Сэрии кэмин оҕото Николай Хабаров

Аҕа дойду Улуу сэриитэ 83 сыл анараа өттүгэр саҕаланан дойдубутун атыйахтыы аймаабыта, үгүс сүтүгү, аас-туор күннэри аҕалбыта. Сэрии алдьархайын оччотооҕу оҕолор, улахан дьон эрэ эттэринэн-хааннарынан биллэхтэрэ. Ол ыар кэми ааспыт ытык дьоммут билигин күнтэн күн аҕыйаан иһэллэр. Кинилэр биһиги олохпутун оҥорбут дьон буолаллар, ааспыт үйэ сайдыытын устуоруйатын илдьэ сылдьар баар дьоммут.
Быйыл аҕыс уон үс хаарыгар үктэммит тумус туттар кырдьаҕаспыт Николай Гаврильевич Хабаров сэрии кэмигэр төрөөн аччык кэм, дойдуну сөргүтүү, социализм тутуута, сэбиэскэй былаас үрэллиитэ, уларыта тутуу, саҥа кэм диэн олох уларыйыытын барытын көрөн-билэн кэлбитэ. Олоҕун устата үлэтин-хамнаһын уонна бииргэ алтыспыт дьонун туһунан “Ыллык суолум оспотун“ диэн өйдөбүнньүк кинигэни суруйбута, ол 2021 сыллаахха бэчээккэ тахсыбыта. Николай Гаврильевич туһунан сырдатар матырыйааллар хаһыакка, кинигэлэргэ тахсыбыттара. Кини оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ убаастанар киһи, наҕараадата да үгүс. Олортон сороҕун ааттаатахха, Н.Г.Хабаров – үлэ бэтэрээнэ, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ, “Хотугу сир уонна Арктика сайдыытыгар кылаатын иһин” мэтээллээх, “Гостехнадзор уорганыгар эҥкилэ суох сулууспатын иһин” бэлиэ хаһаайына, Муома оройуонун уонна Хонуу сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо.
Н.Г.Хабаров Муома орто оскуолатын 1960 сыллаахха бүтэрбитэ уонна Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Механик идэтин баһылаан дойдутугар “Муома” сопхуоска суоппарынан, тракториһынан үлэлээбитэ. Оччолортон эдэр уол тиэхиникэҕэ сыстаҕаһа, өрөмүөнү сатыыра тута биллибитэ. АТЛ-5 артиллерийскай тягаһы өрөмүөннээн ыстаадаларга суолу-ииһи аһыспыта бастакы улахан уопут буолбута. Сопхуос алдьанан турар тиэхиникэлэрин сүүрэр оҥорон үлэ хаамыыта түргэтииригэр көдьүүстээх үлэни ыыппыта: айан суолун солооһуна, ыраах сирдэртэн оту-маһы, таһаҕаһы тиэйии. Үлэһит уолу бэлиэтии көрөн 60-с сылларга“Муома” сопхуос мастарыскыайын сэбиэдиссэйинэн аныыллар, ол кэннэ сопхуос дириэктэрин хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччы буолар. Николай Дьокуускайтан токарнай, үүттүүр станоктары аҕалан таҥар уонна токарь идэтин баһылыыр. Бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатыгар механизация күүһэ сытыытык турара. Эдэр үлэһит илиитин-билиитин сатабылынан пиэрмэлэри механизациялааһыҥҥа улахан үлэни ыыппыта, хоту оройуоннартан бастакынан ынах сүөһү барыта автопоилкаттан уулуур, автодойканан ыанар буолбута, салгыы ноһуому механизированнай ньыманан таһаарыы киирэн үгүс пиэрмэ үлэһитин үлэтин чэпчэппитэ. Ити сылларга “Муома” сопхуоска үлэ бары салаалара өрө көтөҕүллэн барбыттара. Ынах, сылгы, таба, саһыл ахсаана биллэрдик элбээбитэ.
1975сыллаахха сопхуос дьаһалтата Николай Гаврильевиһы кылаабынай механигынан аныыр. Кини туруорсуутунан, 70-с сылларга саҥа хотоннор Суон Тииккэ, Кулун Өлбүккэ, Төбүлэххэ ууттан чугас тутуллаллар, сүөһү иһэр, үлэҕэ туттуллар уу электромотуорунан хачайданан сопхуос үгүс үбэ кэмчилэнэр. “Муома” сопхуос миллионер буоларыгар ити ситиһии төһүү буолбута саарбаҕа суох.
1978 с. Николай Гаврильевич Муоматааҕы эт-үүт комбинатыгар кылаабынай инженер-механигынан анаммыта. Манна 14 cыл өрө таһаарыылаахтык үлэлиир. Бу кэм устата Хонууга үүтү астыыр саҥа сыах, үүтү переработкалыыр, тутар пууннар, анал гараж, дьиэ тутуллубуттара. Сайылык пиэрмэлэригэр электролиниялар тардыллыбыттара. Бу уларыйыы үлэни механизациялааһыҥҥа төһүү күүс буолбута.
Сэбиэскэй былаас ыһыллан, уларыта тутуу кэмигэр Муома оройуонугар Гостехнадзор инспекцията диэн саҥа тэрилтэ арыллар. Улуус дьаһалтатын баһылыга С.П.Сукуев Николай Гаврильевиһы бу тэрилтэ начальнигынан аныыр, ол 1992 сыл этэ. Кылаабынай судаарыстыбаннай инженер-инспектор идэтинэн Н.Г.Хабаров бочуоттаах биэнсийэҕэ тахсыар дылы эҥкилэ суох таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Үгүс тиэхиникэни докумуоҥҥа киллэрии, бэрээдэги олохтооһун, 86 киһиэхэ араас категориялаах тракторист-машинист быраабын оҥоруу, күчүмэҕэй суоллаах кыһыҥҥы суоллары арыйыы, саахал тахсыбатын курдук суолу-ииһи, тиэхиникэлэри хонтуруоллааһын – бу барыта үгүс сыраны-сылбаны ылар ыарахан үлэ түмүгэ. Эдэр ыччат тиэхиникэни баһылаан, билиилээх суоппар, тракторист идэлээх буоларыгар Николай Гаврильевич үлэлиирин тухары сүбэтинэн, үөрэтиитинэн көмөтө, өҥөтө улахан. Оскуолаларга “Машиноведение” кылаастарын үлэлэрин, оҕолор билиилэрин бэрэбиэркэлээн, сыл түмүгэр эксээмэн тутан тракторист-машинист быраабын биэрэрэ.
Билигин Николай Гаврильевич бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор, билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта, үлэҕэ көхтөөҕө намтаабат. Дойдутун ахтылҕана баһыйан Муомаҕа кэлэн үөлээннээхтэрин кытта алтыһар, кыралаан суруйар. Оройуон устуоруйатыгар үлэһит дьону үйэтитэр санааттан өйдөбүнньүк кинигэ суруйбута үгүс киһи болҕомтотун тардыбыта.
Ытыктыыр үлэһит дьоммутугар тирэҕирэн дойдубут сайдыбыта, олоҕо тупсубута.
Аҕам саастаах дьон күннэрэ алтынньы 1 күнүгэр бэлиэтэнэрин бары билэбит. Ытыктыыр биир дойдулаахпытыгар, чулуу үлэһит киһибитигэр, сатабыллаах механизаторга, ирдэбиллээх инспекторга Николай Гаврильевичка бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээн туран, саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт.

Читайте дальше