– диэн иһитиннэриитигэр “Муома национальнай нэһилиэк” МТ баһылыга Иван Дягилев, бастатан туран, киин бөһүөлэккэ ырааһырдыы үлэтигэр тохтоото. Ол курдук Спортивнай уулуссанан урут көтүрүллүбүт дьиэлэр эргэ сарайдара бөһүөлэк ис бараанын буортулаан тураллара хомуллан, миэстэтэ ыраастанна. Хас да сыл устата халлаан сылыйыаҕыттан тымныйыар диэри тиһигин быспакка ыытыллыбыт субуотунньуктарга нэһилиэнньэ бука бары түмсүүлээхтик көргүөмүнэн тахсан, ыраастаныы, хомуллуу үлэтэ тэрээһиннээхтик ыытыллан, бөһүөлэк дьон хараҕар быраҕыллар гына ырааһырда. Манна оройуон коммунальнай, суол, нефтебаза хаһаайыстыбаларын (сал. Корякин В.В., Терешкин К.К., Ефимов П.П.,), баһаарынньыктар (Мараказов С.Н.) уо.д.а. тэрилтэлэрэ улахан көмөлөрүн бэлиэтиибит. Маны сэргэ сэбиэскэй кэм баараҕай тутуутун кэрэһэлиир Суон Тиит учаастагар урукку хотон кырамтата көтүрүллэн ыраастанна. Манна олохтоох бэйэ дьарыгынан үлэлиир Иннокентий Неустроев ый устата күүстээх үлэтин бэлиэтиир тоҕоостоох. Тарабукин уулуссатыгар баар муоста саҥардылынна. Суоллары өрөмүөннээһин, оҥоруу үлэтэ салҕанар. Киирэр-тахсар суоллары кутан биэрдибит. Сэбиэскэй уулуссанан баар уопсай дьиэни уонна бэтэрээн учуутал Е.Н. Бокова чааһынай дьиэтин аныгы тимир матырыйаалынан көрүөлээтибит. Санаттахха, Евдокия Николаевнаҕа былырыын дьиэтигэр диэри саҥа суолу куппуппут, онон массыына көлөтө кыһалҕата суох киирэр-тахсар буолбута. Сэбиэскэй уулусса биир дьиэтигэр кирилиэһин оҥортордубут. Елкина уулуссанан саҥа оҕо былаһаакката тутуллубута.
Биллэрин курдук, сайыҥҥы кэмҥэ уот ситимигэр остуолбалары саҥардан туруоруу үлэтэ барда. Мантан сиэттэрэн Суон Тиит суолунан эбии остуолбалары туруортардыбыт, уот ситимин тартаран, эбии лаампалар холбоннулар. Сэбиэскэй уулуссанан олорор Федотовтар дьиэлэрин иһигэр уот ситимин саҥардан уларытан биэрдибит.
Быстах байыаннай дьайыыга сылдьар дьонноох ыалларга араас өрүттээх көмөнү оҥоробут. Сэбиэскэй уулуссанан олорор ыал чааһынай дьиэтин ититэр ситимҥэ холботтордубут, ороскуотун барытын уйуннубут. Коммунальнай хаһаайыстыбаны кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Билигин бөһүөлэги ыраас иһэр уунан хааччыйыыга диэн чинчийэр-бырайыактыыр үлэни оҥорууга сөбүлэһии түһэрсэргэ кэпсэтии барар.
Оройуон дьаһалтатын кытта Сөбүлэһии түһэрсэн сыбаалка миэстэтин ыраастаан, ону көдьүүстээхтик туһанарга үлэ ыытылынна. Дьаһалтаны кытта бииргэ үбүлэһэн сири нүөлсүтүүгэ карьер учаастагынан улахан үлэ барда. Оройуону кытта үлэлэһэн Молодежнай уонна аэропорт диэки барар уулуссанан суолу оҥорууга чинчийэр-бырайыактыыр үлэҕэ аукцион ыытыллыбыта. Ол түмүгүнэн сайын бэдэрээтчит кэлэн үлэлээбитэ, билигин чинчийии түмүгэ экспертизаны ааһар.
Ойуур баһаарын бохсууга, сэрэтиигэ туһуланар үлэлэр сылын аайы былаанынан ыытыллаллар. Быйыл ойуур баһаарыттан сэрэтэр сыаллаах үлэ чэрчитинэн балаһалары оҥорууга, кэҥэтиигэ киэҥ өрүттээх үлэ барда. Ону сэргэ кутталы үөскэтиэн сөптөөх ойуур маһын кэрдибиппит. Суон Тиит учаастагар баһаары утары үлэҕэ анал емкостар тутулуннулар. Элбэх оҕолоох ыаллар дьиэлэригэр баһаары сэрэтэр анал тэрили (АДПИ) туруордубут.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сүөһүлээхтэргэ куораттан сүөһү аһылыгын аҕалыыга көмө оҥоһулунна. Бэйдиэ ыттары бэрээдэктииргэ быстах кэмҥэ ыттары тутар анал вольеры тутулунна. Араас быһылааннартан, чуолаан баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ диэн быстах кэмҥэ олороллоругар маневреннай дьиэ анатан, онно өрөмүөн үлэтэ барар.
Үлэ элбэх, барыта былаанынан ыытыллар.
«Муома оройуона МТ пресс-сулууспата