Төрүт салааны өйүөххэ, табалары булуохха

Бу күннэргэ оройуон дьаһалтатын сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньахтара
нэһилиэктэринэн бэрт тэрээһиннээхтик ыытылыннылар. Оптуорунньук күн оройуон
баһылыга Дмитрий Аммосов салайааччылаах оробуочай бөлөх Индигир уонна
Чыбааҕылаах нэһилиэктэригэр сырытта.
Бөлөх састаабыгар баһылык бастакы солбуйааччыта Артур Тарабукин, оройуон депутаттарын
Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Серафим Мараказов, үөрэҕирии салаатын начальнига Айталина
Крупышева, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын специалиһа Лаврентий Гуляев, социальнай
харалта управлениетын салайааччыта Антонина Щелканова, экология инспектора Юрий
Васильев, ОПН инспектора Дыгын Зырянов сырыттылар.
Бөлөх сыллааҕы отчуоту маҥнай сарсыарда 11 чаастан Индигир нэһилиэгин олохтоохторун
иннигэр туруорда. Индигирдэр, куруук да буоларын курдук, сааланы толору мунньустубуттар.
Мунньах үөрүүлээх түгэнигэр баһылык Ил Түмэн депутата Гаврил Алексеев анал байыаннай
дьайыыга сылдьар төрөппүттэрдээх оҕолорго Саҥа Дьыллааҕы бэлэҕин, олохтоох дьаһалта
специалиһыгар Иннокентий Слепцовка ааспыт быыбардар түмүктэринэн Саха
Өрөспүүбүлүкэтин Общественнай Палататын Махтал суругун дохсун ытыс ортотугар туттарда.
Нэһилиэккэ фельдшеринэн үһүс сылын үлэлиир Кетино Хведелиани «Өр сыллаах үтүө
суобастаах үлэтин уонна Муома оройуонун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын
иһин» Махтал суругунан уонна оройуон дьаһалтатын анал чаһытынан бэлиэтэннэ. Маннык Махтал
сурук өр сылларга сылгыһытынан үлэлээбит Атласов Александр Егоровичка туттарылынна.
Дмитрий Викторович отчуоту проекцияҕа көрдөрөн киэҥ ис хоһоонноохтук бары салааларынан
ырытан оҥордо. Үлэ-хамнас, нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа барыта ырылыччы көрдөрүллүбүтэ
отчуоту ситэрэн биэрдэ.


Отчуоту истэн баран, сүрүн кэпсэтии мустубут дьон ыйытыыларын, этиниилэрин тула барда.
Олохтоохтор интэриэһиргиир ыйытыылара элбэх, ол курдук сири өртөөһүн, благоустройство,
үөрэх дьылын ортотугар оройуоҥҥа 15 учуутал вакансиятын, саҥа киирэр балыыһаҕа анал
специалистарынан, быраастарынан хааччыллыы хайдаҕын, оройуон депутаттарын Сэбиэтин
үлэтин, «подсадной» кустааһын, түргэнник ситэр салаа, уо. д. а. боппуруостара долгуталлар эбит.
Нэһилиэк баһылыга Прокопий Федоров нэһилиэккэ спецтехника ылыытын туруоруста.
Олохтоох оскуола дириэктэрэ Светлана Сен-Дун-Шен төрөөбүт нэһилиэгин, оскуолатын, кэнчээри
ыччат туһугар сүрэҕинэн-дууһатынан ыалдьар киһи буолан туруорсара элбэх. Кини нэһилиэккэ
оҕо ахсаанын элбэтии — тыын боппуруос буоларын ыйда. Бүгүҥҥү туругунан бу оскуола 49
үөрэнээччилээх. «Оскуола баар — нэһилиэк баар», — диир Светлана Афанасьевна. Итиннэ Дмитрий
Викторович Төбүлэх нэһилиэгин холобурдаата: — Быйылгы үөрэх дьылыгар Төбүлэххэ аҕыс оҕо
эбилиннэ (иккитэ уһуйаан саастаах). Саҥа специалистар — эдэр ыаллар кэлэн Төбүлэх
олохтоохторун ахсаана эбилиннэ.
Марина Атласова култуура үлэтигэр тохтоото. Оройуоҥҥа биир баар-суох соҕотох
Т.К.Апросимова аатынан норуодунай тыйаатыр нэһилиэктэринэн тоҕо гастроллаабатын, эдэр
үлэһиттэргэ култуура управлениетын өттүттэн методическэй көмө суоҕун, урукку кэмҥэ нэһилиэк
Күннэрэ бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллар буолаллара, бу үлэни сөргүтэри туруоруста. Марина
Ивановна олохтоох кырдьаҕастар хом санааларын — саастаах дьоҥҥо болҕомто тиийбэтин тиэртэ.
Өртөөһүн туһунан ыйытыыга Серафим Мараказов маннык хоруйдаата: — Өртөөһүн көҥүллэнэр.
Ол эрэн … ходуһаҕа ууллубут, оттон тыа өссө хаардаах сытар кэмигэр — ити олох кылгас, быыһык
кэми куоттарбакка, бары бииргэ түмсүүлээхтик өртөөһүнү ыытыаххытын сөп. Уот куотар
түгэнигэр саба түһэн умулларардыы, үчүгэй бэлэмнээх буолуоххутун наада.
Ордук сытыы ыйытыы Егор Черовтан киирдэ. Кини былырыын саас Усуйаанаттан
аҕалыллыбыт табалар дьылҕаларын, ыстаада билигин баарын-суоҕун, салгыы хайдах быһыы-
майгы буолуоҕун туоһуласта. Бу Егор Гаврильевиһы эрэ буолбакка, саалаҕа олорор тустаах дьону
таарыйар кыһалҕа буоларын бэлиэтинэн саалаҕа кыра аймалҕан таҕыста, кыыһырбыт дьон
саҥалара иһилиннэ.
— Бу боппуруос билигин быһаарылла сылдьар. Кырдьык, табалар ыһыллыбыттара, ол эрэн
оройуон кыраныыссатыгар бааллар, ону табаҕа сыһыаннаах, сиргэ сылдьа үөрүйэх, элбэх киһини
мунньан субуотунньугунан көрдүүр сорук турар. Үлэни уталыппакка эрэ бу күннэргэ саҕалаатахха
сатанар, — диэтэ баһылык. Бу сытыы боппуруоска оройуон депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ
Серафим Николаевич маннык көрүүлээх буолла: — Табалары элбэтии, ыстаада тэринии бу үтүө,

үчүгэй эрэ санааттан тахсыбыт хамсааһын буолар. Манна уопсай тылы булан күүскэ үлэлэһиэххэ
наада. Үлэһиттэргэ хамнас төлөммөтөҕүн туһунан боппуруоска биһиэхэ суругунан киллэриҥ —
«Байдам» тэрилтэни кытта хайдах дуогабардаспыккытый, хайдах төһөнү төлүөх буолбуттарын
барытын суруйуҥ. Биһиги ол сурук киирдэҕинэ быһаарсыахпыт, тыа хаһаайыстыбытын
управлениетын кытта кэпсэтиэхпит. «Байдам» үлэһиттэригэр, биллэн турар, хамнастарын төлүүрэ
ирдэнэр.
1200 таба ханна хайдах ыһыллыбытын тула мөккүөр өссө да өр барыаҕын саалаттан ким эрэ
«Ити туһунан туспа мунньахтаарыҥ!» диэн тыл быраҕан мунньах салгыы атын тиэмэҕэ көстө.
Бу нэһилиэккэ кэтэх хаһаайыстыба тэринэн олорор ыал элбэх. Ол курдук, уопсайа нэһилиэк
үрдүнэн ынах сүөһү ахсаана 61, ол иһигэр 22 ыанар ынах, 1 оҕус, сылгы сүөһү — 80, 1 сибиинньэ, 3
коза, 73 куурусса баар. Оскуола 9, урбаанньыт Александр Слепцов 98 сылгылаахтар. Бу нэһилиэк
олохтоохторо түргэнник ситэр салаа сайдарыгар диэн аҕалыллар дьиэ кыылларын, көтөрдөрүн
хото иитэр буолан аны күһүн үлэҕэ киириэхтээх оптовай Кииҥҥэ куурусса, сибиинньэ аһылыга
атыыга куруук баар буолуон туруорсаллар.
Олохтоохтортон ыйытыы да, этинии да үгүөрү элбэх буолан биэрдэ. Махтал тыллара эмиэ
этилиннилэр. Олохтоохтор «Арктика суоллара» Муоматааҕы суол учаастагар, чуолаан дириэктэр
Константин Терешкиҥҥа уонна Хонуу олохтооҕо, тырахтарыыс Дмитрий Сухомясовка улахан
махталларын тиэрдэллэр. Дмитрий Семёнович сүөһүлээхтэргэ от тиэйэн улахан көмө-өйөбүл
буолар, ардыгар күҥҥэ үстүү-түөртүү эриэйсэ тиэйэр эбит.
Даҕатан эттэххэ, баһылык бу нэһилиэктэринэн сырыытыгар тус приёмугар баҕалаах дьон эмиэ
көрүстүлэр, кыһалҕаларын туруорустулар, санааларын үллэһиннилэр, баһылык кинилэри
болҕомтолоохтук истэн, бэйэтигэр бэлиэтэнэн, төһө кыалларынан боппуруостары быһаарыах
буолла.
Отчуот кэннэ икки өттүттэн — оробуочай бөлөх да, мустубут да дьон бу көрсүһүүттэн
астыммыттарын биллэрдилэр. Олохтоохтор салалтаҕа санааларын этиннилэр, салалта нэһилиэнньэ
санаатын иһиттэ. Этэргэ диэри, «обратная связь» баара үлэҕэ элбэҕи быһаарар.
Түмүккэ индигирдэр оройуон дьаһалтата ыытар үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.

* * * *

Мунньах кэнниттэн оробуочай бөлөх салгыы Чыбааҕылаах нэһилиэгэр айаннаата. Ити күн -52
кыраадыс тымныы сатыылаан турбут буолан уһун айантан сылайбыт дьону чыбааҕылаахтар итии
мииннээх, остуол хотойорунан толору астаах көрүстүлэр.
Мунньах киэһэ 19 чаастан саҕаланна. Дмитрий Викторович Ил Түмэн депутата Гаврил Алексеев
өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа сыла биллэриллибитинэн соҕотох аҕа иитэр оҕолоругар бэлэхтэрин
кырачаан Ноговицыннарга туттарда. Үтүө суобастаах үлэлэрин иһин оройуон баһылыгын Махтал
суругун уонна анал чаһыны Алёна Старковаҕа уонна Валерий Осиповка туттарда.
Киэҥ ис хоһоонноох отчуот кэннэ олохтоохтор салайааччыларга ыйытыылары хото биэрдилэр.
Оскуола дириэктэрэ Павел Саввич Иванов үлэтин сүнньүнэн кыһалҕаларын — уһуйааҥҥа
куукуна, оскуолаҕа мастарыскыай, гараас суоҕун кэпсээтэ. Дмитрий Викторович эдэр дириэктэргэ
тустаах боппуруостарга чопчу сүбэлэри биэрдэ. Манна кини Төбүлэх оскуолата модульнай тутуу
уопутун туһанары ыйда.


Роман Павлов «Сүөһүлээхтэргэ күүстээх өйөбүл баара эбитэ буоллар, дьон сүөһү ииттэн, кэтэх
хаһаайыстыба элбиэ этэ» диэн бэлиэтээтэ. Кылаана Слепцова үлэ киһитэ үлэтэ кэмигэр
сыаналаныахтааҕын этэн туран, электростанция үлэһитэ Юрий Старков үлэтэ хаһан да
бэлиэтэммэтин ыйда. Ону таһынан Кылаана Егоровна оройуоннааҕы балыыһаҕа, чуолаан
стационар персоналыгар улахан махталын тиэртэ.
Түмүккэ тылы ылбыт Албан Старков нэһилиэк «сүрэҕин ыарыытын» — таба ыһыллыытын
таарыйда. Бары бүттүүн тахсан табалары хомуйуохха. Ким туохтааҕынан. Ким харчынан, ким
бензининэн… Бары Ганза Ивановиһы өйөөммүт, түмсүүлээхтик турунуохха. Оччоҕо эрэ үчүгэй
хамсааһын тахсыа. Улахан уопуттаах табаһыттары мунньуохха, баһылыктар бэйэҕит тахсыһыҥ,
усх-лар хомуллуҥ. Өскөтүн кыаттарбатаҕына, санааны түһэримиэххэ. Атын суоллары тобулуохха,
— диэн итийэн-кутуйан туран этиннэ.

Баһылык Албан Иванович төлөннөөх этиниитин истэн баран: «Бэйэбит өттүбүтүттэн бары
кыаллары оҥоруохпут. Хоту сиргэ таба элбиирин туһугар күүскэ үлэлэспит Иван Петровиһы
кэриэстээн да туран, боппуруоһу быһаарыахпыт. Таба төрүт сиригэр кэлиэхтээх, Сайдыы
сайдыахтаах. Бу биир нэдиэлэлээх үлэ буолбатах, элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр. Ол эрэн
табалары хомуйуохха наада».

Түмүккэ Дмитрий Викторович билигин биһиги эппиэтинэспит хас да бүк үрдүөхтээх, түмсүү-
сайдыы туһугар үлэлиэхтээхпит, буолаары турар дойду Президенин быыбарыгар биир санаанан
Владимир Владимирович Путины талыахтаахпыт диэн эттэ.
Баһылык ити эппит тылларын олохтоохтор толору өйдөөн, ылынан биир санаанан салгыы
күүрээннээх үлэҕэ турунарга бигэ санаалаах тарҕастылар.

Валентина СТАРОСТИНА.