Уот ситимигэр өрөмүөн үлэтэ салҕанар

Уот ситимигэр өрөмүөн үлэтэ салҕанар диэн иһитиннэрэр уочараттаах дьаһалта планеркатыгар Муоматааҕы РЭС кылаабынай инженерэ Андрей Харитонов.

Сыл анараа өттүгэр бүтүн оройуон нэһилиэнньэтэ күн сарадаҥатын энергиятыгар холбоммута.
Кыһыны этэҥҥэ туораатыбыт. Билигин нэһилиэнньэ күнүскү өттүгэр күн сардаҥатынан туһанар,
оттукка кэмчилээһин тахсар. Оттон уот ситимигэр өрөмүөн наадата тирээн турар сорукпут буолар.
Быйылгы хапытаалынай өрөмүөн үлэтин былаана киэҥ. Тирэх остуолбалары уларытыы,
монтажтааһын. Биллэрин курдук, хас тыал, сөҥүү түстэҕин аайы араас хабааннаах саахаллар
тахсаллар. «Сахаэнерго» ААУо тэрилтэбит үбүлээн, саас суол сабыллыан иннинэ тустаах
матырыйааллар бөһүөлэктэринэн тыырыллан тиэрдиллибиттэрэ. Былаанынан Буор Сыһыыга,
Соболооххо 0,6 км-дыы, Кулун Өлбүккэ – 1,8 км усталаах ситим тардыллыахтаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ
үлэһиттэр Хонуу сэлиэнньэтигэр 387 тирэх остуолбалары саҥардан уларыттылар. Ону сэргэ тэҥҥэ
СИП күүрүүлээх уот ситимин монтаһын үлэтэ барар, уопсайа 14 км усталаах. Салгыы уулуссаҕа
сырдатар лаампа уоттарын тардыахтара. Үс чугастааҕы бөһүөлэктэргэ 0,4 кВ күүрүүлээх уот
ситимигэр хапытаалынай үлэ салҕанар. Бу бөһүөлэктэргэ уопсайа 100 устуука тирэх остуолба
саҥардылынна уонна 3 км курдук уот ситимигэр монтаж үлэтэ оҥоһулунна. Сааһыырга 87 саҥа
тирэх остуолба турда, ол иһигэр 3,4 км күүрүүлээх уот ситимэ тардылынна. Ону таһынан
трансформаторнай подстанциялары күүһүрдэргэ былаанныыбыт. Саҥа балыыһа объегар 666,3 КВт
кыамталаах подстанцията турара былааннанар.

«Муома оройуона» МТ пресс-сулууспата.

Читайте дальше