«Уруйданнын самаан сайын»

Муома орто оскуолатын 2023-2024 үөрэх дьылын түмүктүүр «Уруйданнын самаан сайын» диэн күөххэ үктэнии тэрээһинэ бэрт сэргэхтик ааста. Ол курдук, хотугу ньургуһунунан симэммит толооҥҥо оҕо-аймах, төрөппүттэр уонна оскуола үлэһиттэрэ тоҕуоруһа мустан, түһүлгэ маанытын оҥостон самаан сайыны көрүстүлэр. Сахалыы дорҕоон муусукатын тыаһыгар түптэ буруота унааран хонууну толордо. Кылаас салайааччылара унаар буруонан оҕолору арчылаатылар, онтон төрөппүттэр кыынньар кымыһынан уонна алгыстаах алаадьынан айах туттулар.
Кэрэ үҥкүү аргыстаах 7″а» кылаас оҕолоро ойон-тэбэн биэрдилэр, 5″б» кылааһын үөрэнээччитэ Ангелина Петрова алыптаах тыастаах хомуһун дьүрүһүттэ.

Оскуола дириэктэрэ Василина Васильевна Тихонова үөрүүлээх түгэҥҥэ оҕолорго уонна мустубут төрөппүттэргэ эҕэрдэ тылын этэн, самаан сайыны уруйдаата, тэрээһини арыйда.
Сахалыы амтаннаах астаах түһүлгэнэн малааһын кэнниттэн ыһыахпыт көхтөөх күрэхтэрэ саҕаланнылар.

Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар анаан «Иллээх дьиэ кэргэн» күрэх ааста. Манна аҕалар оҕунан ыттылар, оҕолор кириэс тэбэн ойдулар, онтон ийэлэр кус үргээн күрэстэстилэр, «Минньигэс миин» эстафетаҕа кииристилэр.

Кыргыттарга анаан «Кэрэчээнэ Куо» күрэх ааста. Намыын-намчы сибэккилэрбит саха аныгы аһын астаан кэпсээтилэр, долгуннурар уһун суһуохтарын тутумунан кээмэйдэттилэр, имигэстик хамсанан үҥкүүлээн тэйдилэр.
Уоланнарбыт күүтүүлээх-кэтэһиилээх күрэхтэрэ тыҥааһыннаахтык аастылар. Ол курдук өбүгэлэрбит таптаан оонньуур оонньуулара үс төгүл үс, ойбонтон уулааһын, оҕус уонна чөҥөчөк, мас тардыһыыта уонна хапсаҕай ыытылыннылар.

Уолаттар күрэхтэрин «Н.А. Брызгалов аатынан Индигир орто оскуолатын» уонна «Н.С. Тарабукин аатынан Улахан-Чыыстай орто оскуолатын» хоһууннара кыттан өссө күүрээннээх оҥордулар, бүтүн улуус таһымнаах ыһыах буолла. Оҕолорго махталбытын тиэрдэбит.
Күөххэ үктэммит үөрүүлээх күммүтүн түмүктээн баар дьон бары оһуохайдаан ойдубут, Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар бэлиэ күҥҥэ кыттыстыбыт. Оһуохай тылын А. М. Слепцова, Ангелина Петрова, Константин Архипов, А. К. Николаева араас матыыбынан эттилэр, күөх сайыны хомоҕой тылынан хоһуйдулар. Маннык үтүө күҥҥэ мустубут бар дьоммут үөрэн-көтөн, астынан тарҕастылар.