Улааттахпына учуутал буолуом…

Учуутал күнэ… Бу күнү учуутал идэлээх дьон эрэ буолбакка,  дьон-сэргэ бары кэриэтэ даҕаны өрө көтөҕүллэн бэлиэтиибит. Бука бары оскуола үөрэнээччилэрэ буола сырыттахпыт. Бары биир ситимнээхпит, уопсай өйдөбүллээхпит. Бу күн оҕо сааспытыгар төннөн учууталларбытын, оскуолатааҕы сылларбытын ахтарга-саныырга өссө биир төрүөт буолар. Оҕо саас ахтылҕана куруутун сылааһынан угуттуур…

Ким оҕо сылдьан учуутал буолуон баҕарбатаҕай? Маанытык таҥнан, көбүс-көнөтүк туттан туран дуоска иннигэр туруон санаабатаҕай. Куукулалары, эһэ миискэлэри олордуталаан баран  буукубалары көрдөрө-көрдөрө «үөрэппэтэҕэй». Кыыс аймах бары даҕаны «учууталлаах буола» оонньоон-оонньоон кэллэхпит.

Оттон үгүс сыл-хонук ааһан ол кыргыттар оонньообут оруолларын олоххо киллэрэн, учуутал идэтин баһылаан олохторун оҕо иитиитигэр анаатылар.

Биһиги бу үөрүүлээх күн биир дьиэ кэргэнтэн учуутал идэлээх үс бииргэ төрөөбүт кыргыттары — Надежда, Вера, Анна Петровналары кытары сэһэргэстибит.

Петровналар учуутал идэтин талбыттарыгар ийэлэрэ — ытыктанар учуутал Евдокия Афанасьевна Слепцова олук уурдаҕа. РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ Евдокия Афанасьевна 1967 сыллаахха Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн дойдутугар кэлэн, харыс да халбарыйбакка, Индигир аҕыс кылаастаах оскуолатыгар (1989 сылтан орто оскуолаҕа) начаалынай кылаас учууталынан отут үс сыл үлэлээбитэ. Нэһилиэк бары кэриэтэ оҕотун үөрэх-билии киэҥ аартыгар сирдээбит учуутал төрөппүт кыргыттара идэлэрин талбыттарыгар тус бэйэтин холобура сүҥкэн диир оруннаах. Бу дьиэ кэргэн педагогическай ыстааһын ааҕар буоллахха, барыларын киэнэ холбоон 96 сыл.

 

Учуутал Петровналар идэни таба талыыга хайдах уһуйуллубуттарай? Ол туһунан саас сааһынан маннык.

Надежда Петровна Слепцова, Н.А.Брызгалов аатынан Индигир орто оскуолатын үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы, СӨ үөрэҕириитин туйгуна:

— Мин кыра сааспыттан учуутал буолуохпун баҕарар этим. Балтыларбын кытта наар оскуолалаах оонньуур этибит. Аҕабыт дуоска оҥорон биэрбитин миэлинэн суруйарбыт, дьэ, уонна дьиҥнээх учуутал курдук сананарбыт.

Атын идэ туһунан санаабат да этим.

Ол курдук олох кыра эрдэхпиттэн ийэбин Евдокия Афанасьевнаны холобур оҥостон, кини курдук учуутал буолуохпун баҕарарым. Ийэбит күн аайы уруогар бэлэмнэнэн түүннэри олорорун, дьиэбитигэр кылааһын оҕолоро кэлэн эбии дьарыктаналларын, уруок ааҕалларын, хоһоон үөрэтэллэрин өйдүүбүн. Ийэм курдук  кыра оҕолору ааҕарга, суруйарга үөрэтиэхпин баҕарар этим. Миигин ийэм учуутал быһыытынан үөрэппэтэҕэ, ол эрээри ардыгар солбуйар этэ. Оччолорго «продлёнка» диэн баара, оҕолор үөрэх кэннэ дьиэлэригэр тарҕаспакка, эбиэттэн киэһэ оскуолаҕа хаалан сарсыҥҥы уруоктарыгар бэлэмнэнэллэрэ. Онно ийэбит оҕолору биирдиилээн ылан дьарыктыыра, уруокка ситэ өйдөөбөтөхтөрүн чиҥэтэн быһаара турар буолара.

Оскуола кэнниттэн мин Намнааҕы педучилищеҕа технология учуутала идэтигэр үөрэммитим. Кэлин СГУ саха филологиятын уонна культуратын факультетыгар культурология салаатын бүтэрбитим.

Үөрэхпин бүтэрэн кэлэн ийэбин кытта биир кэлэктиипкэ уон сыл бииргэ үлэлээбиппит. Маҥнайгы сылларбар ийэм куруутун көмөлөһө, сүбэлии-амалыы сылдьара. Учуутал быһыытынан олус ирдэбиллээх, идэтигэр бэриниилээх этэ. Биһиги үс кыыс учуутал идэтин баһылаан, ийэбит солообут суолунан — оҕолору иитии-үөрэтии идэтин талбыппытыгар ийэбит оруола улахан. Бэйэбэр сөп түбэһэр  идэни аргыс оҥостон, хас күн ахсын сөбүлүүр үлэбэр барарым — дьол. Күндү киһибит — ийэбит бэйэтин холобурунан иитэн-такайан улаатыннарбытыгар, уустук үлэ ымпыктарыгар-чымпыктарыгар уһуйбутугар дириҥник махтанабын.

Вера Петровна Слепцова — Дьокуускай куораттааҕы Саха гимназиятын каадырдары кытта отдел үлэһитэ:

— Учуутал буолар санаа мин олох кыра эрдэхпиттэн тэҥҥэ улааппыт быһылаах. Учуутал идэлээх ийэм, биэс оҕолоох улахан дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сылаас сыһыан, аҕабыт тыаттан бултаан кэлэрэ — ити барыта биһиги оҕо сааспыт кэрэ өйдөбүлэ. Этэллэр дии, «киһиэхэ оҕо сааһа  инникитин кини олоҕо  хайдах салалларыгар олус быһаарыылаах буолар» диэн. Миэхэ өйбөр оннук санаа хатанан хаалбыт — «улааттахпына ийэм курдук учуутал буолуом»… Онон оскуоланы бүтэриибэр учууталтан атын идэни талыы турбатаҕа. Дьокуускайдааҕы пединститут алын сүһүөх учуутала идэтигэр үөрэнэн Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Мэлдьэхси орто оскуолатыгар үлэлээбитим.

Ийэбит Евдокия Афанасьевна биһиэхэ бэйэтин үлэтинэн, олоххо-дьаһахха куруутун холобур буолара. Үлэтин олус таптыыра. Уруоктарыгар кыһаллан туран бэлэмнэнэрин өйдүүбүн. Сэбиэскэй кэминээҕи учууталлар олох «универсал» дьон эбиттэр. Ийэбит нагляднай матырыйаалларын, кылаас муннуктарын барытын бэйэтэ оҥосторо. Алын кылаас учуутала да буолан буолуо, олус кырасыабай, каллиграфическай буочардааҕа. Перонан олус ыраастык суруйара. Лобзигынан эмиэ туттара. Аны пеноплаһынан буукубалары хайдах быһарай! Ити барыта улахан сатабылы эрэйэр.

Барыта орун-оннугар турары, бэрээдэги сөбүлүүрэ. Оҕолор күннэрин аҥаарын оскуолаҕа, кылааска атаарар буолан кылаас ис бараана тупсаҕай буоларыгар кыһаллара.

Куруутун биир кэм холку майгылааҕа, ханна эмит ыксыы, тиэтэйэн сүүрэр-хаамар икки ардынан сылдьарын өйдөөбөппүн. Бука, бириэмэни сөпкө аттарар буолан дьиэтин, үлэтин, хаһаайыстыбатын тэҥҥэ тута сырыттаҕа. Аҕабыт Петр Иванович кадровай булчут, куруутун тыаҕа сылдьар буолан кыһын Саҥа дьылга эрэ киирэрэ. Ийэбит биэс оҕотун бэһиэннэрин бэйэтин тапталынан угуттаан, биһиги оҕо сааспыт олус дьоллоохтук ааспытыгар ийэлээх аҕабытыгар билигин олус улахан махталлаахпыт.

Мин идэбин таларбар ийэм оруола сүҥкэн. Учуутал маннык буолуохтаах диэн өйдөбүл ийэм уобараһыгар көстөр. Үөрэтэр оҕолоругар барыларыгар биир тэҥ сыһыаннаах, оҕону хаһан да улаханнык мөхпөт, кыыһырбат этэ. Кини сүрэҕин сылааһыгар, сымнаҕас илиитигэр төһөлөөх элбэх оҕо ааспыта буолуой. Үөрэнээччилэрэ кинини Учуутал күнүнэн хайаатар да эҕэрдэлииллэрэ. Онно кини «Оҕолорум умнубаттар, саныыллар» диэн олус үөрэрэ. Болҕомтолоох үөрэнээччилэрдээҕиттэн астынара, дьоллоноро.

Мин санаабар, учуутал диэн оҕолорго билиини тарҕатааччы, үөрэтээччи эрэ буолбакка, кини оҕону инники олоҕор бары өттүнэн бэлэмнээн таһаарар уһуйааччы буолар. Сирдээччи, Уһуйааччы уонна Сүбэһит.

Түгэнинэн туһанан, Учуутал күнүнэн бары биир идэлээхтэрбин, үөрэппит учууталларбын бу сырдык бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин. Бары кэрэни, үтүөнү, үйэлээҕи баҕарабын.

Анна Петровна Ефимова, Муома орто оскуолатын математикаҕа, информатикаҕа учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна:

— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ордук ахсаан уруогун сөбүлүүр этим. Өссө кыра кылаастарга үөрэнэ сылдьан математика учуутала буолуом диэн баҕа санаалаах этим. Дьиктитэ диэн ийэм оҕо сылдьан эмиэ математиканы олус сөбүлүүр эбит, ол эрэн начаалынай кылаас учууталын идэтигэр үөрэммит. Кэнники «Мин математик буолар баҕа санаабын эн толордуҥ» диирэ.

Кыра эрдэхпиттэн учуутал эрэ буолар туһунан санаалааҕым. Атын идэ туһунан толкуй да киирбэтэҕэ.

Ийэм учуутал идэтин талыҥ диэн хайабытын да анаан такайбатаҕа. Ол эрэн кини, биллэн турар, биһиэхэ, нууччалыы эттэххэ, «модель учителя» хайдах буолуохтааҕын бэйэтин холобурунан көрдөрдөҕө.Үөрэтэр оҕолоругар барыларыгар биир тэҥ сыһыаннааҕа, кими да чорбоппот этэ. Үлэтигэр олус кыһаллара. Хас биирдии үөрэнээччи чиҥ билиини ыларын туһугар каникул да кэмигэр, бэл, өрөбүл күн дьиэбитигэр ыҥыран дьарыктыыра. Билигин бэйэм ыал ийэтэ буолан олорон, кини биэс оҕо түбүгүттэн быыс-арыт булан үлэтигэр бэриниилээҕин сөҕөбүн эрэ. Биэс оҕону көрүү-истии элбэх түбүгү эрэйэр буоллаҕа. Хаһан барытын ыпсаран сылдьара буолла.

1998 сыллаахха СГУ математическай факультетын бүтэрэн кэлэн маҥнай төрөөбүт оскуолабар үлэбин саҕалаабытым. Үөрэммит оскуолам, төрөөбүт дойдум, дьону-сэргэни билэр буолан улахан ыарахаттары көрсүбэтэҕим. Ийэм төрөппүттэри кытта үлэҕэ үгүстүк сүбэлиирэ.

Билигин Муома орто оскуолатыгар 25-с сылбын математика, информатика учууталынан үлэлиибин. Идэбин таба тайанарбар ийэм оруола улахан. Оҕо сылдьан киэһэ утуйарбытыгар сарсыҥҥы уруоктарыгар бэлэмнэнэ хаалара, сарсыарда турарбытыгар остуолга суруна олорор буолара. Сэбиэскэй кэм учуутала буолан үлэтигэр үрдүк эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх этэ.

Ийэбит өр сыллаах үлэтин түмүгэ үөрэнээччилэрин билиниилэрэ буолар. Кини үөрэппит оҕолоро биһигини көрсөн «Евдокия Афанасьевна олус да үчүгэй учуутал этээ!» дииллэрин истэр биһиэхэ, оҕолоругар, наһаа үчүгэй. Төрөөбүт нэһилиэгин кэнчээри ыччата үөрэхтээх, ситиһиилээх дьон буолан тахсалларыгар үгүс сыратын ууран туран үлэлээбит Учуутал ийэбитинэн киэн туттабыт.

Дьэ, бу курдук  биир ыал холобуругар утум хайдах саҕыллан салҕанарын көрдүбүт. Ийэ, Учуутал Евдокия Афанасьевна Слепцова бэйэтэ да билбэтинэн биирдэ талан ылбыт идэтин төрөппүт кыргыттарыгар иҥэрбит. Идэҕэ тапталы. Идэҕэ бэриниилээх буолууну.

 

Валентина Старостина

Читайте дальше