Учуутал, эн үрдүк ааккар

Оройуоммут бары оскуолаларыгар Билии күнүн үөрүүлээх тэрээһинэ балаҕан ыйын 2 күнүгэр ыытылынна. Бу күн нэһилиэк дьоно бары сэргэхсийдилэр, сибэкки тутуурдаах оҕо хаамара үксээтэ.
Үөрэхтээһин үлэһиттэригэр, үөрэнээччилэргэ анаан элбэх эҕэрдэ этилиннэ, чуораан тыаһа чугдааран оҕолору кылаас чаастарыгар ыҥырда.
Муома орто оскуолатыгар Билии күнүгэр анаан бэтэрээн учууталлары эҕэрдэлиир үтүө үгэс олохтоммута хаһыс да сыла. Быйыл ол сиэринэн оҕолор ытыктыыр дьоммутун саҥа үөрэх дьылынан эҕэрдэлээн сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннулар. Оскуолаҕа өр сыллар тухары үлэлээбит убаас-тыыр учууталларбыт билигин Дьо-куускай куоракка бочуоттаах биэнсийэлэригэр олороллор. Оскуола олоҕун өрүү интэриэһиргииллэр, дойдуларын сонунун сэргииллэр. МОО салалтата кинилэргэ бэлиэ күҥҥэ анаан сибэкки бэлэх уунан сылын аайы эҕэрдэлиир.
Учуутал оҕону иитэр үтүө үлэтэ умнуллубат. Кини хас биирдии үөрэнээччитигэр суолдьут сулус буоллаҕа.

Читайте дальше