Үөрэнээччилэри итии аһылыгынан хааччыйыы хайдах эбитий?

Улаатан эрэр оҕолор чөл туруктаах, бөҕө доруобуйалаах буолаллара аһыыр аһылыктарыттан улахан тутулуктаах. Итии, иҥэмтиэлээх аһы аһаабыт оҕо үөрэҕи-билиини үчүгэйдик ылынар.

Оҕолор сүрүн үлэлэрин — үөрэхтэрин таһынан күнүскү өттүгэр араас хабааннаах куруһуоктарга, секцияларга сылдьаллар. Оҕо күнү быһа тот, ньүөл сылдьарыгар үөрэнээччилэри оскуолаларга итии аһынан хааччыйыы хайдах эбитий?
Бүгүн биһиги корреспондеммыт оройуон киинин оскуолаларын остолобуойдарыгар сырытта.

Муома алын сүһүөх оскуолатыгар (дириэктэр Альбина Петрова) ааспыт сайын улахан өрөмүөн ыытыллан остолобуойдара биллэ уларыйбыт, тупсаҕай көрүҥнэммит. Оһохторо саҥардыллыбыт. Иһит-хомуос эмиэ барыта саҥа. Биллэн турар, ас хаачыстыбата аһыырга, астыырга туттуллар иһит-хомуос хайдаҕыттан эмиэ тутулуктаах. Онон оҕо улаатарыгар, сайдарыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллибит.

Остолобуой үлэһиттэрэ Ирина Ильина, Александра Мончурина, Надежда Касумова, Алина Слепцова уонна Туйаара Неустроева үлэлэрин үгэнигэр — үөрэнээччилэр сарсыардааҥҥы аһылыктарын бэлэмниир кэмнэригэр түбэстим. Ирина Николаевна кэпсээбитинэн, оҕолор күҥҥэ иккитэ аһыыллар эбит.
— Маҥнайгы аһылыктара — хааһы. Иккис аһылык комплекснай эбиэт. Уон хонуктаах менюбутун остолобуой сэбиэдиссэйэ уонна гигиена инструктора оҥороллор. Менюбут күн аайы уларыйар, хатыламмат. Ол курдук, хааһыбыт арааһа: маннай, рис, гречка, «Дружба» (рис уонна пшено куруппалартан) хааһылар уонна үүт миинэ. Эбиэккэ миин көрүҥэ эмиэ араас — борщ, горох миинэ, «домашний»(сахалыы миин) уонна куурусса миинэ. Торуойга эт, кэтилиэт, сосиска, ардыгар тушёнка буолар. Оҕуруот аһыттан салаат арааһын бэлэмниибит — сүбүөкүлэ, моркуоп, оҕурсу, хаппыыста салааттарын. Оҕолор нэдиэлэҕэ үстэ бурдук аһын — булочка, пицца, хобуорас сииллэр. Бастакы аһылыкка йогурт биэрэбит. Оҕолор ордук горох миинин, пицца уонна сосискалаах мокоруону сөбүлээн сииллэр, — диэн кэпсиир ыстаарсай повар Ирина Ильина.
Даҕатан эттэххэ, бу алын сүһүөх оскуолаҕа үөрэнээччилэр бары итии аһылыгынан босхо хааччыллаллар. Ити Арассыыйа үрдүнэн олохтоммут ирдэбилгэ олоҕурар.

Муома орто оскуолатыгар (дириэктэр Василина Тихонова) 248 оҕо үөрэнэр. Манна бастакы аһылыкка оскуола оҕото бары босхо аһыыллар. Иккис итии аһылыкка — комплекснай эбиэккэ кыра дохуоттаах ыаллар уонна анал байыаннай дьайыыга сылдьар аҕалаах оҕолор босхо, онтон атыттар харчы төлөөн (күҥҥэ 90 солк.20 харчы) аһыыллар. Төлөбүрдээх аһылык иһин төрөппүттэр анал счёкка ыыталлар.

Остолобуой повардара Антонина Коркина, Татьяна Горохова бэйэлэрин идэлэрин толору баһылаабыт дьон, анал разрядтаах повардар. Кинилэргэ Александра Корякина, Аграфена Корякина, Маргарита Федорова көмөлөһөллөр.
Менюну эмиэ остолобуой сэбиэдиссэйэ гигиена инструкторын кытта уон хонукка диэн аттаран оҥороллор. Менюлара араас. Сарсыардааҥҥы хааһыга маннай, рис, геркулес, пшено, «молочный суп», гречка сииллэр. Ону таһынан бутерброд. Холобура, бүгүҥҥү менюга халбаһылаах килиэп турар. Мииннэрин арааһа эмиэ алын сүһүөх оскуолатыгар курдук, ол эрэн биирдэ эмит «суп с фрикадельками» баар эбит. Бурдук аһа менюга нэдиэлэҕэ биирдэ турар. Оттон утах чааһын этэр буоллахха, үөрэнээччилэр остолобуойга киирэ-тахса морс иһэн утахтарын ханнараллар эбит. Күһүн кылаастарынан бары отон аҕалар буолан оҕолор морсу киллиргэччи иһэллэр.
Аһылык хаачыстыбатын бракеражнай хамыыһыйа хонтуруоллуур. Онно дириэктэри солбуйааччылар, Төрөппүт кэмитиэтин бэрэстэбиитэлэ бааллар.
Үлэһиттэр аһылык сөптөөх температураҕа хараллыытын, генеральнай уборка ыытыллыытын тустарынан анал сурунаалларга толорон иһэллэр эбит.
Остолобуойу аһынан «Индигирторг» уонна «Якутоптторг» тэрилтэлэр, килиэбинэн ИП Степанов хааччыйаллар.
Манна биири бэлиэтиир тоҕоостоох. Үөрэнээччилэр быйыл күһүн хойукка диэри сибиэһэй оҕуруот астарын — бэйэлэрэ олордубут хортуоппуйдарын, сүбүөкүлэлэрин, моркуоптарын, биэрэстэрин сиэбиттэр. Ону таһынан сайыҥҥы кэмҥэ үлэлээбит лааҕыр оҕолоро бэйэ олордуу битэмииннээх оҕуруот аһын — оҕурсуу, помидор сиэн күннээбиттэр.

Олус үчүгэй буолбат дуо оҕолор бэйэлэрэ көрөн-харайан үүннэрбит астарын сииллэрэ! Оскуола салалтата инникитин бу хайысхаҕа өссө күүскэ үлэлэһиэхтэрин баҕараллар.

Ити курдук, оройуон киинин оскуолаларын остолобуойдара бары ирдэбили тутуһан санитарнай нуормаҕа эппиэттиир гына дьаһанан үлэлииллэр. Оҕолорбут иҥэмтиэлээх аһы аһаан күнү быһа тот, ньүөл сылдьаллара — инникитин чөл, чэгиэн доруобуйалаах дьон буолалларыгар олук уурар.