РФ үтүөлээх эколога, айылҕа харыстабылын туйгуна Черемкин Николай Афанасьевич-Николай Байды «Ааспыт кэм аанын сэгэтэн» диэн кинигэтигэр, архыып чопчуламмыт чахчыларыгар олоҕуран суруллубутунан, биһиги аҕабыт Хабаров Иннокентий Николаевич эһэтэ Ооккон оҕонньор, Ыһынай Күгэстиирэп (Прокопий Хабаров) диэн киһиттэн сыдьаан тардар эбит.
Бу киһи 1751-1832 с.с. Чыбааҕылааҕынан, Үрүйэ Төрдүнэн, Төбүлэҕинэн олоро сылдьыбыт. Кини сиэн уолуттан Ооккон 1857 сыллаахха төрөөбүт.
Муома дьонун таҥараҕа сүрэхтээһин 1805-1810 сылларга диэки барбыт, бу дьоҥҥо сүрэхтэнии саҕана Хабаров диэн фамилия бэриллибит.
Оччолорго бу аҕа ууһа нэһилиэк сириттэн олус ыраах, суола-ииһэ мөлтөх сиргэ ‒ Тойон Уйалаах диэн учаастакка олорбуттар. Оччотооҕу кэминэн ынах сүөһү, сылгы иитэн, бэйэлэрин сатабылларынан олохторун оҥостон олордохторо. Оҕонньор эдэригэр олус күүстээх, үрдүк уҥуохтаах, бааһынайдыҥы хааннаах киһи эбит. Соҕотох уол оҕото, биһиги эһэбит Хабаров Николай Данилович, норуокка биллэр аата “Куһаҕанчык”, эмиэ күүстээх, улахан уҥуохтаах бөдөҥ киһи этэ. Кинини төрүөҕүттэн урукку итэҕэлинэн абааһыттан куоттаран “куһаҕанчык” диэн ааттаабыттар эбит.
Ооккон оҕонньор 90 сааһын туолан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сыттаҕына, Сэһэн Боло Тойон Уйалаахха баран оҕонньору көрсүбүт.
Сэбиэскэй кэм саҕана тахсар “Эдэр коммунист” диэн хаһыакка “Ооккон оҕонньор сэһэннэрэ” диэн ыстатыйаны этнограф Валерий Васильев диэн киһи таһаарбытын ууруна сылдьыбытым. Бу ыстатыйаҕа оҕонньор кэпсээнинэн буоллаҕына, Муомаҕа сахалар урут нуучча сэриититтэн күрээбит урууларын ирдээн тиийбиттэр. Атын да сэһэннэргэ кэпсэнэрин курдук, кэлии дьон омуктары кэмпиэтинэн, оҕуруонан угуйалларын, олохтоох дьону саанан ытыалаан, аманаакка оҕолору, дьахталлары тутуталаан дьаһаах төлүүргэ күһэйбиттэрин ахтар. Муомаҕа сүрэхтэнии XIX үйэ саҥатыгар тиийбит эбит, былаас сүрэхтэниини бэлэмэ суох ыытан, улахан айдааны таһаарбытын туһунан, ол курдук кинилэр онтон куттанан эһэлэрэ Ыһынай олорор сириттэн күрээн Мүрүлээх диэн сиргэ саспыттар. Сымыйа сурах тарҕаммытын билэн баран, сүрэхтэммиттэр. Сүрэхтэнии иннинэ эр киһи мааныта уһун хоһолоох, астаах суһуохтаах буолара үһү.
Оҕонньор күүстээх-күдэхтээх буолан, ыраах сирдэринэн ындыыга сылдьыбытын, оччотооҕу дьон муостаах кулгаахтаах бэргэһэни кэтэллэрин, Дьокуускайга бара сылдьан Дүпсүн улууһун киһитин Уйбаан Бөлөнүүскэй оҕонньору көрсүбүтүн, кини куорсуннаах хороҕор бэргэһэни кэтэ сылдьарын бэрт сүрдээх киһи баара диэн ахтыбыт. Былаас уларыйыытыгар күүс өттүлэринэн сахалар эмэгэттэрин, ойуттар дүҥүрдэрин уоттаабыттарын үрдүнэн улуу ойуттар аҕабыттааҕар син-биир кыахтаах этилэр диэн санаа иҥэ сылдьара биллэр. Бэйэтин аҕа ууһугар улуу ойуун Найыкка туһунан, буоспа ыарыы турбутун, Сассыабырыскай куорат эстибитин туһунан син элбэҕи кэпсээбит. Биһиги хос эһэбит Ооккон туһунан кини мүлчүргэннээх сырыыларын, күүһүн-уоҕун, дьон өйүн-санаатын сүүйэр араас албастарын туһунан үһү-таамах курдук истэн билэбит. Үһүйээн курдук ылынабыт.
Эһэбит Ньукулай оҕонньор туруору сымнаҕас майгылаах, сааһын тухары от-мас үлэтигэр сылдьыбыта: мас кэрдиитэ, тиэйиитэ, тутуу үлэтэ – кини улахан чэрдээх илиилэрэ оннук эрэ үлэҕэ анаммыт курдуга. Эбэбит Евдокия Константиновнаны кытта биэс оҕону төрөтөн, улаатыннаран, киһи-хара оҥортоон, атахтарыгар туруоран, өбүгэлэрин сирдэригэр өр сылларга сүөһү иитэн, араас ыарахаттары, сут дьыллары этэҥҥэ туораан эйэ-дэмнээхтик олорбуттара.
Кэлин 1960 с. сүөһүнү барытын бөһүөлэккэ кииннээһин саҕаламмытыгар Буор Сыһыыга көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Эһэбит сатабыллаах мас ууһа буолан Хонууга дьиэ тутуутугар үлэлэһэрэ. Кини тутуспут дьиэтэ билигин “Кэнчээри” детсад буолан турар. Билигин да бөҕө-таҕа көрүҥнээх.
Бастакы уоллара Хабаров Афанасий Николаевич бэйэтин кэмигэр араас үлэҕэ үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн, элбэх наҕараадаҕа тиксэн дьоһун олоҕу олорон 80 сааһын ааһан баран, сирдээҕи олохтон туораабыта. Кини түөрт оҕолооҕо, икки оҕото олохтон эрдэ туораабыттара. Биир кыыһа Анна Афанасьевна соцстрах сүрүн специалиһа. Биир кыыстаах. Кыра кыыһа Слепцова Светлана Афанасьевна Дьокуускайга олорор, кэргэннээх, үс оҕолоох.
Иккис уоллара Хабаров Николай Николаевич кэргэнэ Хабаров Петр Федотович кыыһа Екатерина Петровналыын Оҕуруо Күөлэ диэн сиргэ олорбут. Екатерина Петровна сүрдээх үлэһит, элбэх оҕолоох ыал бастакы оҕото буолан тугу барытын сатыыра, кыыс сылдьан бэйэтэ мас кэрдэн, оҕуһунан тиэйэн, ол сылдьан, туһах иитэн, бултаан кэлэр эбит.
Кинилэр колхоз, совхоз араас үлэлэригэр күүстэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ. Дьоллоох оҕо саас диэни билбэтэх дьон оҕо эрдэхтэриттэн мас кэрдэн, оҕуһунан мас, от тиэйэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн уһун кэмҥэ иллээхтик олорон, 4 оҕону төрөтөн, атахтарыгар туруоран, ыал буолалларын көрөн, сиэн оҕону көрсөн бу олохтон барбыттара.
Улахан уоллара Иван олохтон эдэр сааһыгар суорума суолламмыта. Кыыстаах уола Дьокуускай куоракка, биир уола Хонууга олороллор.
Кыыстара Александра элбэх оҕо тапталлаах ийэтэ, эбэтэ, Амма оройуонугар олохсуйан олорор. Оҕолоро бары талбыт курдук дьоһун дьон, маанылаах ыал ийэлэрэ, аҕалара.
Орто уоллара Валерий Николаевич аҕатын туйаҕын хатаран уус, дэгиттэр талааннаах киһи. Икки кыыс оҕолоох, үрдүк үөрэхтээхтэр. Билигин кэргэнин кытта Дьокуускай куоракка олорор.
Кыра уоллара Алексей эмиэ биир туспа айылҕаттан айдарыылаах диэбиккэ дылы, таайыыллыбат ис күүстээх киһи. Бэйэтин сатабылынан, мындыр өйдүнэн ханнык баҕарар үлэни кыайа тутар кыахтаах. Билигин оһолго түбэһэн, доруобуйата мөлтөөн дьиэтигэр олорор.
Эһэбит аах үһүс уоллара Хабаров Василий Николаевич – Баһылайкаан. Дьэ бу киһи кэпсээҥҥэ сылдьар, тарбаҕар талааннаах, айылҕа анаан айбыт киһитэ диэххэ сөп. Арай кини билиҥҥи сиэринэн үөрэммит, талаанын сайыннарбыт буоллун, чахчы, киэҥ сиргэ аата-суола биллиэ этэ. Ол курдук кини көмүһүнэн, тимиринэн, маһынан ханнык баҕарар саа ол-бу дефегин көннөрөр дэгиттэр уус киһи олорон аастаҕа. Кэргэнэ, оҕолоро саҥа улаатан, олох суолугар үктэнэр кэмнэригэр олохтон туораабыта. Оҕолоругар күүс-көмө эрэллээх тирэх буолар киһилэрэ – аҕалара суон-дурда буолбута. Кини даҕаны колхуос, сопхуос араас түбүктээх үлэтин этинэн-хаанынан билбит киһи. Эдэригэр Абый, Муома икки ардыгар дьаамсыгынан сылдьыбыт. Маннык айаҥҥа, бука, сылдьа үөрүйэхтэр эрэ бараллара буолуо.
Бу ыал алта оҕоҕо күн сырдыгын көрдөрбүтэ. Билигин түөрт оҕото элбэх оҕо эбэлэрэ, эһэлэрэ буолан, аҕа ууһун тэнитэ олороллор.
Баһылайкаан оҕолорун үөрүүлэрин-көтүүлэрин тэҥҥэ үллэстэн, 70 сааһын туолан орто дойду олоҕуттан арахсыбыта.
Эһэлээх эбэбит оҕолоро, бары даҕаны нэһилиэк кииниттэн ыраах олорор буолан, ситэ үөрэммэтэхтэрэ. Балтылара Акулина аҕата Хонууга тутууга үлэлиир кэмигэр онно барсан 2 кылааһы бүтэрбит. Ол кэннэ салгыы үөрэммэтэх. Сааһын ситэ илик оҕо киһи улахан дьону кытта тэҥҥэ хотон, сүөһү үлэһитэ буолбут. Биһиги ийэбитин Слепцова Мария Ивановнаны кытта сайылыгынан, кыстыгынан учаастактары кэрийэ сылдьан үлэлээбиттэр. Биир оннук, үлэлии сылдьар кэмнэригэр буолбут ыарахан кэми куһаҕан түүл курдук олох умнубаппын диэн кэпсээбитэ.
Бэс ыйын саҥатыгар диэри сир хараарбакка сыппыт. Тойон Уйалаахха сайылыкка диэн субан сүөһүнү көһөрбүттэр. Бу сайылыкка аҕалбыт субан сүөһү аһылыгар олус кытаанах балаһыанньа үөскээбит. Хаһан от бытыгыраан тахсыар диэри дулҕаны кэрдэн, санаарынньык оҥорон сиэтэн, сылгы хаһыытыгар уларыта сылдьан, күрдьэҕинэн хаһан аһаппыттар. Сутаабыт сүөһү айманар, маҥырыыр саҥатын билигин да истэр курдукпун диир.
Бу алдьархайдаах ыарахан кэми кинилэр буолар буолуохтааҕын курдук көрөн-харайан, сүөһүлэрин барбытын 100% тыыннаах кэлэр кыстыкка туттарбыттар. Оччолорго биригэдьииринэн Атласов Алексей Иванович үлэлиир эбит. Кини бу бачча ыраах сиргэ атынан субу-субу кэлэн, санааларын көтөҕөн, туох наадалааҕын быһаарсан, саамай күүтүүлээх, абырыыр киһилэрэ буолбут. Эдьиийим кини туһунан наһаа махтана ахтар.
Эдьиийбит Өкүлүүн колхоз араас үлэтигэр мискиллэн, кэлин доруобуйата мөлтөөн, детсадка, балыыһаҕа ньээҥкэнэн, санитарканан үлэлээн баран пенсияҕа тахсыбыта. Бэйэтэ иискэ дьоҕурдаах буолан, ханнык баҕарар ииһи кыайа-хото тутара. Элбэх киһи кини тикпит унтуутун, бэргэһэтин, кээнчэтин, үтүлүгүн кэппит буолуохтаах. Ыстаада үлэһиттэригэр балааккатыттан саҕалаан этэрбэскэ тиийэ тигэрэ. Тайах тыһын, тириитин таҥастыыра, ол туспа сатабыла бэйэтин кыаҕын иһинэн буоллаҕа.
Биэс оҕону төрөтөн, улаатыннаран, соҕотох санныгар тус олоҕор төлкөтө анаабыт ыар охсууларын уйан, төһө да сааһырдар, эдьиийбит Өкүлүүн элбэх оҕолоох сиэнигэр күүс-көмө буолар. Билигин Өлүөхүмэҕэ олорор.
Биһиги аҕабыт Хабаров Иннокентий Николаевич – төрдүс уоллара. Аҕалаах ийэбит, сэрии сылларын оҕолоро, 15 саастарыттан колхоз чилиэннэрэ. Кинилэр 2 эрэ кылаас үөрэхтээх этилэр. Ынах-сүөһү үлэтигэр оҕолорун илдьэ сылдьан “сыарҕаҕа оҕо, испэр оҕо” диэн ийэм күлэ-күлэ кэпсиирэ. Кинилэр уопсай үлэҕэ күүстэрин-сыраларын харыстабакка, пенсияҕа тахсыахтарыгар диэри, дьон быыһыгар биллибэккэ-көстүбэккэ, дьонтон итэҕэһэ суох үлэлээн, оҕолорун киһи-хара оҥортоон, оҕо тапталын билэн, элбэх сиэн оҕолонон, олус соһумардык бу олохтон маппыттара.
Ийэбит барахсан, күн сирин көрдөрбүт күндү киһибит оҕо саас ахтылҕана буолан сүрэхпитигэр, ис турукпутугар өрүү тыыннаах. Кинилэр 9 оҕону төрөппүттэриттэн билигин 4 оҕо орто сааспытын лаппа ааспыт дьон баарбыт.
Аҕам оҕонньор сүрдээх кэпсээннээҕэ, хаһыаты дьэ илдьиритэн ааҕар да этэ. Хоһоон суруйар тэтэрээттээҕэ. “Уочаракка» диэн хоһоонун дьон уос номоҕо оҥостон кэпсииллэрэ. Саха остуоруйаларын наһаа билэр этэ. Дьонун туһунан элбэҕи билэр быһыылааҕа. Омунтаас, Адьыйаас диэн ааттаах дьон туһунан элбэхтик ахтар этэ. Оччолорго ол хаһан эрэ баар буола сылдьыбыт дьон туһунан олох аахайан истибэт этим. Ол Адьыйаас Хабаров Роман Васильевич Ооккон оҕонньор бииргэ төрөөбүт убайын уола эбит. Соболооххо “Өлбөт” учаастакка олорбут. Хабарова Евдокия Романовна диэн биир кыыс оҕолооҕо кэлин улаатан, Ньыыкан оҕонньортон силистээх Петр Петрович Черемкины кытта холбоһон, ыал буолан элбэх ыччат дьон күн-күбэй ийэлэрэ буолбут.
Оттон Омунтаас бу Роман быраата дуу, убайа дуу. Эмиэ Соболооххо олорон үйэтин бараабыт. Ньукулай Байды “Ааспыт кэм аанын сэгэтэн” диэн кинигэтигэр сурулларынан, Ооккон оҕонньор 1848 сыл төрөөбүт Василий диэн убайын уолаттара быһыылаах.
Мин бу ыал улахан оҕолоро – Ларева Маргарита Иннокентьевна Ларев Юрий Михайловичтыын 6 оҕо ийэтэ-аҕата, элбэх сиэн, хос сиэн эһэлээх эбэтэ буолан, күннээҕи биир түгэнтэн үөрүүнү үксэтэр ыччаттарбытыттан сэниэ ылан, үүнэр күммүтүн көрсө олоробут. Оҕолорбут бары ыал ийэлэрэ-аҕалара, элбэх оҕолоох ыаллар.
Кыргыттарбыт ылбыт идэлэринэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Уолаттарбыт Любомир уонна Юрий биир көрүүлээх доҕотторун кытта, билиҥҥи кэм сайдыытыгар сөп түбэһиннэрэн, биирэ Сунтаарга, биирэ Дьокуускай куоракка чааһынай тэрилтэ арынан санаа хоту үлэлии олороллор. Сиэн оҕолорбут үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэр, үөрэнэ сылдьар, оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбиттэр, орто үөрэххэ үөрэнэр кэскиллээх ыччаттар, оскуолаҕа үөрэнэр, детсад иитиллээччилэрэ, саҥа күнү көрбүттэр – сиэн ыччат элбээн иһэр.
Улахан убайбыт, бырааппыт Хабаров Анатолий Иннокентьевиһич Төбүлэххэ Өймөкөөнтөн төрүттээх Герой ийэ Соркомова Вера Петровнаны кытта холбоһон, нэһилиэктэригэр сис ыал буолан олороллор. Анатолий кыра эрдэҕиттэн хара үлэҕэ эриллэн, ынах сүөһү үлэтигэр өр сылларга үлэлээбитэ. Бэйэтэ илиитигэр дьоҕурдаах буолан, маһынан да уһанар, атах таҥаһын тигэр, улларар, кыра оҕотуттан улаханыгар тиийэ, бары аймахтарыгар, дьонугар абыраллаах киһибит.
Балтыбыт Зинаида Иннокентьевна үөрэх эйгэтигэр 40-ча сыл эҥкилэ суох үлэлээн кэллэ. Кыра сааһыттан иитиэхтээбит баҕа санаатынан салайтаран, Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэн, 1986 с. Магаданнааҕы пединституту бүтэрбитэ. Сыралаах үлэтэ сыаналанан, “РСФСР үөрэҕириитин туйгуна” уонна “Саха сирин учууталларын учууталлара” диэн түөскэ кэтиллэр бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. Педагогическай үлэ ветерана. Билигин да үлэ үөһүгэр сылдьар. Кини кэргэнин Төбүлэх олохтооҕо Слепцов Юрий Алексеевичтыын 4 оҕолоохтор. Улахан уоллара Денис үрдүк финансовай үөрэхтээх, кыра уоллара Анатолий кинооператор. Үс оҕо Дьокуускай куоракка олорон үлэлииллэр. Никита кэргэнинээн Төбүлэххэ олорон үлэлиир, дьонугар күүс-көмө буолар дьоһун киһи.
Балтыбыт Зинаида аймах-билэ дьонугар үтүө сүбэһит, санаатын сайа биллэрэр, ханнык да түгэҥҥэ күүс-өйөбүл буолар. Кинилэр 6 сиэн оҕолоруттан үөрүүлэрэ үксүүр.
Ыарыһах балтыбыт Зоя Иннокентьевна кыра сылдьан тымныйан, ньиэрбэ ыарыһах буолан, билигин неврологическай диспансерга эмтэнэр. Төрөппүт уолаттара Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһиттэрин А.В. Громова, «Үлэ Албан Аата” уордьан III степеннээх кавалара Громов А.Н. сиэннэрэ буолаллар. Кыраларыттан аҕаларын Громов Виктор Афанасьевтыын ыстаадаҕа сылдьаһан, улаатыахтарыгар диэри таба иитиитигэр үлэлии үөрэммиттэрэ.
Олохтон эрдэ барбыт бырааттарбыт: Володя оҕолоро Данил Индигир нэһилиэгэр табаһытынан үлэлиир, элбэх оҕолоох аҕа, оҕолоро оскуолаҕа үөрнэллэр. Иккис уола Абый Сыаганнааҕар олорор. 2 уол оҕолоох, кэргэннээх, уолаттара орто анал үөрэхтээхтэр. Кыыһа Маргарита 5 оҕолоох ийэ, тарбахха баттанар специалист, Шамаевтар мааныылах кийииттэрэ буолан Намҥа олорор.
Виталий диэн кыра бырааппыт биир уол оҕону хаалларан барбыта. Кини Василий Хабаров хас да оҕолоох. Улахан уола Виталий улахан түһүлгэҕэ туста сылдьыбыта, үлэтин тренеринэн саҕалаабыта. Бырааппыт Василий аймахтарын кытта сибээһин быспат.
Кыра балтыбыт Светлана 35 сааһыгар олохтон ыарахан ыарыыттан барыбытын аймаан соһуччу барбыта. Соҕотох оҕото Станислав Хабаров үрдүк үөрэхтээх, кэргэннээх, икки уол оҕолоох. Дьокуускайга дьиэ туттан ньир-бааччы олорор.
Биһиги өбүгэ дьоммут бэйэлэрин сатабылларын кэлэн иһэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэр эбиттэр. Баҕар, ол да иһин буолуо, аймах дьоммутугар, билиҥҥи эдэр ыччаттарбыт ортолоругар ураты дьоҕурдаах, тарбахтарыгар талааннаахтар элбэхтэр. Ааспыт сылга Любомир уола Борис Москваҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ “Байанай мааската” диэн үлэтинэн кыттан, кыайыы көтөллөнөн кэлбитэ. Барыбыт кыайыыбыт тэҥэ үөрбүппүт, киэн туттубуппут. Ити удьуор утумун дьайыыта, тус олоххо улахан суолталаах эбит диэн киһи ылынар.
Үчүгэй удьуордаах буоллахха, ыччаттара эдэрдэригэр оруо-маһы ортотунан да сылдьыбыт буоллахтарына, син-биир баардара өтөн, тардынан, олохторун дьоһуннук оҥостон, ытык-мааны дьоһун дьон буолан олороллор, өйдөнө иликтэр өйдөнөн, өрө тардыныахтара.
Бу биһигини аҕалбыт удьуорбут утума, өбүгэбит ситимэ буолбут дьон олорон ааспыттарын, уруккуну аахайбакка, билэ да сатаабатахпыт олус хомолтолоох. Биһиги кэннибитигэр кинилэр тураллар эбээт!
Ооккон оҕонньор биир соҕотох уолуттан ситим тардыллан, элбэх ыччат дьон үөскээн, төрөөн, тарҕанан, уруу-аймах дьон көлүөнэттэн көлүөнэҕэ утумнаан, удьуордаан, быстыбат олох саҕана турдун.
Маргарита Ларева