Сотору кэминэн улуус бары тэрилтэлэригэр сыллааҕы үлэлэрин түмүктүүр отчуоттар саҕаланыахтара. Үлэ сылын түмүгэр үлэнэн
хааччыйар аналлаах Улуустааҕы дьарыктаах буолуу Киин салайааччытын Вероника Потапованы кытта көрсөн кэпсэттибит.
— Отчуоттуур кэм устата учуокка турар үлэтэ суох киһи ахсаана 69-ка тэҥнэспитэ. Сыл устата Кииҥҥэ быһа холуйан барыта 77 үлэ
көрдөнөөччү кэлэ сырытта, ол иһигэр 30 дьахтар, 7 инбэлиит, 15 эдэр саастаах дьон уонна 1 тулаайах киһи. Үлэ көрдүүр дьонтон 55-һэ
үлэ буллулар, ол иһигэр 36 киһи бастайааннай үлэҕэ киирдилэр, оттон 19 киһи быстах үлэлэргэ анаммыттара. Ити иһигэр сайыҥҥы
кэмҥэ саастарын ситэ илик, 14-18 саастаах оҕолор үлэни көрдүүллэр. Оҕолору үлэнэн хааччыйыыга “Организация временного
трудоустройства несовершеннолетних граждан в возрасте от 14 до 18 лет в свободное от учебы время” диэн анал федеральнай
программа үлэлиир. Ол программа нөҥүө федеральнай бюджеттан 325 325, 00 солк. көрүллэн, 10 дуогабар оҥоһуллубута. Манна элбэх
оҕолоох, кыра дохуоттаах уонна толорута суох ыаллартан, ол иһигэр эппиэкэҕэ сылдьар оҕолор, барыта 55 оҕо территория
ыраастааһыныгар, оҕуруот үлэтигэр сыһыарыллан үлэлээбиттэрэ. Таба иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга оҕолору
сайыҥҥы үлэҕэ сыһыарыыга “Организация летней занятости несовершеннолетних граждан в оленеводческих хозяствах Республики
Саха (Якутия)” анал өрөспүүбүлүкэ программата үлэлиир. Ол сыалга быйыл 776205,18 солк. харчы көрүллүбүтүттэн 4 дуогабар
оҥоһуллубута, 12 оҕо ыстаадаҕа үлэнэн хааччыллыбыттара. Манна эмиэ элбэх оҕолоох, кыра дохуоттаах уонна КДН, ПДН учуотугар
турар оҕолор хабыллыбыттара.
Аны үлэни булалларыгар кыһалҕалары көрсөр гражданнарга туспа анал программа үлэлиир. Манна быстах да кэмҥэ буоллар, 6
киһиэхэ үлэ булбуппут. Онно 3 инбэлиит, биир соҕотох аҕа, биир хаайыыттан босхолонон кэлбит киһи уонна сааһын ситэ илик улахан
оҕо бааллар. Итинтэн биир киһи бастайааннай үлэни булбута. Нэһилиэккэ уопсай үлэҕэ биир дуогабар оҥоһуллан, биир элбэх оҕолоох
киһи үлэнэн хааччыллыбыта. Ону таһынан боростуой уопсай төлөбүрдээх үлэлэргэ үс дуогабар түһэрсиллэн, соччо үлэтэ суох киһи
үлэнэн хабыллыбыттара.
Үлэтэ уонна дьарыга суох дьоҥҥо көмө, бэйэ дьарыктаах буолууга (“самозанятые”) туһуламмыт программанан 300 тыһ.солк.
көрүллүбүтэ, онно икки киһи кыттыыны ыллылар. Бу сүүрээҥҥэ дьоҕус дьарыктаах дьон (торт астааччылар, кыламан, тыҥырах, араас
өҥөнү оҥорооччулар, иистэнньэҥнэр, оҥорон таһаарааччылар, такси о.д.а.) хапсыахтарын сөп.
Сыл устата дьарыктаах буолуу киинэ үлэтэ суохтары үлэнэн хааччыйар сыалтан идэни үрдэтиигэ, атын идэҕэ үөрэтиигэ тус
сыаллаах государственнай программа нөҥүө былааннаах үлэни ыытар. Ол курдук Улуустааҕы Дьарыктаах буолуу Киинин иһинэн
мэктиэлэнэн 10 үлэтэ суох киһи идэлээх үөрэҕи аастылар, онтон 3 киһи үлэни буллулар, икки киһи чааһынай тэрилтэ тэриннилэр. Ону
сэргэ “Демография” национальнай бырайыак «Содействие самозанятости безработных граждан и незатого насления» программа
чэрчитинэн 7 киһи Идэни урутаан бэлэмнээһин киинигэр босхо үөрэннилэр, ол иһигэр учуокка турар үлэтэ суох 3 киһи, үс сыл декрет
уоппускатыгар олорор икки дьахтар, биир биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар киһи уонна 1 биэнсийэлээх.
Сыл устата барыта 8 үлэ дьаарбаҥката тэриллибитэ. Тэрээһиннэргэ 21 тэрилтэ кыттыыны ылбыта, ол иһигэр 53 киһи уонна 6
саастарын ситэ илик оҕолор.
Идэни сөпкө талалларыгар сүбэлиир өҥөнү оҥоробут. Ол өҥөнөн 120 киһи туһанна, ол иһигэр 58 үлэтэ суохтар, 57 дьахтар, 63 эр
киһи, ол иһигэр 8 инбэлиит, икки үлэҕэ сарбыллыыга түбэспиттэр, икки хаайыыттан босхолонон кэлбиттэр, 26 саастарын илик оҕолор,
биир тулаайах оҕо, 40 эдэр саастаах дьон бааллар.
Социальнай эйгэҕэ адаптацияны ааһалларыгар 10 үлэтэ суохтарга көмө оҥоһулунна, ол иһигэр 7 дьахтар, 3 эр киһи (икки инбэлиит
уонна биир хаайыыттан босхоломмут) баар.
Психологическай көмөнү 15 үлэтэ суохтарга оҥордубут, ол иһигэр 12 дьахтар уонна эмиэ 3 эр киһи (икки инбэлиит, биир хаайыыттан
босхоломмут) баар.
Отчуоттуур кэм устата Муома, Соболоох уонна Индигир орто оскуолалар үрдүкү кылаастарын үөрэнээччилэригэр “Мир профессий”
темалаах профориентационнай үлэҕэ сыһыаннаан анал тэрээһиннэри ыыттыбыт. Уопсай 82 саастарын ситэ илик оҕолор
хабылыннылар. “Правильный выбор – залог успешного будущего” диэн профориентационнай хайысхалаах көрсүһүүлэргэ 26 төрөппүт
сырытта.
Билигин сыл бүтүүтэ 33 киһи үлэтэ суох ахсааннарыгар киирсэллэр, ол иһигэр 15 дьахтар, 6 эдэр саастаах дьон уонна 5 инбэлиит.
Вероника Юрьевна, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал. Үүнэр сылга үлэтэ суохтарга көмө, өйөбүл буолар үтүөнү түстүүр үлэҕитигэр
биллэр-көстөр ситиһиилэри баҕарабыт.
“Муома оройуона” МТ
пресс-сулууспата