Муус устар 21 күнүгэр Арассыыйаҕа олохтоох бэйэни салайыныы күнэ бэлиэтэнэр. Биһиги оройуоммутугар олохтоох бэйэни салайыныы инники кирбиитигэр дьахталлар салайбыт үтүө кэмнэрэ баара. 2007 сыллаахха ыытыллыбыт олохтоох быыбардар түмүктэринэн Улахан Чыыстай нэһилиэгэр Анна Иннокентьевна Саввина, Төбүлэх нэһилиэгэр Марианна Егоровна Соркомова, Соболоох нэһилиэгэр Анастасия Николаевна Парфенова баһылыгынан талыллыбыттара. Бүгүн мин кинилэртэн билигин оройуоҥҥа нотариуһунан үлэлиир Анна Иннокентьевнаны көрсөн кэпсэттим:
– Анна Иннокентьевна, эн төрөөбүт нэһилиэккэр бэйэни салайыныы саҥа сайдан эрэр уустук кэмигэр
баһылыгынан талыллан айымньылаахтык үлэлээбитиҥ. Ол кэмнэри ахтан-санаан ылыахха эрэ.
– Үөскээбит дойдубун таптаан, дойдум тупса-сайда турарыгар күүспүн-сырабын биэрбитим диэхпин сөп. Улахан-Чыыстай аҕам Иннокентий Егорович Слепцов төрүт дойдута. 2007 сыл ахсынньы 3 күнүттэн 2012 сыл алтынньы 15 күнүгэр дылы Улахан-Чыыстай нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбитим. Нэһилиэккэ олорор, үлэлиир усулуобуйа баар буоллаҕына эдэр ыччат олохсуйар, ыал буолар, оҕо-уруу тэнитэрэ биллэр суол. Маны тэрийэр үлэни солбуйааччыбын Юрий Георгиевич Тарабукины кытта саҕалаабыппыт. Дьаһалтаҕа үлэһиттэр тиийбэт этилэр. Үп үллэрэр, юридическай боппуруостары сүрүннүүр сүрүн исписэлиистэр, сэкирэтээр суохтара. Бастаан утаа ону барытын бэйэм оҥорор этим. Онуоха юридическай, финансовай үөрэхтэрим көмө буолбуттара. Үлэлиир усулуобуйа тупсаран, саҥа компьютернай, офиснай техника, миэбэл ылбыппыт, «АИС Поселение», ЗАГС компьютернай программалары туруортарбыппыт. Хонтуорабытын Корякин К.В. биригээдэтэ өрөмүөннээбитэ.
– Баһылыктар бэйэ-бэйэҕитин кытта билсэр этигит дуо?
– Муома оройуонун нэһилиэктэрин икки ардыларынан түһэрсибит Сөбүлэҥмитинэн уоппут атастаһыытын олохтообуппут. Оччолорго Индигир нэһилиэгин Иннокентьев Н.А., Муома нэһилиэгин Андреев А.В., Чыбааҕылаах нэһилиэгин Черов Ю.П., Соболоох нэһилиэгин Парфенова А.Н., Төбүлэх нэһилиэгин Соркомова М.Е. салайаллара. Тустаах Сөбүлэҥ чэрчитинэн Индигир, Чыбааҕылаах, Муома нэһилиэктэригэр тиийэн үлэ хаамыытын кытта билсибиппит, уоппут атастаспыппыт.
Баһылыктар Улахан-Чыыстайга эмиэ кэлэ сылдьыбыттара. Уоппут атастаһыытыгар оройуон иһигэр эрэ буолбакка Уус- Алдан, Нам нэһилиэктэригэр сылдьан киэҥ сиргэ муниципалитеттар хайдах дьаһанан олороллорун көрөн-истэн үлэбитигэр туһаммыппыт.
– Олохтоох депутаттары кытта хайдах үлэлиир этигит?
– Баһылык нэһилиэк сэбиэтин депутаттарын кытта ыкса үлэлиир, депутаттар ылыммыт быһаарыныыларын толорор уорган буолар. Мин үлэлээбит кэммэр Старкова А.Г, Парилов А.С., Громов А.В., Васильева А.И., Дегтярева Р.Г., Слепцов Г.П., Дьячкова Е.Е., Дьячков В.Х., Данилов Э.П., Хабаров Е.Е., Иванова Н.Н. депутаттаабыттара, куруук сүбэлэһэн бииргэ үлэлиирбит. Нэдиэлэҕэ биирдэ нэһилиэнньэни кытта көрсөн быыбардааччылар накаастарын хомуйан үлэ ыыталлара, ханна кыһалҕа үөскээбит сиригэр тэҥҥэ сылдьаллара. Сессияларга хас биирдии боппуруоһу сиһилии ырытарбыт, нэһилиэк кыһалҕатын барытын эндэппэккэ билэ олороллоро. Нэһилиэкпит территориятын ТТП (территория традиционного природопользования) оҥотторбуппут.
– Олох эргийэр киинэ, оҕо-аймах мустар, тоҕуоруһар сирэ оскуола буолар.
– Чыыстайга оскуолабыт уулаах сиргэ турар буолан муоста анныгар уу мустар этэ. Инньэ гынан акылаата хамсаан, хас да салҕааһыннаах сирдэринэн истиэнэтэ атан тымныы буолара. Элбэх туруорсуу кэнниттэн саҥа оскуола тутуута
саҕаламмыта. 2008 сыллаахха аан дойдуга кириисис буолан оскуола тутуутугар бэриллибит харчы тиийбэккэ тутууну «тоҥорон» кэбиспиттэрэ. Бу боппуруоһу оннуттан хамсатарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тас дьыалалар департаменнарын салайааччыта Мигалкин А.В. Москваҕа баран эбии үп булан улаханнык көмөлөспүтэ. Правительственнай хамыыһыйаны бэйэтинэн салайан кэлэн 15 пууннаах уураах ылыллыбыта. Бу уураах сүнньүнэн оскуолабыт тутуллубута, подрядчик оскуоланы туттаран барарыгар Беларус тыраахтары оскуолаҕа бэлэхтээн барбыта. Бу тыраахтар котельнайга чох астарарга үлэлээн бэйэтин кэмигэр улаханнык абыраабыта. Оскуола толору хааччыллыылаах буолан фекальнай массыына биэрбиттэрэ, инньэ гынан олохтоохтор дьиэлэригэр ванна, туалет киллэрэр усулуобуйалара үөскээбитэ. Улуус баһылыгын солбуйааччы Слепцов Нь.Е, үөрэҕирии управлениетын начальнига Керемясова Т.Е. өйөбүллэринэн табаһыттар оҕолоругар оскуолаҕа 15 миэстэлээх интернат астарбыппыт.
– Суол – тыын боппуруос хайдах быһаарыллар этэй?
– Кыһыҥҥы суол туруор дылы Тирэхтээх үрэххэ, таас үрэхтэринэн туораан Магадан трассатыгар тахсан киин сирдэргэ баран аһыыр ас, тутуу матырыйаалларын, араас табаары тиэйэрбит, суол кытыытыгар баар таба ыстаадаларыгар барарбыт. Николай Ильич Слепцов «Искра» сопхуоһу салайар сылларыгар Сиэн Төрдүттэн Тирэхтээххэ киирэргэ оҥотторбут 7 килэмиэтир усталаах, таастан кутуллубут суола сүүрбэттэн тахса сыл өрөмүөнэ суох туран хас да сиринэн сир уута быһыта сүүрэн айаннырга кыһалҕалары үөскэтэрэ. Олохтоох суоппардары түмэммин бу суолга таас куппуттара, миэстэтигэр баран ый аҥаарын кэриҥэ олорон үлэлээбиппит. Дьаһалтаҕа ылбыт погрузчик тыраахтарбыт бу тэрээһиҥҥэ төһүү күүс буолбута. «Индигир суоллара» тэрилтэни Чыыстайтан төрүттээх Андрей Егорович Слепцов салайара. Сөбүлэҥ түһэрсэн үлэлээбиппит. Төрөөбүт дойдута сайдарыгар баар күүһүнэн көмөлөһөр этэ. Аэропорт балаһатын хаарын чиҥэтэргэ тыраахтары биэрэрэ, автозаправка нэһилиэккэ суох буолан нэһилиэнньэ кыһалҕаны көрсөрө, Андрей Егорович ону өйдөөн бензовоһунан оттугу аҕалтарара. Хонууга самолет көппөккө хаайтарыы буоллаҕына, араас күрэхтэһиилэргэ, гастролларга вахтовканан дьону тиэйтэрэрэ. Андрей Егорович суол тэрилтэтин салайааччытын Чыыстайга аҕалан Тирэхтээхпит суолун оҥорорго харчы бэриллэрин ситиспиппит. – Улахан Чыыстай нэһилиэгэ таба иитиитигэр оройуоҥҥа бастыҥмыт буолар.
– Олохтоохтор төрүт дьарыктара — таба иитиитэ. Таба ахсаанын ааҕыыга, харааллааһыҥҥа дьаһалта үлэһиттэрэ,
депутаттар ыстаадаларга бараллара. «Мааҕыр» община кыстыыр сиригэр дьоҕус база туттарбыппыт. Өр кэм кэнниттэн 2008 сыллаахха табаһыттар бырааһынньыктарын ыыппыппыт. Удьуор табаһыт Слепцов Валентин Егорович бырайыагынан биэс этаптаах комбинированнай эстафетаны аан бастаан ыыппыппыт кыттааччы да, көрөөччү да биһирэбилин ылбыта. Үгэс курдук бырааһынньык аэропорт балаһатыгар ыытыллара. «Искра» сопхуос саҕана ыытыллар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин Спартакиадаларын ыытыыны саҥа дьыллааҕы уһун сынньалаҥнарга сөргүппүппүт. Күрэхтэһиини таһынан зоотехническай, ветеринарнай, экономическай үөрэхтэри ыытарбыт. Ынах, сылгы сүөһү иитиитигэр от оттооһуна күчүмэҕэйдэрдээх буолара. Суубуотунньук тэрийэн окко КФХ көмөлөһөрбүт. Анал программаларга кытталларыгар сүбэлээн докумуон өттүгэр көмө оҥорорбут. Биирдиилээн дьон куурусса, сибиинньэ туталлара. Элбэх ыал теплица, оҕуруот олордон эбии дохуоттаналлара. Сайыҥҥы өттүгэр араас үүнээйи, сибэкки олордон тэлгэһэлэрин киэргэтэр ыаллар икки ардыларыгар күрэх ыытарбыт. – Оччолорго эһиги нэһилиэккитигэр бэрт элбэх тэрээһиннэр ыытыллаллара.
– Биир улахан тэрээһининэн 2010 сыллаахха Чыыстайга ыыппыт Российскай Федерация эбээннэрин съезтэрэ, Саха
Өрөспүүбүлүкэтин эбээннэрин съезтэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин табаһыттарын съезтэрэ, «Искра» сопхуоһу тэриллиэҕиттэн салайбыт Николай Ильич Слепцов 80 сааһын, кадровай булчут Слепцова Е.Е.-Долгунча 75 сааһын туолар үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ, эбээн бастакы суруйааччыта Николай Саввич Тарабукин үбүлүөйүгэр анаммыт эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Солнце, зовущее в даль» диэн научнай-практическай кэмпириэнсийэлэрэ ыытыллыбыттара. Манна Францияттан, Москваттан, Хабаровскай кыраайтан, Магадан уобалаһыттан, Новосибирскайтан, Саха Сирин 17 улууһуттан ыалдьыт, кыттааччы кэлэн нэдиэлэ устата араас тэрээһиннэргэ кыттыбыттара. Францияттан кэлэн чуум үлэһиттэригэр суһал көмөнү оҥоруу үөрэҕин ыыппыттара. Олохтоохтор бука бары түмсэн үс сүүстэн тахса ыалдьыты түһэрэн, аһатан- сиэтэн көрсүбүттэрэ. Умнуллубат кэмнэр тосхойбуттара.
– Ыччаты кытта үлэ хайдах хабааннаахтык барар этэй?
– Эт-хаан чэбдик буоллаҕына киһи инникигэ, бэйэтин кыаҕыгар эрэлэ бөҕө, күүстээх буолар диэн санааттан, спорт
сайдыытыгар үлэни ыытарбыт. Саҥа оскуола тутуллубутугар эргэ оскуола спортивнай саалатын нэһилиэнньэ
дьарыктанарыгар хаалларан дьаһалта балансатыгар ылан ититиитин, уотун төлүүр гына оҥорбуппут. Туспа тэрилтэ гынарга штат, үп-харчы суоҕуттан сынньалаҥ киинин кытта холбоон культурнай-спортивнай киин тэрийэн «Чикти» эбээннииттэн тылбааһа «инники сылдьааччы, бастыҥ» диэн ааттаабыппыт. Бу киин аһыллыытыыгар бырааһынньык тэрийбиппит. Ыаллыы сытар Үөһээ Халыма, Өймөкөөн улуустарыттан спортсменнар, художественнай самодеятельность кыттыылаахтара, нэһилиэктэр баһылыктара кэлэннэр спорт национальнай көрүҥнэригэр күрэхтэспиттэрэ, кэнсиэрдээн, хотугу үҥкүү туруорааччылар конкурстарыгар, «Мэҥэн инма» диэн быыстапкаҕа кыттан сүргэлэрэ көтөҕүллэн барбыттара.
Граннары кытта үлэ саҥа үөдүйэн эрэр кэмэ этэ. Дьиэ кэргэн сылыгар грант суруйан Дьиэ кэргэн спортивнай площадкатыгар харчы ылбыппыт. Учуутал Иванов Юрий Гаврильевич бырайыагынан, көҕүлээһининэн оҥоһуллубут спортивнай былаһаакканы силигин ситэрэн биэрбиппит. Ол курдук эбии оҕолор оонньуур былаһааккалара уонна сүүрэр суол бетонунан кутуллан оҥоһуллубуттара. Эдэр ыччат сылыгар сынньалаҥ пааркабытын грант сүүйэн сөргүппүппүт, «Дюлдэ» диэн аат иҥэрбиппит, эбээннииттэн тылбаастаатахха «кэнэҕэскибит, эдэр ыччаппыт» диэн. Кымыс түһүлгэтэ, спортивнай күрэхтэр трибуналара, паарканы эргийэ күрүө, алгыстыыр сир, оҕолор оонньуур былаһааккалара уонна киин сабыылаах сцена, олорор өйөбүллээх ыскамыйалар оҥоһуллубуттара.Илэҥ үрэх кытылыгар эдэр ыччаттары кытта баран Өймөкөөн, Муома, чуолаан Улахан-Чыыстай нэһилиэгин границаларыгар кордон дьиэтин туппуппут. Бу экологическай акция чэрчитинэн ааспыта. Кылгастык ахтан-санаан аастахха ити курдук. Бу үлэлиир кэммэр дьиэ кэргэним улахан өйөбүл буолбута. Биир санаалаах доҕотторум, үөлээннээхтэрим көмөлөрүн махтана саныыбын.
– Анна Иннокентьевна, бэйэни салайыныы ол кэмнэрин сырдаппыккар махтанабын. Түгэнинэн туһанан Арассыыйаҕа олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн эҕэрдэлиибин.
Христина Кривошапкина.