Сахпыт кыыма умуллубат

Сылы эргиччи араас идэлээх бырааһынньыктар бэлиэтэнэллэр. Олортон үгүс киһи истиҥник махтана санаан, долгуйа бэлиэтиир күнүнэн Учуутал күнэ буолар. Бу күн биһиги сүрэхпитигэр угуттуу сылдьар оскуолатааҕы оҕо сааспытын санаан сылаас ахтылҕаҥҥа куустарабыт, учуутал идэлээх дьоҥҥо үгүс махтал тылларын этэбит. Оскуоланы бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэнэрбитигэр учууталларбыт барахсаттар этэн-такайан үөрэппиттэрин элбэх сыл ааспытын кэннэ, дьэ, өйдөөн, «Оччолорго учууталбыт  сөпкө да эппит эбит»дии саныыбыт.

Учуутал сыралаах үлэтин түмүгэ кини үөрэппит оҕолоругар, үөрэнээччилэригэр көстөр. Оҕо хайдах, ханнык оскуолаҕа үөрэнэн билии-көрүү иҥэриммитэ, дьоҕура сайдыбыта инники олоҕор сүҥкэн суолталаах.

 

Индигир нэһилиэгин оскуолата 30-тан тахса сыл үлэлээбит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Россия  оскуолаларын Академиятын академига, учууталлар Учууталлара Николай Алексеевич Брызгалов аатын сүгэр.

Үлэни өрө туппут киһи тыа сирин оскуолата киин сирдэртэн итэҕэһэ суох сайдыылаах буоларын туһугар, нэһилиэк-оройуон кэскилин туһугар сүрэхтиин-быардыын , дууһалыын ыалдьар улахан Учуутал олоҕун тиһэх күнүгэр диэри бэйэтин харыстаммакка үлэлээбитэ.

 

Николай Алексеевич ураты көрүүлээх, айылҕаттан айдарыылаах педагог, мындыр салайааччы кэлэн барбытын нэһилиэк олохтоохторо барбытын кэннэ өйдөөбүттэрэ. Кини эппит хас биирдии тыла билигин уот харахха этиллибит курдуктар. Кини бу кэлиэхтээх олоҕу, балысхан сайдыыны, улахан уларыйыылары , киһиэхэ барытыгар бэриллибэт ураты, хас эмэ уонунан сыл урутаан өтө көрөн онно бэлэмнээн, үлэни-хамнаһы оннук дьаһайан кэскиллээх үлэни төрүттээбит.

 

«Брызгалов оскуолата» оройуоҥҥа маҥнайгынан агрохайысхалаах, бастыҥ көрдөрүүлээх, холобурга сылдьар оскуола Россия үрдүнэн биллибитэ. Ити ситиһии элбэх сыраттан, үлэттэн тахсыбыта өйдөнөр.

 

Билигин көрдөххө, кини эппитэ барыта олоххо киирбит. Тыа оскуолатыгар оҕолору итии аһылыгынан хааччыйыы, сылаас туалет. Алталаах оҕолор үөрэнэллэригэр «Шестилетка» диэн бэртээхэй усулуобуйалаах туспа дьиэни тэрийии. Нэһилиэк олоҕун, историятын кэрэһэлиир баай музей. Билигин «Ворлд Скиллс» диэн ааттанар хайысха Индигир орто оскуолатыгар сүүрбэттэн тахса сыл анараа өттүгэр киирбитэ — үөрэнээччилэр «Трактороведение», «Животноводство» курстарын бүтэрэн оскуоланы бүтэрэллэригэр дастабырыанньалаах тахсыбыттара. Үчүгэй усулуобуйа тэриллэн, оҕолор дьоҕурдара арыллан, сатабыллара сайдан, музыкаҕа, спорка дьоһун ситиһиилэммиттэрэ. Омук сиригэр тахсан талааннарын  киэҥ эйгэҕэ көрдөрбүттэрэ. Ити курдук аахтахха элбэх. Оскуола саҥа сүүрээни, сайдыыны түргэнник ылынан олоҕу кытта тэҥҥэ хаампыта.

 

Ирдэбиллээх салайааччы сүрэҕэ суох буолууну, үлэҕэ көтүмэх сыһыаны төрдүттэн сөбүлээбэт этэ. Үлэни кыайа-хото тутар буолан атыттартан эмиэ оннугу ирдиирэ. Оскуола үөрэнээччилэрин олоххо бэлэмнээх, ханнык да үлэттэн толлон турбат гына үлэҕэ уһуйууну сүрүн сорук оҥостубута. Индигир оскуолатын бүтэрбит уолаттар үлэһит, техникаҕа сыстаҕас, барыны бары сатыыр буолан тахсыбыттара.

80-с сыллардаахха спортсаала, мастарыскыай тутуулара, оскуола салҕааһыннара, таас өстүөкүлэ оранжерея — манна барытыгар оҕолор быһаччы кыттыыны ылаллара.

 

Урут совхоз саҕана «Победа» саамай бөдөҥ отделение этэ. Онно оскуола обургу оҕолоро эмиэ улахан төһүү күүс буоларбыт. Күһүн хотон сыбаҕар тахсарбыт, саас хотон хаарын түһэрэрбит, кыһын өрөбүллэргэ ыанньыксыттары солбуйарбыт, күһүн сүөһү өлөрүүтүгэр улахан кылаас оҕолоро оскуола кэлэктиибин кытта тэҥҥэ сылдьарбыт. Саас араас хабааннаах субботниктар буолаллара, сайын от үлэтэ. Оҕолор сынньалаҥнарын тэрээһиннээхтик салайан, оҕолор сайын аайы «Тураахый» диэн кэрэ айылҕалаах сиргэ  базаланан ЛТО үлэлиирэ. Бу билигин биһиги оскуолатааҕы оҕо сааспыт саамай кэрэ өйдөбүлэ буолар.

 

Кыра дьоҕус бөһүөлэк буолан оскуола хас биирдии үөрэнээччитин, кини үөрэххэ сыһыанын, дьоҕурун барытын билэрэ. Бэйэбэр туһулаан эттэххэ, мин Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ буолуубар кэргэннии Брызгаловтар университеттарын ааспытым төһүү буоллаҕа. Николай Алексеевич кэргэнэ РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна  РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, учууталлар Учууталлара Александра Иннокентьевна тылга тапталы уһуйбута. Николай Алексеевич биһиэхэ үрдүкү кылаастарга литератураны үөрэппитэ. 80-с сыллар бүтүүлэригэр дойдуга уларыйыы-тэлэрийии саҕаланан, «бобуулаах» суруйааччылар айымньылара көтүрүллэн, учууталбыт ааҕарга, үөрэтэргэ интэриэһи көбүтэн, умсугуйан туран ааҕарбыт, эбии литератураны хасыһарбыт.

 

Директорбыт оҥорбута-туппута барыта бигэ, бөҕө-таҕа, ситэри-толору. Ол киһи дэбигис өйдөөн көрбөт да түгэннэригэр көстөр. Түөрт сыллааҕыта үөрэнээччилэрэ учууталбыт, дириэктэрбит сырдык аатын үйэтитэр бюст туруоруутугар ыҥырыллан сылдьыбыппыт. Онно аҕыйах хатыҥтан саҕалаан бүтүн хатыҥ чараҥ буола үүммүт оскуолабыт иннэ, эчи, кэрэтин, сиэдэрэйин! Бу барыта эмиэ мээнэҕэ буолбатах, оҕо дьон кэрэни кэрэхсии үөрэнэллэригэр туһуламмыт үлэ түмүгэ.

 

Сыллар-хонуктар ааһаллар. Учууталбыт үгүс оҕону үөрэппит, билиигэ сирдээбит, кэрэҕэ угуйбут, олоххо бэлэмнээх, үлэһит үтүө дьон буоларбытыгар уһуйбут үлэтэ үйэлээх.

Билигин Николай Алексеевич аатын үлэлэбит оскуолата сүгэр, оскуола иннигэр кини бюһа туруоруллубута.

 

Учуууталбыт, дириэктэрбит, ытыктыыр киһибит Николай Алексеевич Брызгалов ыллыктаах тыллара, үлүскэннээх үлэтэ, кэскиллээх санаата биһиэхэ үөрэнээччилэригэр салҕанар. Кини хас биирдиибит сүрэҕэр сахпыт кыыма умуллубат…

 

Валентина Старостина

Читайте дальше