Сыл түмүктэрин, кэлэр дьыл кэскилин
тула боппуруостары быһаарсар уочараттаах тэрилтэ салайааччылларын түмүк мунньаҕын баһылык Дмитрий
Аммосов салайан ыытта. Куоракка сыл устата оройуон инники үлэтин быһаарсар суолталаах боппуруостары тус
салайааччылары кытта элбэх көрсүһүүлэр ыытылыннылар. 2024 сылга Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы
“Дети Азии” ус-пуорт оонньуута ыытыллар. Оонньуу уотун эстафетата Муомаҕа ыам ыйын 13 күнүгэр былааҥҥа
турар. Биллэринэн, үүнэр сылга дойдуга биллэр балаһыанньанан бюджет кырыымчыгынан улахан үлэлэр
болдьохторо уһуон сөп. Ол эрээри оройуоҥҥа ыытыллыахтаах былааннаах үлэ барар. Сааһыырга саҥа балыыһа,
Хонууга улахан таас балыыһа комплекса үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыаҕа. Ити кэмҥэ СӨ Ил Дархана Айсен
Николева кэлэрэ күүтүллэр.
Үүнэр сылга Сааһыырга саҥа хочуолунай тутуллара чуолкайданна. “Радость тундры” оҕо сайдар Киинэ тутуутун
бырайыага өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар киирдэ, тутуута саҕаланар буолла. Орто Дойду оскуолатын успуорт саалата
өрөмүөннүүр барыйыага нэһилиэккэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр программаҕа киирдэ. Үүнэр сылга улахан өрөмүөн
үлэтэ ыытыллыаҕа. “Тихон” учаас-так таас чоҕун туһаҕа таһаарар сыаллаах үлэ чэрчитинэн, туттан холонорго
былаан баар. Хонууга монолитнай бетон матырыйаалынан суол оҥоруутун бырайыага биһирэннэ, үлэ барыаҕа. Онон
кэлэр сылга былааннаах үлэ баһаам. Ол иһигэр остолобуойдаах саҥа гостиницаны үлэлэтэр бэйэ дьыалатынан
дьарыктанар баҕалаахха оройуон анал программанан өйүүрүн биллэрэр. Хонууга килиэп буһарыытыгар үлэлиир эдэр
киһини өйүөхпүт. Сотору оройуоҥҥа логистическай Киин аанын арыйыаҕа. Докумуоннара ситэриллэн, от ыйыгар
диэри оройуон киинигэр баар бөҕү-сыыһы уматар тэрилбит үлэлиэхтээх.
Кэлэр сылга дойдуга политическай суолталаах сүрүн тэрээһининэн Арассыыйа президенин быыбара буолар.
Тохсунньуга Москубаҕа Саха сириттэн баһылыктар кыттыылаах делегацияҕа оройуонтан Иван Дягилев, Павел
Мараказов буолан киирсэн, улахан тэрээһиҥҥэ кыттыахпыт. Тэрээһин иһинэн байыаннай дьайыыга сылдьар
байыастарбытын кытта көрсөр былааннаахпыт.
* * * * *
Полиция отдела (Рожин С.С.) уһун өрөбүллэргэ, тохсунньу 10 күнүгэр диэри уопсастыбаннай бэрээдэги күүһүрдэр
соруктаах үлэлиирэ этилиннэ. Ити кэмнэргэ “Жилой сектор”, “Олох-дьаһах” профилактическай операциялар
ыытыллаллар.
Коммунальнай хаһаайыстыба (Корякин В.В.) тэрилтэлэрэ тымныы күннэргэ үлэлэрин күүһүрдэр эрэсиимҥэ
киирэллэр. Кыраапык быһыытынан таас чох таһыллыыта саҕаланна. Бу күннэргэ Сааһыырга бастакы массыыналар
кэлиэхтэрэ. Инчэҕэй ньиэби таһыыга бэдэрээтчиттэр чуолкайданнылар. Суол туруга тубустаҕына, үлэлэрин
саҕалыырга бэлэмнэр.
Нэһилиэктэр электростанциялара (Лушкин И.А.) тус эрэсиимҥэ киирэн үлэлииллэр. Соболоох линиятыгар
бэрэбиэркэ үлэтэ түмүктэннэ. Бу күннэргэ Буор Сыһыы туһаайыытыгар үлэҕэ анал биригээдэ үлэлиир.
Нефтебаза (Ефимов П.П.) үлэтигэр бырааһынньыктар күннэригэр анал суһал биригээдэ тэриллибитэ. Быйыл суол
туруга үчүгэйэ суох. Оттугу таһыыга эппиэтинэһи күүһүрдэр сорук турар. Быйыл емкостары ыраастааһыҥҥа кэккэ
кыһалҕалар үөскээннэр, убаҕас оттугу тутарга емкость аҕыйах.
СӨ Ил Дарханын Харыйатыгар оройуонтан (Крупышева А.А.) 6 туйгун үөрэнээччи кыттыыны ыллылар. Успуорт
салаатыгар оройуоҥҥа кэккэ сылларга үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллар “Уол оҕо – кус быһый, ат бөҕө” бырайыагы
оҕолор ситиһиилээхтик көмүскээннэр, улахан биһирэбили ыллылар. Кэнэҕэскитин бу успуорт бырайыага
өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллыан сөптөөҕө этилиннэ. Оройуон баһылыгын Харыйата тохсунньу 9 күнүгэр
ыытыллыаҕа.
Ааһар сылга пенсионнай уонна страховой фондалар биир кэлимнээх үлэҕэ киирэн РФ Страховой фонда Саха
сиринээҕи салаатын Муоматааҕы клиентскэй сулууспата (Васильев Л.А.) бастыҥнар ахсааннарыгар киирдэ. Бу үлэ
икки сыл устата толору киириэҕэ. Тохсунньуга үлэлээбэт пенсиялаахтарга 7,5% үрдээһин күүтүллэр. Муус устарга
социальнай пенсия (тулаайах, инбэлиит о.д.а.) үрдүөҕэ.
Дьарыктаах буолуу Киинин иһинэн (Потапова В.Ю.) сыл устата ситимнээх, өйөбүллээх үлэлэрин иһин
Оройуоннааҕы полиция отделын начальнига Семен Рожин уонна “Муома национальнай нэһилиэк” баһылыга Иван
Дягилев Бочуотунай Грамотанан бэлиэтэннилэр.
“Муома” Аан айылҕа паарката (Неустроева С.И.) ааһар сылга 150 хонуктаах 21 чинчийэр сырыылары оҥорбут, ол
иһигэр 7 942 км усталаах айаҥҥа. Сырыылар түмүктэринэн 15 боротокуол оҥоһуллубут. Үөрэх тэрилтэрин кытта
экологическай сырдатыы үлэтэ ситимнээхтик барбыт. Тохсунньуттан “Черский переход” улахан бырайыак үлэтэ
былааҥҥа турар. Манна үс турдаах. Сайыҥҥы ыйдарга 20 хонуктаах 2000 км усталаах туристическай маршрут
үлэлиэҕэ. Манна сэрэхтээх буолууну күүһүрдэр соруктаах 5 инспектор үлэлиэҕэ. Турмаршрут Дьокуускайтан
Сааһыырга диэри айан суолуттан саҕаланар, Мраморнай хайаны уҥуордаан катамарынан устуохтара. Мааны
айылҕабыт кэрэ-бэлиэ сирдэринэн туристары көҕүлүүр бырайыактарга кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.
Бырааһынньык күннэригэр култуура тэрилтэлэрэ (Черов Ю.П.) бары тэрээһиннэргэ кыттыахтара. Тэрилтэлэр
баһаартан сэрэхтээх буолууларын хааччыйыахтара. Тохсунньу 5 күнүгэр оройуоннааҕы “Человек Года” тэрээһиҥҥэ
көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Сыл бүтэһик күнүгэр оройуон депутаттарын Сэбиэтин мунньаҕа
ыытылынна. Кэлэр сыл бюджетын бигэргэтии, ааһар сыл бюджетын чуолкайдааһын ыытылынна.
«Муома оройуона» МТ
пресс-сулууспата