Сайылыгым барахсан

Саха дьонугар былыр-былыргыттан Ньукуолун күнэ олус ытыктанар, улахан суолталаах, күүтүүлээх бырааһынньык буолар. Бу күн уһун кыһыны этэҥҥэ туораан күөххэ үктэнии үөрүүтэ-өрөгөйө саҕаланар.

Төбүлэх нэһилиэгэр самаан сайын кэлбитин, үтүө күннэр үүммүттэрин бэлиэтээн, аҕа саастаахтарга анаан олус истиҥ тэрээһин ыытылынна. Сайыны көрсө, сайылыкка тахсыы күнүн Төгүрүк алааспытыгар бэрт үчүгэй тэрээһиҥҥэ сылдьан, оонньоон-көрүлээн, минньигэстик аһаан , отуу чэйин иһэн астынан аҕай кэллибит. Барҕа махталбытын сүрдээх үчүгэй саҥа аһыыр остуол, хаххаланар сир оҥорбут эрэттэргэ,тэрийэн ыыппыт култуура үлэһиттэригэр этэбит. Өссө да маннык кырдьаҕастарга үтүөнү оҥоро сылдьыҥ, бары үтүөнү, доруобуйаны, или- эйэни баҕарабыт. Маны таһынан кэлии- барыы тэрээһинигэр көмөлөспүт нэһилиэк Аҕа баһылыгар П.В. Никифоровка, оскуолабыт директорыгар В.В. Васильевка улахан махталбытын тиэрдэбит.

Кырыа кыһын кэнниттэн налыччы, астына-дуоһуйа айылҕалыын алтыһан, Үрдүк Айыыларбытыгар, өбүгэлэрбит барахсаттарга сүгүрүйэ- махтана арчыланан, санаа баттыгыттан ыраастанан — чэпчээн , Аҕыс Айыыларбыттан, сэттэ Иэйиэхситтэрбиттэн араҥаччыланан санаабыт бөҕөргөөн кэллибит.

Людмила Стручкова