Оройуон хаһыатыгар суруйтарыҥ

СУРУТУУ — 2024

Оройуон летописеһа буолар, 1953 сыллаахтан оройуон олохтоохторо сөбүлээн ааҕар кэрэ кэпсээн кэһиилээх «Индигир уоттара» хаһыакка сурутуу салҕанан бара турар.

2024 сыл бастакы аҥаарыгар:
— тэрилтэлэргэ 1596 солк
— биирдиилээн дьоҥҥо 798 солк
— электроннай подписка 420 солк

Хаһыат оройуон бүгүҥҥү олоҕун, сайдыытын сырдатар, тирээн турар соруктары ааҕааччыларга тиэрдэр аналлаах. Кумааҕы хаһыат суолтата хаһан да сүппэт. Кэм-кэрдии аастаҕын ахсын суруллубут, сотуллубат суруйуулар суоллара-иистэрэ үйэлэргэ хаалар.

Нэдиэлэҕэ биирдэ (бээтинсэҕэ) тахсар кумааҕы хаһыаты таһынан редакция үлэһиттэрэ сонуннары анал сайтка эмиэ таһаараллар — индигируоттара.рф. Ону таһынан WhatsApp ситимигэр икки бөлөхтөөхпүт, Телеграммҥа бэйэбит каналлаахпыт.
Хаһыакка бэчээттэнэр матырыйааллар уонна социальнай ситимҥэ тахсар матырыйааллар уратылаахтар. Матырыйаал барыта ватсапка, Телеграмҥа тахсыбат.Ону таһынан саамай элбэх сонуннаах — нэдиэлэ аайы тахсар «Муома оройуона» МТ пресс-сулууспатын матырыйаала хаһыакка эрэ тахсар.
Ватсапка күннээҕи сонуннар, культурнай, спортивнай тэрээһиннэртэн фото-видеорепортажтар тахсаллар.

Тг-канал биир үчүгэй өрүтэ диэн манна саҥа киирбит киһи канал тэриллиэҕиттэн ыла тахсыбыт постары, публикациялары үөһээ «листайдаан» тахсан төһө баҕарар көрөр кыахтаах. Ол курдук, биһиги ааҕааччыларбыт биһирэбиллэрин ылбыт «Саһарбыт хаартыскалар», «Хоһоон хонуута», «Сынньалаҥҥа» рубрикаларбыт ыраах олорор биир дойдулаахтарбытыгар сылаас ахтылҕан кыымнарын күөдьүтэр.
Биһиги публикацияларбытын атын Тг-каналлар сэргии-сэҥээрэ көрбүттэрин бэйэлэригэр туруоран эмиэ тарҕаталлар  Саамай тарҕаммыт постарбыт муҥутуур сыыппаралара  15 -19 тыһ тахса киһи көрбүтэ. Ол эрэн биһиги сүрүн сорукпут «просмотр туһугар» буолбакка, ааҕааччыларбытыгар кырдьыктаах сонуннары түргэнник тиэрдии буолар.

Биһигини кытта сонуннары бастакынан билиҥ!

Оройуон хаһыатыгар суруйтарыҥ!