Аныгы олох түргэн тэтиминэн сайдан иһэр. Бииртэн биир саҥа көстүү күннээҕи олохпутугар киирэн истэҕин аайы, дьон-сэргэ бары онно үөрэнэн үлэтигэр, дьиэтигэр туттар мала буолла. Кэлиҥҥи кэмҥэ пилота суох көтөр аппараттары, ордук чуолаан квадрокоптердары, үлэ араас хайысхатыгар, тэрээһиннэргэ хото туһанабыт. Бу көрүҥү маҥнай сонургуу көрөрбүт, билигин бу тэрилэ суох маайдааҕы парадтарбыт, сайыҥҥы айылҕаҕа тахсыыларбыт ааспат буоллулар. Оттон бу аппарааттары баһылыырга анаан хасыһан үөрэтиэххэ наадатын бары өйдүүрбүт буолуо.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Муома орто оскуолатыгар М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет “Мехатроника” учебнай-проектнай лабораториятын салаатын сэбиэдиссэйэ Сергей Михайлович Филиппов преподаватель учууталлары уонна оҕолору пилота суох көтөр аппараттарга (беспилотные летательные аппараты) үөрэтэ, куурустары ыыта кэлбитэ. Кинини кытта көрсөн сэһэргэстибит.
Сергей Михайлович, пилота суох көтөр аппарааттар билиҥҥи үйэҕэ төһө наадаларый?
Аныгы кэмҥэ бу инникитин сайда турар тосхоллоох хайысха буолар. Билигин бу аппарааттары дойду экономикатын уонна норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар туһаналлар. Холобур, мониториҥҥа, тыа хаһаайыстыбатыгар (бааһынаҕа, ыстаадаларга), баһаары умулларыы-га, халаан уутун кэмигэр, сүппүт дьону көрдүүргэ, айылҕа харыстабылыгар, почта, эмп-томп, бородуукта тиксэриигэ, бэл, дьиэ-уот тутуутугар (тепловизордаах квадрокоптер дьиэ ханан сатаҕайын аҕыйах мүнүүтэ иһинэн быһаарыан сөп).
Хотугулуу-Иллиҥҥи федеральнай университекка беспилотник идэлээх дьону үөрэтэр анал үөрэх баар дуо?
Оннук чопчу анал идэлээх устудьуоннары үөрэтэн таһаарар салаа билиҥҥи кэмҥэ суох эрээри, университет иһинэн “Пилота суох көтөр аппарааттар систиэмэлэрин киинин” (БАС) аспыппыт. Беспилотниктары кытта үлэлэспиппит икки сыл буолла.
Кииҥҥэ кэлбит баҕалаах дьону туһааннаах тэриллэринэн үөрэтэбит. Араас үөрэх тэрилтэтин устудьуоннара, сотрудниктар кэлэн анал аппарааттары туһанарга үөрэнэллэр, научнай үлэлэригэр көмөлөһөбүт, күрэхтэргэ бэлэмниибит. Устудьуоннарга факультатив баар, онно күрэхтэргэ уонна уопсай сайдыыларыгар анаан дьарыктаналлар. Үөрэниэн баҕалаах киһи ким баҕар кэлиэн сөп, дьон көмө көрдөөтөҕүнэ көмөлөһөбүт.
Туттар-үөрэтэр тэриллэргит хааччыллыыта төһө баарый, хайдаҕый?
Кыралаан наадалаах туттар малбытын ылан иһэбит. Быһа холоон түөрт мөлүйүөн курдук суумалаах грант кыайбыппыт, онон бастакы атыылаһыы оҥорбуппут. Онно квадрокоптер эрэ буолбатах, бытархай сапчаастар, туттар тэриллэр, компьютердар киирэллэр. Олорор дьиэлэртэн, куораттан тэйиэс, аһаҕас сиргэ тахсан аппарааттарбытын көтүтэбит, онно күүстээх улахан аккумулятордар наадалар, олору ылбыппыт. Саҥа дьыл кэннэ граҥҥа кыттыахпыт, онно кыайдахпытына, эбии наадалаах тэриллэрбитин ылыахпыт.
Дьону үөрэтэр буолан, бэйэҕит эмиэ куурус бараргыт буолуо дии?
Университекка билигин икки преподаватель буолан сылдьабыт. Биһиги Самараҕа, Новосибирскайга, Южно-Сахалинскайга пилота суох көтөр аппарааттары баһылыырга анаан үөрэммиппит. Ол билиибитин Саха сирин дьонугар тарҕатабыт.
ХИФУ универститетын иһинэн маннык хайысханан дьарыктанар икки эрэ преподаватель баар эбит. Олортон биирдэскит бу Муомаҕа кэлэн үөрэтэ сылдьаҕыт. Тоҕо Муоманы чуолаан таллыгыт?
Муома оройуона “Мин бастакы идэм” диэн региональнай бырайыак кыттыылааҕа буолан, Муома орто оскуолатын кытта (дириэктэр В.В. Тихонова) дуогабар түһэрсэн кэлбитим. Оскуола уонна оҕо айар дьиэтин (дириэктэр Т.И. Анисимова) Айти-киинин анал техническэй тэриллэрин көмөтүнэн үөрэтиигэ сөптөөх усу-
луобуйа олохтоммута. Бэйэм туох баар туттар малбын төһө кыайарбынан, сатанарынан аҕаллым.
Биһиги атын сирдэргэ улаханнык тахсыбаппыт, кииммитигэр дьон үксүн бэйэлэрэ үөрэнэ кэлэллэр. Атын оройуоннартан кэлин Горнайга уонна Анаабырга сылдьыбыппыт. Муома – иккис хотугу оройуоммут буолар.
Муома оҕолорун уонна учууталларын үөрэтииҥ туһунан санааҥ.
Оҕолор уонна учууталлар оскуолаҕа түөрт күн сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы үөрэннилэр. Уопсайа 7 учуутал, 25 оҕо үөрэннэ. Бу “Мин бастакы идэм” бырайыак саҥа саҕалааһына буолар. Бырайыак муус устар 30 күнүгэр дылы салҕанар, биһиги кииммит өссө да салгыы үлэлэһэр.
Учууталлары кытта техническэй чааһын ырыппыппыт, аппарааттары хайдах туттары, таҥары быһаарбытым.
Оҕолору мин үксүн оператор курдук үөрэттэҕим дии. Ол эрээри иккис күммүтүгэр үөрэнээччилэр ханнык хайысхаҕа ордук сатабыллаахтара биллибитэ. Ким эрэ аппараатынан трюк сатаан оҥорор, ким эрэ түргэнник көтүтэр, ким эрэ оператор быһыытынан дьоҕурдаах, видео устарга үчүгэй. Оҕолор ханнык салааҕа дьоҕурдаахтара тута биллэр. Пилота суох көтөр аппарааттар (БПЛА) оператора диэн анал тэрили сатаан көтүтэр, салайар, алдьаннаҕына оҥорон биэрэр киһи буолар.
Оҕолору кытта салгыы дьарыктаныахха сөп. Билиилэрин дириҥэтэр баҕалаах оҕо элбэх.
Муома сирин туһунан санааҕыт.
Наһаа үчүгэй көстүүлээх дойду. Саамай сөбүлээбитим – Ю-хайа. Манна дьон олус элэккэйдэр эбит. Үөрэнээччилэр көхтөөхтөрө үөрдэр, тохтобул, уоскулаҥ кэмигэр, бэл, кэлэн ыйыталаһаллар, билбэттэрин туоһулаһаллар. Учууталлар эмиэ кэлбит киһиэхэ эйэҕэс, истиҥ сыһыаннаахтар.
Бу хайысха сайдарыгар, кылаабынайа, үп-харчы көрүллүөн наада курдук. Ол туһунан санааҥ.
Биһиги университеппыт федеральнай буолан син үп-харчы көрүллэр. Бу хайысха салгыы сайдар чинчилээх. Саха сиригэр пилота суох көтөр аппарааттары туһаныы уруккуттан баар эрээри, аҕыйах үс сыл иһигэр өссө күүскэ сайынна, өрө тахсан кэллэ. Оҥорон таһаарыы, тиэйтэрэн аҕалыы түргэтээтэҕинэ, олохтоохтор манна үөрэннэхпитинэ, күннээҕи көстүү буолуо, дьон бары буолуохтааҕын курдук олоххо туттуоҕа.
Бу биһиги инники сайдыыбыт буолар.
Сергей Михайлович, кэпсэтиибит иһин махтанабын. Ситиһиилээх үлэни, табыллыыны баҕарабын.
Татьяна Данилова.