Саҥа үөрэх дьылыгар – саҥа соруктар

Атырдьах ыйа бүтэрэ чугаһаата, оҕо аймах сайыҥҥы сынньалаҥа түмүктэнэрэ бу кэллэ. Сотору балаҕан ыйа саҕаланан, оҕолор уһуйааннарыгар, оскуолаларга тиэтэйэ хаамсыахтара, үөрэх тэрилтэлэрэ оҕо саҥатынан чугдаарыаҕа.
Оройуоммут үөрэхтээһинин тэрилтэлэригэр өрөмүөн үлэтин, сонун уларыйыылар, саҥа үлэһиттэр туһунан үөрэҕирии управлениетын начальнига Айталина Афанасьевна Крупышева сырдатта:
— Саҥа үөрэх дьылыгар Муома оройуонун үөрэхтээһинин тэрилтэлэрэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр кырачаан иитиллээччилэрбитигэр, үөрэнээччилэрбитигэр үөрэх-билии аанын арыйаары араас бэлэмнэнии үлэтин ыыттылар.
Ол курдук бары үөрэх тэрилтэлэригэр өрөмүөн, кырааскалааһын үлэлэрэ ыытылыннылар, оскуола, уһуйаан, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин ититэр ситимнэрэ оройуоннааҕы олох-дьаһах хаһаайыстыбатын сууйар аппарааттарынан ыраастаннылар.
Оройуон дьаһалтатын үбүлээһининэн, Улахан Чыыстай нэһилиэгэр, «Ньургуһун» уонна «Осикат» оҕо саадтарыгар дьиэ иһинээҕи тупсарыы киирдэ, Төбүлэх орто оскуолатыгар аныгылыы технологиянан түргэнник хомуллар саҥа остолобуой тутулунна, Соболоох нэһилиэгин орто оскуолатын спортивнай саалатын хосторо, Муома орто оскуолатын киирии аана, муостата саҥардылыннылар. Ону таһынан оройуон дьаһалтата ППМИ бырагыраамаҕа кыттан, Орто Дойду орто оскуолатын спортивнай саалатын өрөмүөннээтэ, Муома алын сүһүөх оскуолатыгар саҥа спортивнай былаһаакка тутулларыгар, кырачаан иитиллээччилэрбит сылдьар усулуобуйалара тупсарыгар бары уһуйааннарга үп-харчы көрүлүннэ.
Сылын ахсын ыытыллар Федеральнай программанан бу үөрэх дьылыгар саҥа кабинеттарынан толору хааччыллыахтара: Төбүлэх орто оскуолата — «Цифровая образовательная среда», Улахан Чыыстай орто оскуолата — «Точка роста», Оҕо сайдар дьиэтэ (Дом детского творчества) — «Новые места». Бу бырайыактар чэрчилэринэн оскуолаларга информатика, физика, химия, биология кылаастара, оҕо сайдар дьиэтигэр компьютернай кылаас уонна тулалыыр эйгэни чинчийэр куруһуок кабинета үөрэх тэриллэринэн толору хааччыллаллар. Саҥа кылаастарга сөптөөх усулуобуйаны оҥорорго, саҥардыы үлэтин ыытарга, паарта, олоппос, ыскаап ыларга, брендирование оҥорорго, бэриллибит тэрили аҕаларга оройуоммут дьаһалтата эбии харчы көрдө.
Быйыл үөрэх чааһыгар элбэх уларыйыылар киирэллэр. Дойдубут бэрэсидьиэнэ В.В. Путин 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитинэн, 5-11 кылаастарга «Семьеведение» чааһа киириэҕэ. Оҕону сөпкө иитии дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын бары өйдүүр-өйүүр тустаахпыт.
Билигин оскуолаҕа үөрэтэр «Технология» биридимиэтэ төттөрү «Труд» диэн ааттанар. Улахан кылаас үөрэнээччилэригэр бу уруок 5 аныгылыы хайысхаҕа арахсыаҕа: «Производство и технологии», «Технологии обработки и пищевых продуктов», «Компьютерная графика. Черчение», «Робототехника», «3-D моделирование, прототипирование, макетирование», ону таһынан оҕолор эбии 3 хайысханы талыахтарын сөп буолар: «Автоматизированные системы», «Животноводство», «Растениеводство». Оҕолорбут кыра кылаастан инники идэлэрин таба талан ылалларыгар үөрэххэ уларыйыы туһааннаах буолара күүтүллэр.
«Основы безопасности и жизнедеятельности» (ОБЖ) уруога «Основы безопасности и защиты Родины» (ОБЗР) диэн уларыйар. Бу биридимиэт 8–11 кылаастарга үөрэтиллиэҕэ, сүрүн сыала бэйэни харыстаныы, дойдуларын таптыыр, көмүскүүр патриоттары иитэн таһаарыы буолар.
Саҥа үөрэх дьылыттан оскуолаҕа сотовай телефону уруок кэмигэр илдьэ сылдьыы сокуонунан бобуллар.
Атырдьах ыйын 21-23 күннэригэр Дьокуускай куоракка үөрэхтээһин үлэһиттэрин күһүҥҥү мунньаҕа буола турар. Мунньах чэрчитинэн үлэ миэстэлэрин дьаарбаҥката ыытыллар, туһааннаах тэрилтэлэр үлэһиттэрэ онно сылдьыахтара, аһаҕас вакансияларбыт сабыллалларыгар үлэлэһиэхтэрэ. Быйыл оройуон үрдүнэн 15 учуутал вакансията аһаҕас турар, хомойуох иһин, эдэр ыччат үксэ киэҥ сиргэ тардыһар.
Оройуоммутугар үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыгар бу сылга уларыйыылар бааллар. Ол курдук, Индигир орто оскуолатыгар директор эбээһинэһин толорооччунан Никифоров Илья Васильевич кэлэн үлэтин саҕалаата. Улахан Чыыстай орто оскуолатыгар бу күннэргэ директор эбээһинэһин толорооччунан Корякин Максим Дмитриевич үлэҕэ киириэҕэ. Муома алын сүһүөх оскуолатын директорынан Альбина Анатольевна Петрова, Оҕо сайдар дьиэтин салайааччытынан Татьяна Ивановна Анисимова ананнылар. Саҥа үлэһиттэргэ сонун саҕалааһыннары, үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Оройуоммут дьаһалтатын баһылыгар Д.В. Аммосовка, баһылык эбээһинэһин толорооччутугар А.А. Тарабукиҥҥа өйөбүлгүт, көмөҕүт иһин үөрэхтээһин тэрилтэлэрин аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Төрөппүттэрбитигэр тулууру-дьулууру баҕарабыт. Үөрэхпит хаачыстыбата үрдүүрүгэр, иитэр үлэ ситиһиилээх буоларыгар бука бары биир сомоҕо буолан үөрэх дьылын көрсүөҕүҥ. Бэйэ-бэйэни убаастаһан, өйдөһөн-өйөһөн үлэлиэҕиҥ, инники кэскилбит, үүнэр көлүөнэбит, оҕолорбут туһугар кыһаллыаҕыҥ диэн ыҥырабын!

Татьяна Данилова

Читайте дальше