Оҕолордуун-улаханныын
Бииргэ түмсэ түһэммит,
Үөрэх дьылын түмүктүүр
Чуораан тыаһын кытары
Оһуохайы дьүөрэлээн,
Ырыа-тойук аргыстаах,
Үөрүү-көтөл кынаттаах,
Оскуолабыт ыһыаҕын Үөрэ- көтө тэрийдибит.
Бэс ыйын 1 күнэ-аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнэ.
Бу күн Н. А. Брызгалов аатынан Индигир орто оскуолата үгэс быһыытынан самаан сайыны көрсө, ону сэргэ үөрэх дьылын түмүктүүр оҕо ыһыаҕын тэрийдэ.
Быйылгы оҕо ыһыаҕын нэһилиэкпит сынньанар киинин( сал. Я.Е.Уваровскай, Нь.А.Уваровскай) кыттыылаах тэрийдибит.
…Тоҕуоруһа мустубут сахалыы таҥастаах дьааһыла-саад, кылаас бары оҕолоро, учууталлар, үлэһиттэр түһүлгэҕэ парааттаан киирдилэр.
… Хас биирдии оҕо, учуутал өбүгэтин үгэһин тутуһан, сахалыы сиэдэрэй таҥаһын таҥнан- симэнэн кэлбитэ киһини үөрдэр.
Бу үрүҥ күннээх ортолуура дойдуга
Үс саха үөскүөҕүттэн, түөрт саха төрүөҕүттэн икки атахтааҕы иитэн-аһатан киһи гыммыт ,тоҥор-хатар күннэргэ сылааһынан угуттуур, үөрэр-көтөр да кэмнэри тэҥҥэ үллэстэр, эркин курдук эрэллээх доҕор-атас оҥостубут Аал уоппут иччитэ Хатан Тэмиэрийэ Бырдьа Бытык эһэккэбититтэн,
саха маанылаах астарынан айах тутан туран, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн,
хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран,
сахалыы саймаархай тылынан
көҥүл ылан көрдөстүбүт.
Сиэри- туому барытын толордубут.
Тэрээһиммит сүрүн чааһыгар, илиилэртэн ылсыһан, оһуохайдаан ойдубут, эһиэкэйдээн тэйдибит.
Дьоллоох оҕо саас ыһыаҕар эҕэрдэ тылы эттилэр: нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгын аатыттан Е.Е.Черова.,төрөппүт кэмитиэтин бэрэсэдээтэлэ М. В. Никулина.,»Кэскил» түөлбэ салайааччыта Т.Н.Хадарова.,»Аартык» түөлбэттэн М.В.Никулина.
Оскуола, дьааһыла- саад иитиллээччилэригэр, үөрэнээччилэригэр оҕо көмүскэлин күнүнэн бэлэх туттардылар: оскуола администрацията, түөлбэ салайааччылара.
Уйгу- быйаҥ ыһыахха кылаастар эҕэрдэлээн ыллам ырыа ыллаатылар, нарын үҥкүү үҥкүүлээтилэр.
Оҕолор саастарынан арахсан сахалыы оонньуулары оонньоотулар, сүүрэн-көтөн дуоһуйа сынньаннылар. Түһүлгэлэринэн олорон сахалыы ас амсайдылар.
Оҕолорбут барахсаттар сахалыы таҥастаах-саптаах, киэргэллээх кэлэн Индигирбит толоонун толороннор, сирбит-уоппут силигилээн сиппитэ, оппут- маспыт хамсыы- хамсыы тахсыбыта-барыта дьүөрэлэһэн астык көстүү буолан хараҕы сымнатан, дууһаны манньытар кэрэ-мааны түгэнэ буолла…
Ыһыахха ытык- мааны бэтэрээннэрбит кэлэннэр, түһүлгэбитин өссө дириҥ ис хоһоонноох оҥордулар.
…Этэҥҥэ эмиэ биир үөрэх дьыла түмүктэннэ. Бу үөрэх сылыгар
хас биирдии үөрэнээччи бэйэтин кыаҕынан, сатабылынан оскуолатын, нэһилиэгин, оройуонун, Өрөспүүбүлүкэтин ааттаппыттарыгар, барыларын тоһоҕолоон тураммын МАХТАЛ тылбын тиэртим.
Үрүҥ сиэллээх дьөһөгөй оҕотун сиэлинэн буруо таһаараммын, үөһэ унаарытан, сыт биэрэн туран,
Үрдүк Үрүҥ Айыылартан,
Айыы санаалаах аанньаллартан Индигир нэһилиэгин кэнчээри ыччаттарын үйэ саас тухары
харыстыы, араҥаччылыы, арчылыы сырыт диэммин көрдөстүм, ааттастым.
Күндү иитиллээччилэрим, үөрэнээччилэрим, оҕолорум!
Үстүүр ыйдаах сынньалаҥ
Усталаах туоратын тухары,
Күүстэ-уохта мунньунан,
Кэлэр үөрэх дьылыгар
Бары этэҥҥэ көрсүөхпүт.
Светлана СЭНД