Олоҥхо күнүгэр анаан

Чуумпу Кытыл нэһилиэгэр Олоҥхо күнүгэр анаан араас кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Ол курдук, оскуола бибилэтиэкэрэ А.В. Хабарова, алын сүһүөх кылаас учуутала А.А. Онопрова, саха литэрэтиирэтин учуутала Н.В.Соркомова көҕүлээһиннэринэн уонна туруорууларынан оҕолор В. Каратаев «Модун Эр Соҕотох» олоҥхоттон быһа тардыыны толорон нэһилиэнньэҕэ көрдөрдүлэр. Туруорууга Ю.А. Слепцов аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ А.П. Никулина, М.М. Эверстова, Р.Ю.Макаров күүс-көмө буоллулар. Көрөөччүлэр оҕолор оонньуулларын сэҥээрдилэр, олоҥхо дьоруойдарын көрөн сэргэхсийдилэр.
Оскуолаҕа үөрэнээччилэр үс хамаандаҕа арахсан, Үөһээ, Орто, Аллараа дойду уруһуйдарын оҥорон күрэххэ кытыннылар.
Аҕам саастаах Далбар Хотуннар Дайыыла Силэпсиэп «Көтөр Мүлгүн» олоҥхотун быһа тардан кинигэттэн ааҕан иһитиннэрдилэр.
Уһуйаан иитиллээччилэрэ уопсай тэрээһиннэртэн хаалсыбакка, эмиэ олоҥхону толорууга холоннулар. Кырачаан дьоҥҥо төрөппүттэрэ, убайдара, эдьиийдэрэ, иитээччилэрэ олоҥхоттон быһа тардыыны көрдөрөн норуот айымньытыгар интэриэһи тартылар.

Людмила Стручкова.

Читайте дальше