Биһиги оройуоммутугар кулун тутар 18-27 күннэригэр Дьокуускай куораттан Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хотугу
аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун саха тылын салаатын үлэһитэ, Арассыыйа суруналыыстарын
союһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, тыл билимин хандьыдаата Егор Револьевич Николаев ыалдьыттаата. Кини
1995 сыллаахха Сунтаар оройуонун Тойбохой оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэтин саҕалаабыт. Салгыы 2000
сылтан наукаҕа хардыыта сахалыы ааттары үөрэтииттэн саҕаламмыт. Мин Егор Револьевичтыын көрсөн сэһэргэстим:
– Егор Револьевич, биһиги оройуоммутугар кэлбит үлэҥ сыала-соруга туохханый?
– Тыл үөрэхтээҕэ буоларым быһыытынан билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт тылынан холкутук саҥарыы, оҕону төрөөбүт
тылынан иитии, саҥардыы, тыл баайын хаҥатыныы сүдү суолтатын өйдүүбүн. Бэйэм түөлбэ тылы чинчийэбин. Билигин
судаарыстыбаннай бырагыраамма чэрчитинэн үһүс сылын экспедиция үлэлиир. Биир сүрүн хайысхата – түөлбэ тылы
үөрэтии. 1940 сылтан саҕалаан Муомаҕа тыл матырыйаалын хомуйар экспедиция кэлэн түөлбэ тылын үөрэтэн
барбыттар. 1987 сыллаахха бүтэһик экспедиция кэлэн барбыт эбит. Тыл салаатын үлэһиттэрэ түөлбэ тылын тылдьытын
хомуйан бэчээккэ бэлэмниир үлэни ыытабыт. Онон манна кэлбит үлэм сүрүн сыала – тыл билиҥҥи туругун кэтээн көрүү,
Муома сахатын тыла хайдах эбитий? Мин бэлиэтээһимминэн, Муомаҕа сахалыы ыраастык саҥарар үгүс дьон баар.
Элбэх киһини кытта алтыстым, сэһэргэстим. Мурун [й] дорҕоону туттар дьон баарын сэргээтим. Үлэ-үөрэх
тэрилтэлэригэр, дьон-сэргэ түмсүүлэригэр араас тэрээһиннэри көрдүм, ыҥырыылаах ыалдьыт буолан сырыттым. Муома
дьоно олус үөрүнньэҥ, эйэҕэс-элэккэй майгылаахтар эбит. Ханна да тиий, үөрэ көрсөллөр, сэҥээрэллэр-сэргииллэр.
Итинтэн олус үөрдүм.
– Төрөөбүт тылбытын чинчийэр сыралаах үлэҥ үтүө түмүктээх буоллун! Муома дьонугар тугу баҕарыаҥ этэй?
– Муома оройуонун олохтоохторугар төрүт дьарыккытын умнубакка, айылҕалыын дьүөрэлэһэн олороргутугар
баҕарабын.
– Егор Револьевич, барыбыт ааппытыттан үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, саҥа киэҥ саҕахтары, дьоллоох олоҕу
баҕарабын!
Лена Гоголева