Бэлиэ күҥҥэ анаан Арчы дьиэтигэр олоҥхону толорууга «Олоҥхо эйгэтэ» оройуоннааҕы күрэс ыытылынна. Тэрээһин үс түһүмэҕинэн буолла:
1️⃣Муома олоҥхотун «Көтөр Мүлгүнү» күргүөмүнэн ааҕыы
2️⃣Олоҥхону бөлөҕүнэн толорооччулар күөн күрэстэрэ
3️⃣Олоҥхо персонажтарын биирдиилээн толорооччулар күөн күрэстэрэ.
Кыттааччылар үс бөлөҕүнэн арахсан олоҥхону толордулар:
— сарсыарда өттүгэр уһуйаан оҕолоро
— эбиэт кэннэ алын сүһүөх уонна орто оскуола үөрэнээччилэрэ
— салгыы улахан дьон.