҕаллаах. Ити дьон өйө – санаата уһуктубутун, ыһыахха сыһыан уларыйбытын көрдөрөр. Кэлиҥҥи кэмҥэ тэрилтэлэринэн түөлбэ оҥостон, ыһыахха дьон кэлиитэ элбээтэ. Дьиэ кэргэнинэн, аймахтарынан сахалыы астаах кэлэн түһүлгэҕэ мусталлар.
– Ыһыахха киһи хайдах бэлэмнээх кэлиэхтээҕий?
Ыһыахха кэлэргэр аан бастаан ис туруккун бэлэмнээн кэлиэхтээххин.Ыһыахха үөрэ-көтө сырыттаххына, сылы этэҥҥэ туоруугун диэн өйдөбүл баар. Ыһыах алгыһа киһи сыллааҕы олоҕун түстүүр суолталаах. Ыһыахха көрү-нары туораттан көрөн эрэ буолбакка, тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ, оһуокайга кытыннахха суолтата үрдүүр.
– Быйыл ыытыллар ыһыахха туох уларыйыы баарый?
Бастатан туран, билигин ыһыахтыыр сирбитигэр өрөмүөн үлэтэ бара турар. Манна оройуоммут баһылыгар Дмитрий Аммосовка истиҥник махтанабын. Кини суолта биэрэн, өйөөн ыһыахтыыр сирбит күнү көрсөр, түөлбэлээн олорор сирдэргэ, ыһыахтыыр сиргэ киирии аана барыта уларыйыахтаах. Билигин бу саҕалааһын эрэ, эһиил эбии тутуулар кыралаан барыахтара.
Быйылгы ыһыахха ыытыллар тэрээһиннэрбит, куонкурустарбыт дьиэ кэргэн, оҕо саас уонна аҕа сылыгар аналлаах буолуохтара. Быйылгы ыһыах кэлэр Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии курдук ылыныахтаахпыт. Тоһоҕолоон эттэххэ, нэһилиэктэр ураһаларын сөргүтүүгэ нэһилиэк баһылыктара ылсыахтарын наада, эбии ситэрэн-хоторон биэриэхтэрэ диэн эрэнэбин.
– Самаан сайын кэлбитинэн, тунах ыһыаҕынан бар дьоҥҥор баҕа санааҥ?
Самаан сайыммыт кэлэрин бары да кэтэһэбит. Кылгас да буоллар, биһиги сайыммыт олус үчүгэй. Күн сардаҥалара бар дьоммор сылааһынан угуттаан, сырдыгы, кэрэни, ырааһы эрэ бэлэхтээтин. Чэгиэн туруктаах, дьол аргыстаах сылдьыҥ. Тунах ыһыахха кэлэн арчыланыҥ, алгыстаныҥ. Үрдүкү сырдык Күүстэргит араҥаччылыы, харыстыы сырыттыннар.
– Юрий Прокопьевич, кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Үлэҕэр ситиһиини, дьиэ кэргэҥҥэр уйгуну – быйаҥы, чэгиэн туругу баҕарабын. Аҕыс Айыыһытыҥ аргыстаһа, сэттэ Иэйэхситиҥ эҥэрдэһэ сырыттын.
Айталина Николаева