Оройуон киинин ыһыаҕар үтүө үгэс оҥостон, түһүлгэлэри киэргэтэргэ, дьону сомоҕолуурга анаан, Муома нэһилиэгин дьаһалтата түһүлгэлэр ортолоругар анал конкурс ыытар. Урукку сылларга бу конкурска нэһилиэктэр диаспоралара, тэрилтэлэр күүскэ кытталлара. Быйыл ыһыахха бэлэмнэнэн нэһилиэктэр ураһалара кырааскаланан, саҥалыы көрүҥнэнэн түһүлгэлэр күрэхтэрэ өссө сытыырхайыах курдук этэ. Бэлиэтээн этэр буоллахха, күн уотуттан эргэрэ быһыытыйбыт ураһалары саҥардар үлэни өссө былырыын Чыбааҕылаах нэһилиэгэ саҕалаабыта. Быйыл оройуон дьаһалтата, Индигир, Улахан Чыыстай, Соболоох нэһилиэктэрэ ураһаларын кырааскалаан түһүлгэ күрэҕиттэн элбэҕи күүппүппүт. Тэрийээччилэр дьоһун бириистэри олохтоон кыттааччылары күрэххэ көҕүлээбиттэрэ. Ол эрээри быйылгы ыһыахха «Уйгулаах түһүлгэ» күрэххэ икки эрэ тэрилтэ кыттан ыытааччылары соһутта. Балаһыанньа быһыытынан, дьоҕус тэрилтэлэргэ Арчы дьиэтин ытык саастаахтар түһүлгэлэрэ бастаата, улахан тэрилтэлэргэ «Юрайт» быраабы араҥаччылыыр тэрилтэлэр холбоһуктаах түһүлгэлэрэ сүрүн бирииһи ылла. «Юрайт» бары тэрилтэлэргэ холобур буолан, сыллата түһүлгэтин киэргэтэн, сахалыы бүлүүдэлэри дэлэччи бэлэмнээн күрэххэ кыттар. Бу сомоҕо тэрилтэлэр оройуоҥҥа ыытыллар бары тэрээһиннэргэ күүстээхтик кытталларын бүгүн бэлиэтиир тоҕоостоох. Эһиил Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыахха түһүлгэлэр күрэхтэригэр бары нэһилиэктэр, тэрилтэлэр, аҕа уустар кытталларын ситиһэри болҕомтоҕо ылыахха, дьону көҕүлүөххэ. Манна тустаах салайааччылар түмсэн үлэлииллэрэ тоҕоостоох.
Христина Кривошапкина