Оройуон киинигэр Хонууга ыытыллыбыт үрүҥ тунах ыһыах быйыл олус күүтүүлээх, элбэх сэҥээриилээх ыһыах буолла. Ыһыахтыыр түһүлгэбит саҥа тутууларын көрөөрү дьон тоҕуоруһа муһунна. Түһүлгэҕэ киириигэ тоҕус сэргэттэн турар экспозиция дьонкэрэхсэбилин ылла, хаартыскаҕа түһэр сүрүн миэстэнэн буолла. Ыһыахпыт күн көрсүүтүн сиэринэн саҕаланна.
Бэс ыйын 21 күн — дьыл саамай уһуур күнүн сарсыардатыгар үтүө үгэһинэн саҥа күн тахсыытын сиэрэ-туома
тэрээһиннээхтик ыытылынна. Күнү көрсүү түһүлгэтигэр элбэх ыччат дьон мустубут. Түһүлгэҕэ тоҕус түптэ уматыллан ыраастанна. Саҥардыллан тутуллубут күрүө хаҥас өттүттэн дьахтар аймах, уҥа өттүттэн эр хоһууттар киирэллэр. Сахалыы симэммит Арчы дьиэтин бэтэрээннэрэ арыаллаах ытык дьоммут – СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ирина Слепцова, коммунальнай хаһаайыстыба салаатын бэтэрээнэ Василий Слепцов уонна улуустааҕы культура управлениетын салайааччыта Юрий Черов хомуһуннаах алгыһынан мустубут дьону арчылаатылар. Василий Гаврильевич холумтаҥҥа аал уоту оттон алгыстаах алаадьынан, кымыһынан, арыылаах саламаатынан айах тутта, айыыһыттартан ааттаста, алгыс баһа сыаланна. Күнү көрсө турар дьон ытыстарын күҥҥэ утары уунан, алгыһы иҥэринэн, тахсар күнү уруйдаатылар.
Ыһыах арыллыыта бары өттүнэн толкуйданан Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас, оройуоммутугар аҕа
сылларыгар анаммыта арыллан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла.Кэрэчээн кыталык кыргыттар, торулу туруйа уолаттар арыалдьыттанан киирбит алгысчыттар Василий Слепцов, Ирина Слепцова, Юрий Черов алгыс түһэрэн аар айыылартан көрдөспүттэрэ туолан, сүөһү иитиитинэн дьарыктанар дьоҥҥо өлгөм үүнүүлээх, элбэх сир астаах, сайдыыны, ситиһиини түстүүр быйаҥнаах сайын буоларыгар олохтоохтор эрэннилэр.
Арчылаах алгыс кэнниттэн оройуон баһылыгын эбээһинэһин толороооччу Артур Тарабукин Ытык дуоҕаны аста,
мустубут дьоҥҥо үтүө тыллары анаата. Ытык дуоҕа күөрэччи анньыллыыта үрүҥ тунах ыһыахпыт арыллыытын
бэлиэтээтэ. Ыһыах үөрүүлээх чааһыгар оройуон баһылыгын эбээһинэһин толороооччу А.А. Тарабукин, Муома
нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Э.П.Калачев ыһыах ыалдьыттарын истиҥник эҕэрдэлээн туран трибунаҕа
мустан олорор дьон иннигэр оройуон, нэһилиэк сайдыытыгар үтүөлээх дьону наҕараадалаатылар.
«Осикат» этнокультурнай киинин үлэһиттэрэ туруорбут кэрэ хамсаныылаах үҥкүүлэрин оҕо-аймах,эдэр ыччат,
орто саастаах эдьиийдэр уонна эбээлэр олус истиҥник толорон мустубут дьону сэҥээртилэр. Ыһыах культурнай
программатын сүрүн киэргэлинэн саха эстрадатын эдэр ырыаһыта, “Этигэн хомус” кыайыылааҕа, “Үрдэл” хас да
төгүллээх финалиһа, ”Саҥа ырыа”кыттыылааҕа Арыйаан буолла. Ыһыах аһыллыытын түһүмэҕэ оһуохайынан
түмүктэннэ. Ыһыахха кэлбит дьон оһуохайдьыт Юрий Черов ойдоруулаах оһуохайыгар үҥкүүлээн өбүгэ үгэһин
толордулар.
Салгыы дьон-сэргэ түһүлгэлэринэн тарҕаһан төбүрүөннээн аһаатылар. Сынньалаҥ кэмигэр оройуон киинин тустаах хамыыһыйата түһүлгэлэри көрдө. Хонуу ыһыаҕар үтүө үгэс оҥостон, түһүлгэлэри киэргэтэргэ, дьону сомоҕолуурга анаан, Муома нэһилиэгин дьаһалтата түһүлгэлэр ортолоругар анал күрэх тэрийэр. Урукку сылларга бу күрэххэ нэһилиэктэр диаспоралара, тэрилтэлэр күүскэ кытталлара. Быйыл ыһыахха бэлэмнэнэн, нэһилиэктэр ураһалара кырааскаланан, саҥалыы көрүҥнэнэн түһүлгэлэр күрэхтэрэ өссө сытыырхайыах курдук этэ. Бэлиэтээн этэр буоллахха, күн уотуттан кубарыйа быһыытыйбыт ураһалары саҥардар үлэни өссө былырыын Чыбааҕылаах нэһилиэгэ саҕалаабыта. Быйыл оройуон дьаһалтата, Индигир, Улахан Чыыстай, Соболоох нэһилиэктэрэ ураһаларын кырааскалаан түһүлгэ күрэҕиттэн элбэҕи күүппүппүт. Тэрийээччилэр дьоһун бириистэри олохтоон кыттааччылары күрэххэ көҕүлээбиттэрэ. Ол эрээри быйылгы ыһыахха "Уйгулаах түһүлгэ" күрэххэ икки эрэ тэрилтэ кыттан ыытааччылары соһутта. Балаһыанньа быһыытынан, дьоҕус тэрилтэлэргэ Арчы дьиэтин ытык саастаахтар түһүлгэлэрэ кыайыылаах буолла, улахан тэрилтэлэргэ "Юрайт" быраабы араҥаччылыыр тэрилтэлэр холбоһуктаах түһүлгэлэрэ сүрүн бирииһи ылла. "Юрайт" бары тэрилтэлэргэ холобур буолан, сыллата түһүлгэтин киэргэтэн, сахалыы бүлүүдэлэри дэлэччи бэлэмнээн күрэххэ кыттар. Бу сомоҕо тэрилтэлэр оройуоҥҥа ыытыллар бары тэрээһиннэргэ күүстээхтик кытталларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кинилэртэн холобур ылан атын тэрилтэлэр, нэһилиэктэр, аҕа уустар эһиил Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыахха түһүлгэлэр күрэхтэригэр бары кытталларын ситиһэри болҕомтоҕо ылыахха, дьону көҕүлүөххэ. Манна тэрийээччилэр түһүлгэ күрэҕин ирдэбиллэрин саҥардан кыттааччылары эрдэттэн чуолкайдыыллара ордук буолсу.
Күн иккис аҥаарыттан ыһыах ыалдьыттарын болҕомтотун спортивнай күрэхтэр тартылар. Манна мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга,национальнай ыстаныыларга, сүүрүүгэ күүстээхтэр күрэс былдьастылар. Ыалдьааччылар сэҥээриилэрин «Хотугу уолан-2024» уолаттарга аналлаах күрэх ылла. Ыһыах спортивнай чааһын А.В.Карпов аатынан спортивнай оскуола тренердэрэ уонна «Осикат » этнокультурнай киин үлэһиттэрэ тэрийдилэр. Манна сыллата күргүөмнээхтик кэлэн кыттар Чыбааҕылаах нэһилиэгин хамаандатын бэлиэтиир тоҕоостоох. Баһылык Игорь Громов бэйэтинэн кыттан ыччаттарын көҕүлүүр.
«Ойдоруулаах оһуохай» күрэс спортивнай күрэхтэри тэҥҥэ ыытылынна. Манна хаһааҥҥытааҕар да элбэх кыттааччы оһуохай эттэ. Быйылгы оһуохай күрэҕэр оҕолор туспа кыттыбыттара сонун буолан көһүннэ. Оһуохай этээччилэр Индигир, Чыбааҕылаах нэһилиэктэриттэн кэлэн кыттан оһуохай түһүлгэтин өссө кэҥэттилэр. Саха киһитэ ыһыахха оһуохайдаан тыынын таһаарар, этин-сиинин эрчийэр, өбүгэлэрбит этэллэринии ыһыахха кырата үс эргиир оһуохайга эргийиэхтээххин. Этээччи элбэх буолан дьон астына оһуохайдаата. Түмүккэ улахан дьоҥҥо Слепцова Мария Пахомовна (Орто Дойду) бастаата, иккис — Слепцова Евдокия Ивановна (Хонуу), үһүс — Сивцева
Саргылана Семеновна (Хонуу).
Оһуохай күрэҕэр кыттыбыт оҕолортон бастакы миэстэҕэ Петрова Ангелина (МОО), иккискэ Старкова Валерия
(ОДОО), үһүс миэстэҕэ Местникова Ольга (ИОО) тигистилэр.
Тарбахтарыгар талааннаах оройуоммут дьонун «Көмүс сүүтүк» быыстапка күрэҕэр кыайыылаах үрдүк аатын Ирина Михайловна Никулина ылыан ылла. Оройуоммутугар Аҕа сылыгар аналлаах «Аҕа күрэҕэр» биэс дурда-хахха дьоммут күөн күрэстэстилэр. Үс бириистээх миэстэни Георгий Алексеев, Александр Аргунов, Серафим Гореев үллэһиннилэр.
Быйыл Россияҕа дьиэ кэргэн сыла биллэриллэн “Осикат”этнокиин онно туһулаан ыыппыт “Тунах ыһыаҕы
уруйдаан, саха ыалын айхаллаан” дьиэ кэргэн күрэҕэ элбэх көрөөччү болҕомтотун тарта. Күрэххэ Хонууттан биэс
ыал кытынна. Сценаҕа бастакынан Туйаара, Владислав Никулиннар оҕолорун кытта таҕыстылар. Кыра уол Максим
бэрт чөллөркөй куолаһынан төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин билиһиннэрдэ. Аҕалара Орто Дойдуттан төрүттээх дьиэ кэргэн туллар тутааҕа буоларын, ийэлэрэ косметолог идэтин баһылаан дьон сэбэрэтин тупсарарын уол киэн туттан кэпсээтэ. Убайа Мирослав быйыл оскуоланы бүтэрэн охотовед буолар баҕалаах, оттон кыралара Мия ырыа- үҥкүү эйгэтигэр уһуйуллар эбит. Күрэххэ салгыы Татьяна, Егор Федоровтар биэс оҕолорун батыһыннаран сценаҕа тахсаллар. Федоровтар кэтэх хаһаайыстыбалаах буолан оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыарын иитэллэр, онон оҕолор дьиэ уот үлэтигэр көмөлөрө улахан эбит. Федоровтар кэннилэриттэн күрэҕи Егоровтар дьиэ кэргэн салгыыллар. Снежана Афанасьевна, Айаал Владимирович оройуоҥҥа ыытыллар бары тэрээһиннэргэ куруук көхтөөхтүк кытталлар. Биэс кэрэчээн кыргыттарын сибэкки курдук симээн тапталлаах дьиэ кэргэннэрин хомоҕой
хоһоонунан хоһуйбуттарын дьон-сэргэ сэҥээрэ иһиттэ. Егоровтар сайыҥҥы кэмҥэ оҕуруот олордон, тиэргэннэрин
сибэккинэн симээн дьарыктаналлар. Дьиэ кэргэнинэн сир астыылларын, тэллэйдииллэрин, балыктыылларын
ордороллор эбит. Күрэҕи үс оҕолоох Александра уонна Александр Слепцовтар салгыыллар. Эдэр ыал ийэтэ Александра Алексеевна социальнай харысхал управлениетыгар үлэлиир, иллэҥ кэмигэр шеллак оҥорор идэлээх,
минньигэс астаах хаһаайка. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Александр Александрович эһэтин, аатырбыт сорсуннаах
булчуту, Петр Иванович Слепцову утумнаан бултуурун сөбүлүүр, булдуттан аймах билэ дьонун күндүлүүр.
Слепцовтар спордунан утумнаахтык дьарыктаналлар, сайынын дьонноругар тахсан оттооһуҥҥа көмөлөһөллөр,
балыктыылларын сөбүлүүллэр. Күрэҕи Ольга, Азизхан Токтоболотовтар дьиэ кэргэннэрэ түмүктүүллэр. Интернациональнай ыал маанылаах оҕолоро Айбек, Асель уонна Ариета дьоннорун өйөөн аан-бастаан сценаҕа
таҕыстылар. Күрэххэ кыттыбыт ыаллар тустаах түһүмэххэ ырыа ыллаан, хоһоон ааҕан, үҥкүүлээн дьон сэҥээриитин
ыллылар. Дьиэ кэргэн күрэҕин социальнай харысхал управлениетын начальнига А.Ф.Щелканова салайааччылаах
дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Түмүккэ бастыҥ ыал аатын Александра, Александр Слепцовтар дьиэ кэргэннэрэ ылла.
Иккис миэстэҕэ Снежана, Айаал Егоровтар таҕыстылар. Үһүс миэстэ Татьяна, Егор Федоровтар буоллулар. Күрэххэ
кыттыбыт бары дьиэ кэргэттэрбит анал сертификаттарынан бэлиэтэннилэр.
Ыһыах кэмигэр Дьиэ кэргэн сылынан оройуоммут социальнай-экономическай сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрэр, ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу тыынын оҕолоругар иҥэрэр Суон Тиит түөлбэтин ытык-мааны олохтоохторугар Людмила Максим Новгородовтар дьиэ кэргэннэригэр, маны таһынан Оҕо саас сылынан кэскиллээх спортсменҥа, Муома орто оскуолатын выпускнигар Ким Громовка Муома оройуонун баһылыга Д.В. Аммосов махтал суруктара, сэмэй бэлэхтэрэ туттарыллыннылар.
Быйылгы оройуон киинин ыһыаҕа тустаах үлэһиттэр элбэх дьону түмэ тардан, кытыннаран ситиһиилээхтик
ыытылынна. Айылҕа анаабыт курдук, чэмэлкэй күн-дьыл турда. Саҥаттан өрөмүөннэммит ыһыах түһүлгэтигэр үөрүү- көтүү, ырыа-тойук, көр-нар, күрэхтэһии күнү быһа тэрилиннэ.
Биһиги корр.