Төбүлэх нэһилиэгэр Арассыыйаҕа Дьиэ — кэргэн, Саха сиригэр Оҕо, улууска Аҕа, нэһилиэккэ Спорт сылларын арыйыы

Төбүлэх нэһилиэгэр Арассыыйаҕа Дьиэ — кэргэн, Саха сиригэр Оҕо, улууска Аҕа, нэһилиэккэ Спорт сылларын арыйыы тэрээһинэ бэрт өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста. Сценаҕа Дьиэ — кэргэн сылын бэлиэтин өрө көтөҕүүгэ, нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, Герой ийэ, эйэҕэс эбэ, тапталлаах хос эбэ Соркомова Вера Петровна кыра сиэнинээн Димулялыын, Оҕо саас сылын бэлиэтин өрө көтөҕүүгэ 2023 сыл түмүгүнэн Муома улууһун 10 бастыҥ үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ Айсиэн Онопров уонна «Сулусчаан» уһуйаан быйылгы выпускнига Марк Вензель Аҕа сылынан бэлиэни өрө көтөҕүүгэ Чуумпу-Кытыл элбэх оҕолоох аҕалартан биирдэстэрэ Стручков Алексей Петрович кыра кыыһынаан Викториялыын, Спорт сылынан бэлиэни өрө көтөҕүүгэ нэһилиэк Аҕа баһылыгар Никифоров Петр Владимирович кыра уолунаан Русланныын тахсан үөрүүлээх быһыыга майгыга өрө көтөхтүлэр.

Бу биллэриллибит сыллар бэйэ бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээхтэрин, ситимнээхтэрин Сахалыы халандаар Айыыһыт сыла үүнүүтэ туоһулуур.
Мустубут дьону нэһилиэк Аҕа баһылыга Петр Владимирович Никифоров, А. Ф. Старков аатынан Төбүлэх орто оскуолатын директора Владимир Владимирович Васильев, «Урааҥхайдар» нэһилиэк эр дьон түмсүүтүттэн Гаврил Павлович Соркомов эҕэрдэлээтилэр.

Ылбаҕай ырыаларынан «Дьол» Никифоровтар дьиэ кэргэн, «Оҕо саас» оскуола оҕолорун ансамбла, «Мин аҕам» — «Сулусчаан» уһуйаан иитиллээччилэрэ, «Хотугу сулус» — Николай Слепцов ыаллыы сытар Дьааҥыттан, ыалдьыт эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Маны таһынан «Дьол уйата — дьиэ кэргэн» фотозона оҥоһулунна.
Тэрээһин түмүгэр «Төбүлэҕим алааһа» Иннокентий Вензель тылларыгар, мелодиятыгар Төбүлэх гимнын курдук ырыанан кэлбит олохтоохтор, ыалдьыттар, сүһүөхтэригэр туран ыллаатылар.

 Людмила Стручкова.

Читайте дальше