Улахан Чыыстайга саҥа амбулатория арылынна

Олунньу 26 күнүгэр Улахан Чыыстай нэһилиэгэр биир бэлиэ үөрүүлээх түгэн үүннэ. Бу
күн олохтоохтор хас да сыл кэтэспит ыра санаалара туолан саҥа амбулатория тутуллан
үлэҕэ киирдэ.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин
солбуйааччы Георгий Степанов, СӨ доруобуйатын харыстабылын миниистирин бастакы
солбуйааччы Дмитрий Сергин, Арктика сайдыытын уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар
миниистири солбуйааччыта Михаил Погодаев, оройуон баһылыга Дмитрий Аммосов, оройуон
кылаабынай бырааһа Яков Бережнов кыттыыны ыллылар. Ыалдьыттар эҕэрдэ тылларыгар саҥа
балыыһа тутуллан үлэҕэ киирбитэ бу нэһилиэк инники сайдыытыгар улахан төһүү күүс буолуоҕун
эттилэр. Манна даҕатан эттэххэ, бу нэһилиэккэ оройуон үрдүнэн төрөөһүн үрдүгэ, сыллата элбэх
кырачаан күн сирин көрөрө бэлиэтэнэр.
Аҕыйах ахсааннаах омук түөлбэлээн олорор ыраах нэһилиэгэр маннык тутуу ыытыллара,
биллэн турар, суолтата улахан. Дойдубут Президенэ Владимир Путин көҕүлээн олоххо киирэр
национальнай бырайыактара дьон-норуот олоҕун уйгута тупсарын туһугар туһуланаллар.
Саҥа дьиэ малааһына лиэнтэ кырыйыытынан саҕаланна. Аал уоту уматыы сиэрин-туомун
Эдуард Данилов оҥордо. Дьоро күн үөрүүтүн-көтүүтүн «Һээку» ансаамбыл ситэрэн биэрдэ.
Салгыы саҥа дьиэ хаһаайыннарын — эппиэтинэстээх уустук үлэлээх балыыһа үлэһиттэрин
чиэстээһин ыытылынна. Наҕараадалары Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы
Георгий Степанов туттарда. Ол курдук «Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын
туйгуна» үрдүк аат Алюта Хабароваҕа иҥэрилиннэ. СӨ доруобуйатын харыстабылын үлэһиттэрин
идэлээх сойуустарын Махтал Суруга Любовь Слепцоваҕа туттарылынна. Үөрүүлээх күн эбийиэк
тутуутугар күүс-көмө буолбут дьоҥҥо СӨ доруобуйатын харыстабылын Министиэристибэтин
Махтал Суруктара – Тимур Михайловка, Андрей Париловка, Павел Мараказовка мустубут дьон
дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуолланан туттарылыннылар.
Оройуон баһылыга Дмитрий Аммосов «Өр сылларга үтүө суобастаах, бэриниилээх үлэлэрин
уонна Муома оройуона сайдыытыгар тус кылааттарын иһин» Бочуотунай Грамотаны уонна
«Муома оройуона» символикалаах анал чаһылары Любовь Слепцоваҕа уонна Зоя Слепцоваҕа
туттарда.
СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин өр сылларга
учаастактааҕы балыыһаҕа үлэлээбит дьоҥҥо уһун сыллаах сыралаах үлэлэрин иһин махтанан
туран Бочуотунай Грамоталары туттарда.
Саҥалыы тэринэр саҥа дьиэҕэ оройуон дьаһалтата куукунаҕа оһох, нэһилиэк дьаһалтата уонна
"Чикти" этно-култуура Киинэ саҥа түннүктэргэ жалюзи бэлэхтээтилэр. Ону таһынан малааһыҥҥа
нэһилиэк тэрилтэлэрэ бары бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар, саҥа дьиэ сырдык, сылаас
буоларыгар баҕардылар.
Түмүккэ үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтара бука бары улахан киэҥ түһүлгэҕэ төгүрүччү
туран Чыыстай үрдүнэн һээдьэни дьиэрэттилэр. Ыраах хоту дойду аҕыйах ахсааннаах омуга
сайдыы саҥа саҕахтарын үөрэ көрсөр.

Валентина Старостина.