Оройуоммутугар Россия суверенитетын күнүгэр араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук, Төбүлэх нэһилиэгэр 3 төгүлүн нэһилиэк эдэр ыччата уонна орто саастаахтара Турслетка түмүстүлэр. Тэрээһини Төбүлэх орто оскуолатын коллектива иилээн-саҕалаан ыытта (Владимир Васильев, Елена Кириллина, Азат Атласов, Татьяна Молокотина). Манна 12 киһиттэн састааптаах 2 хамаанда күөн көрүстэ. Күрэхтэһии олус сытыытык барда. Бииртэн биир түһүмэҕи туоруурга хамаандаларын түһэн биэримээри бары да олус кыһанан күрэстэстилэр. Ордук дьон сэҥээриитин бүтүн хамаанданан кыттыбыт «Ойбону көһөрүү», «Тоһоҕону саай», «Сыалы тап» түһүмэхтэр ыллылар.10 түһүмэхтээх күрэхтэһии түмүгэр 1 миэстэҕэ «Төбүлэх ыччата» хамаанда, 2 миэстэҕэ «Сайылык оҕолоро» хамаанда таҕыстылар. Көй салгыҥҥа дуоһуйа оонньоон төбүлэхтэр бырааһынньык күнү бэрт сэргэхтик атаардылар.
Людмила Стручкова