Суолга сэрэхтээх буолуҥ

Быйыл халлааммыт өргө диэри сылаас туран нэһилиэктэри кытта сырыы олус уустугурда. Өрүспүт элбэх сиргэ тааҥнаан сиикэйинэн көрөн сытар.

Бу күннэргэ тустаах хамыыһыйа нэһилиэктэр суолларын туруктарын бэрэбиэркэлиир. Ол курдук, Индигир нэһилиэгин аҕа баһылыгын П.С.Федоров ыҥырыытынан хамыыһыйа өрүһү туорааһын оҥоһуутун көрдө, муус халыҥын кээмэйдээтэ.
Муус тоҥуута 35-40 см. тиийбит. Мантан салгыы халлаан тымныйдаҕына муус өссө бөҕөргүө турдаҕа.

Хамыыһыйа суол туругун билсэ Буор Сыһыы бөһүөлэгэр тиийэ сырытта. Сүрдээх эргиирдээх да буоллар Индигир нэһилиэгэр туоруур суол норуокка биллэринэн «Даманскай» диэн ааттаах сиринэн арыллар буолла. Бу суолу айан анал бэлиэлэринэн бэлэмнээн баран олохтоох дьаһалта сарсыҥҥаттан үлэлэтиэ. Суолга өлүү-оһол тахсыбатын инниттэн айанньыттар атын сиринэн айаннаабакка, көҥүллэммит эрэ туһаайыынан сылдьаллара ирдэнэр. Суолга сэрэхтээх буолуҥ!

«Муома оройуона» МТ пресс-сулууспата.

Читайте дальше